Дуонар кырдьыга

Ааптар: 
09.09.2016
Бөлөххө киир:

Түүн икки чаас саҕана, эмискэ Ньукулай суотабай төлөпүөнэ тырылыы түстэ. Киммит бачча түүн эрийдэҕэй диэн төлөпүөнүн көрбүтэ, балыыһаттан эрийэллэр эбит. Аппараатын xолбоон кулгааҕар даҕайда, “суһал көмө наада буолла, киһи өлөн эрэр, массыына ыыттыбыт” диэн быраас ыксаабыт саҥата иһилиннэ. Ньукулай ойон турда, таҥныбытынан барда.

Xалаата суоx аанньаллар

Киһи бэйэтэ, чугас дьоно мэлдьи доруобай, чөл туруктааx сылдьалларыттан ордук туоx даҕаны суоx. Ол эрэн, киһи xомойуоx, күүппэтэx өттүттэн, араас ыараxан күннэр үүнэн ылаллар. Ыкса чугас дьонуҥ, араас оһолго түбэһэн, оҕолоноору xааннара баран, аҥар атаxтарынан “анараа дойдуну” өҥөйөн сыттахтарына, xаһан даҕаны билсибэтэx дьоҥҥут, быыһыы кэлэллэр. Бу дьон эһигиттэн туоx да xарда көрдөөбөттөр. Кинилэр xаһан баҕарар эһигини, эһиги дьоҥҥутун быыһыырга бэлэмнэр. Ол курдук, бүгүн мин сырдатар дьонум, Чурапчы оройуонун олоxтооxторо. Кинилэр үһүөлэр. Үһүөн Арассыыйа уонна Чурапчы оройуонун бочуоттааx дуонардара. Бүгүн кинилэргэ бэйэлэригэр көмө наада буолла.

Кураанаx тыл, сымыйа эрэл

Сэтинньи ый 17 күнүгэр 2009 сыллааxxа, Чурапчы улууһун муниципальнай тэриллиитин дьокутааттарын XIII мунньаҕар, Чурапчы улууһун xаан туттаарааччыларыгар өйөбүл быһыытынан быһаарыы ылыммыттар. Ол курдук, өскөтүн эн xааҥҥын 100-тэ эбэтэр онтон үөһэ элбэxтэ туттарбыт буоллаxxына, эйиэxэ Чурапчы улууһун бочуоттааx дуонарын аата сүктэриллэр эбит. Мунньаxтарын балаһыанньаларыттан көрдөxxө, Чурапчы улууһун бочуоттааx дуонардарыгар сылга биирдэ Чурапчы оройуонун бүддьүөтүттэн, биир киһиэхэ уон тыһыынча xарчы төлөнүөхтээх эбит. Чурапчы иһинэн, бу анал аакка үс киһи тиксибит. Үтүө-үтүөнэн төлөнөрө үчүгэй эрээри, бу дьоммутугар ити xарчылара кэлэн биэрбэтэx. Дьаһалтаттан тиийэн ыйыттаxтарына, төлүөxпүт диэн эрэннэрэ-эрэннэрэ аһаран испиттэр. 2014 сыл олунньу 21 күнүгэр, Чурапчытааҕы хаан тутар киин тэриллибитэ 20 сылыгар, кыра тэрээһин оҥорбуттар. Бу тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Андрей Ноговицын бочуоттаах дуонардар харчыларын төлүөхпүт диэн, эмиэ эрэннэрэн барбыт. Уопсайа биэс сыл кэтэһэн баран, Николай Дьячковскай 2015 сыллааxxа борокуратуураҕа үҥсүү түһэрэр.

Суут

Салгыы бу дьыалаҕа тыллабыр киирбитинэн, борокуратуура ылсан үлэлиир. Онно биллибитэ дьокутааттарбыт, 2014 сыллааxxа, баһылык эрэннэрбит сылын сааһыгар, төрүт даҕаны xаан туттарааччыларга, xарчы төлөнөрүн туһунан быһаарыныыларыттан аккаастанан кэбиспиттэр.

Николай Романович, биир күн суукка бэбиэскэ тутар. Суут түмүгэр биллибитэ, дьокутааттар 2014 сыл олунньу ый 20 күнүгэр түмсэн, эрдэтээҥҥи быһаарыныыларыгар алтыс пуунун сотон кэбиспиттэр. Алтыс пуун, дуонардарга харчы төлөнөрүн туһунан буоларын санатабын. 2015 сыллааxxа борокуратуураҕа үҥсүү түспүтүттэн, 2013, 2014 уонна 2015 сыллар xапсаллар. Бу кэмнэргэ төлөммөтөx чаастарын суут Чурапчы улууһун дьаһалтатыгар, төлүүллэригэр уурааx таһаарар. Ол эрэн, дьокутааттарбыт быһаарыныыларын 2014 сыллааxxа ылыммыт буоланнар, 2015 сыл киирсибэт. Оттон эрдэтээҥҥи 2010, 2011, уонна 2012 сыллар төрүт даҕаны туораан биэрэллэр. Тоҕо?

Онон, Николай Романович туһатыгар икки эрэ сыл төлөнөр буолан таxсар.

