Дьиэни кэмигэр тутан бүтэрбэтэх хампаанньа өлүүлэһэн тутууга саҥа дуогабар түһэрсэрэ бобуллуо

Бөлөххө киир:

Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 86 эбийиэк тутулла турар, онтон улахан аҥаара – Дьокуускайга. 22 дьиэ сыбаайата эрэ түһэн турар. Билиҥҥитэ 12 тутуу хампаанньата 21 эбийиэк тутуллан бүтэр болдьоҕун уһата-кэҥэтэ сылдьар, кинилэр ахсааннарыгар «Строймонтаж-2002», «Прогресс» ЖСК, Ньурбаҕа «Тобул» ХЭТ, Чурапчыга «Икки» ХЭТ киирэллэр, оттон «Монолит-строй», «Симиир» олох да моҥкуруут барбыттар. 203 кыбартаалга «РФА-Инвест», «Якутпромстрой» үлэтэ тохтообутун кэнниттэн, кини тутууларын атын хампаанньалар салҕаан, кэмигэр бүтэриэхтээхтэр.

edersaas.ru

Ити үөһэ этиллибит эбийиэктэри бырабыыталыстыба хонтуруолга ылан, дьиэлэр тутуллан бүтэллэрин, нэһилиэнньэ өлүүлэһэн тутууга укпут харчыта умайбатын туһугар үлэ барыахтаах.

Госстройжилнадзор Саха сиринээҕи управлениета тутуу хаамыытын, өлүүлэһэн тутууну, дьиэ-уот туругун, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри Салайар хампаанньалар лицензияларын, дьиэ аннынааҕы ирбэт тоҥу чинчийиини хонтуруоллуур үлэни ыытар.

Уопсайа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн өлүүлэһэн тутууга 62 хампаанньа 110 эбийиэги тута сылдьар. Онтон алтата ыйыллыбыт болдьоҕор бүппэккэ, 136 киһи харчытын уган баран, дьиэтин күлүүһүн ылбакка, эмсэҕэлээбит дьон реестригэр киирбит.

«Арбитражнай суукка үҥсүү киирэн, дьиэни кэмигэр тутан бүтэрбэтэх хампаанньалар аны нэһилиэнньэттэн өлүүлэһэн тутууга харчы хомуйар, саҥа дуогабар түһэрсэр бырааптара быһыллыахтаах. Өлүүлэһэн тутууга саҥа сокуон сыл ахсын кытаатан иһэр. 2019 сыл от ыйын 1 күнүттэн бука бары тутааччылар нэһилиэнньэ өлүүлэһэн тутууга укпут харчытын «Сбербааҥҥа», «Газпромбааҥҥа», «Россельхозбааҥҥа», «ВТБ»-га эскроу-счет арыйан, онно угуохтаахтар. Ол харчыны дьиэни тутан бүтэрдэхтэринэ биирдэ устар кыахтаахтар», — диэн Госстройжилнадзор салайааччыта Наталья Чусовская иһитиннэрдэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0