Дуолан Трофимов: «Олохпор буолбут үтүө уларыйыылары ааппын уларыппыппын кытта ситимниибин»
2000-с сыллар бүтүүлэригэр саха эстрадатыгар ырыаһыт быһыытынан тахсан испит, аатырбыт «Хотугу сулус» телевизионнай куонкурус гран-при хаһаайынын Ваня Трофимовы «билигин тоҕо ыллаабатый?», «ханна тиийдэй?» диэччи үгүс. Редакциябыт ааҕааччыларын көрдөһүүлэринэн, Ваняны булан кэпсэтэргэ сананныбыт.
Ваня Трофимов билигин Дуолан Трофимов диэн ааттаммыт эбит. Ол туһунан уонна олоҕун-дьаһаҕын туһунан сэһэргэһиибитин ааҕыҥ:
— Ваня, билигин ханна бааргыный? Тугу үлэлии-хамсыы сылдьаҕын?
— Дьокуускайга уонтан тахса сыл олорон баран төрөөбүт дойдубар Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр кэлэн, айар-тутар ырыа-тойук эйгэтигэр иккистээн тыын ыламмын үлэлии-хамсыы сылдьабын.
— Айар үлэҥ туһунан кэпсээ эрэ. Быйылгы сылга номнуо хас даҕаны ырыаны сүрэхтээбитиҥ туһунан «Инстаграмҥа» тахсыбыта.
— Мин айар үлэ эйгэтигэр оҕо эрдэхпиттэн уһуйуллан ырыа эйгэтигэр киирдэҕим. Былырыын дойдубар көһөн кэлэн баран, оҕо эрдэхпиттэн өрүү күүс-көмө буола сылдьар учууталбын Мария Сергеевна Семенованы уонна кини кэргэнин Владимир Николаевич Семеновы кытта биир хамаанда буоламмыт ырыа-тойук эйгэтигэр сэмээр үлэлээн-хамсаан эрэбит. Хас даҕаны саҥа ырыаны таһаардыбыт. Өссө даҕаны саҥа ырыалар Сахам сирин дьонугар-сэргэтигэр, истээччилэрбитигэр сүрэхтэнэн тахсар чаастарын кэтэһэн, оҥоһуллан бэлэм сыталлар. Бэрт сотору кэминэн араадьыйа долгуннарыгар, Интэриниэт ситимигэр таһаарыахпыт, тарҕатыахпыт.
— Дуолан Трофимов диэн ааты ылыммыт эбиккин дии. Дуолан диэн псевдоним быһыытынан дуу, ааккын төрдүттэн уларыттардыҥ дуу?
— Миэхэ тус бэйэбэр аат сахалыы буолуохтаах диэн өйдөбүл киирбитэ син балай даҕаны ыраатта. Дьокуускайга олорор эдьиийдэрим миэхэ араас сахалыы ааты барытын толкуйдаан, сахалыы псевдонимна ылын диэн этээччилэр. Былырыын дойдубар Сунтаарга кэлэммин элбэх сахалыы ааты сыымайдаан баран, Дуолан диэн аакка тохтообутум. Аат уларытар судургу дьыала буолбатах эбит. Сөптөөх ааты талар анаан идэлээх киһи ааҕан биэрбитэ. Сэтинньигэ күн сирин көрбүппүнэн түбэһиннэрэн Дуолан диэн аат пааспарбар суруллубута. Онон Дуолан диэн псевдоним буолбатах, туох баар докумуоннарбар барытыгар аатым уларыйда.
— Тус олоххор туох уларыйыылар буоллулар?
— Олохпор буолар уларыйыы-тэлэрийии барыта үчүгэй өттүгэр. Ону барытын ааппын уларыппыппын кытта ситимнээх диэн санаан ылааччыбын. Киһи бу олоххо сырдык эрэ өттүн көрөр, сырдыгы эрэ сырсар буоллаҕына олоҕо эмиэ оннук буолар эбит. Сырдык эйгэлээх үтүө мындыр санаалаах дьону кытта алтыһан бардаххына, эн бэйэҥ эйгэҥ эмиэ сырдаан тупсан барар эбит. Өссө даҕаны олохпор инникитин үтүө, кэрэ, сырдык өттүгэр уларыйыылар баар буолуохтара диэн бигэ эрэллээхпин.
— Кистэлэҥ буолбатах буоллаҕына, инники былааннаргын кытары үллэстиэҥ буолаарай?
— Ханнык баҕарар киһиэхэ инники былаан баар бөҕө буоллаҕа. Ол курдук, миэхэ эмиэ былааннар бааллар, гынан баран бу буола турар быһыы-майгы, пандемия кэмэ кэлэн улахан хааччахтааһыны оҥорор. Инники былааннарбыттан үллэһиннэххэ, быйыл таптыыр кэрэ аҥаарбынаан ыал буолар баҕа санаалаахпыт. Олохпутун холбоон аал уоту оттунар, дьиэ кэргэммитин тэринэр күммүтүн-дьылбытын барытын кэпсэтэн сылдьабыт. Пандемия эрэ атахтаабатар… Барыта этэҥҥэ буоларыгар эрэнэбит. Бу сыл бүтүүтэ, ахсынньы ый саҥатыгар, Саха сирин килбэйэр киинигэр — Дьокуускай куоракка айар киэһэбин оҥорорго сэмээр бэлэмнэнэн эрэбит. Дьаҥ кэмигэр үлэлиир, биллэн турар, ыарахан, ол гынан баран санаабытын түһэрбэппит. Модун санаалаах олох устун салгыы хардыылыыбыт.
Ити курдук дьон-сэргэ сөбүлээн истэр ырыаһыта Дуолан Трофимов олоҕор уларыйыыларын ааҕааччыларбытын кытары үллэһиннэ. Дуолаҥҥа баҕа санааларыҥ барыта туола туралларыгар баҕарабын!
Надежда Ильина, edersaas.ru