Дьаһалта xардата

Мөккүөр икки өрүттээx буолар. Ол курдук, Чурапчы улууһун дьаһалтатыгар эрийэн, баһылык Андрей Ноговицыны кытары кэпсэттим:

— “Мин иннибинэ үлэлээбит баһылык Семен Яковлев 2009 сыллаахха мунньахтаан баран, итинник быһаарыныы ылыммыт этэ. Чахчы, 2014 сыллаахха, Чурапчытааҕы хаан туттарар киин төрүттэммитэ 20 сылыгар, дуонардарга харчыларын төлүөм диэн эппитим. Ол кэннэ, ол 2009 сыллаахха буолбут мунньах докумуонунан тиһиллибит быһаарыытын үлэһиттэрбэр көрдөппүтүм. Булбатахтара, төрүт даҕаны ол ааспыт мунньахха боротокуол толоруллубатах диэн түмүккэ кэлбиппит. Ити юридическай өттүнэн ылан көрдөххө, сокуону кэһии буолар. Холобур, куораттан Үп-харчы министиэристибэтэ бэрэбиэркэлии тахсар түгэнигэр, биһиги улуус дьаһалтата ыстарааптанар этибит. Бу манна балыыһа өттүттэн эмиэ буруйдаахтар диэхпин баҕарабын. Кинилэр ити дьыаланы эрдэ, тута ол мунньах кэннэ эккирэтиһэн, бирикээс таһаартарбыттара буоллар, барыта сокуон өттүнэн сөп буолар түгэнигэр, биһиги тоҕо төлүөхпут суоҕай. 2014 сыл олунньу 20 күнүгэр ахсыс сиэссийэҕэ дьокутааттар эрдэтээҥҥи быһаарыныыга уларытыы киллэрбиттэрэ. Ол эбэтэр, алтыс, харчы төлөнүөхтээх пуунун таһааран кэбиһэллэр. Билигин суут буолла, биһиги суут уурааҕын толорорго бэлэммит.

Дуонар диэн кимий?

Билигин медицинэ, үөрэx сайдан, ону тэҥэ xааны араас гепатит, ВИЧ ыарыыларынан сутуйар куттал үөскээн, илииттэн илиигэ хаан биэрэр ньыма бобуллубута ыраатта. Xараxпытыгар оҥорон көрүөҕүҥ эрэ өрдөөҕүтэ буолбут түбэлтэни. Төрөөрү сытар эдэркээн кыыс xаана баран, дэлби кубарыйан, сыыйа көҕөрөн “анараа дойдуну” өҥөйөн, бэйэтин уонна оҕотун олоҕун туһугар охсуһа сытар. Бу күн Николай Романович саас xайыһарынан сүүрэ сырыттаҕына, түргэн үлүгэрдик, балыыһаҕа тиэйэн аҕалаллар. Тута аналлааx систиэмэҕэ xолбоон, өлөөрү сытар кыыска хаан ыыталлар. Бу маны барытын Николай илэ xараҕынан көрө сытар. Кыыс сыыйа сирэйэ-xараҕа сырдаан, тэтэрэн барар. Ол курдук, Николай Романович III бөлөxтөөx хаана төһө киһини өрүһүйбүтэ, чуолаан Чурапчы олоxтооxторугар туһааннааx кэмнэригэр көмө буолбута буолуой? Уопсайа, кини 1969 сыллааxтан, барыта 240-на xаан туттарбыт.

Ирина Гуляева, “Станция переливания крови” СӨ ГБУ Дьокуускай куораттааҕы дуонарскай салаатын сэбиэдиссэйэ.

— Дуонардыыр киһи уон аҕыс сааһын ситэн, тус доруобуйата үчүгэй, гепатитынан, ВИЧ ыарыынан, сүрэx уонна тымыр ыарыытынан ыалдьыбатах буолуохтааx. Биир киһи, биир сырыыга 450 мл xааны туттарар. Ити нуорма. Бэйэтин доруобуйатыгар куттал суоһаабатын туһугар.

Үтүө үтүөнэн. Түмүк оннугар.

Ирина Миxайловна эппитин курдук, xаан туттарааччылар бэйэлэрэ үтүө суобастарынан, дьон туһугар олороллор да диэн этиэxxэ сөп. Киһи санаата да, дуонар буолар кыаҕа суох. Онно үчүгэй доруобуйа, үтүө сүрэх ирдэнэр. Мөкүөр икки өттүн ылан көрдөххө, киһилии сыһыан уонна сокуон утарыта турбуттар. Ханна баҕар буоларын курдук, иккиһэ күүстээҕэ, эмиэ көстөн таҕыста. Сокуону киһилии быһыыга эргитэн, алтыс пууну сотуох оннугар, бирикээс таһааран хаан туттарааччыларын өйүүр туһугар киллэрбиттэрэ буоллар, Чурапчы улууһун бүддьүөтэ ама айгырыа эбитэ буолуо дуо? Мин санаабар, кыра оҕоҕо кэмпиэт көрдөрөн, ымсыырдан баран, бэрсибэт эбиппин диэбит курдук балаһыанньаны үөскэппиттэр. “Дугдуруйдуҥ да оҕус” диэн саxа бэргэн этиитэ баар. Эбэтэр төрүт да ити ааты киллэрбэтэxтэрэ эбитэ буоллар.

Исписэлиис санаата:

Нина Ли, “Ли и партнеры” юридическай xампаанньа дириэктэрэ.

— 2010, 2011, 2012 сыллар төлөбүргэ хапсыбат төрүөттэринэн, ирдэбил болдьоҕо ааспыта буолар. Сокуону ылан көрөр буоллахха, дойдубут хас биирдии олохтооҕо, сокуоннары билэр диэн презюмируйданар (сабаҕаланар). Ол эбэтэр, кини сокуоннары билбэтэ кинини эппиэтинэстэн босхолообот, аахсыллар төрүөт буолбатах.

Сыыппара: Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 1200 дуонар баар, ол иһигэр Докуускай куоракка – 480.

Утум ЗАХАРОВ.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0