Дуобат хонуутунан дьоһуннаахтык

Ааптар: 
01.08.2021
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта М.К.Аммосов аатынан ХИФУ успуорт интеллектуальнай оонньууларын киинин дириэктэрэ Юрий Егорович Никифоровы көрсөн кэпсэттим.

Юрий Егорович дойдутугар Хаҥаласка үлэлиир кэмигэр, дуобат федерациятын бэрэсидьиэнинэн талыллан күрэхтэһии бөҕөнү тэрийбиттэрин ахтан-санаан аһарар. 1996 сылтан СӨ дуобат федерациятын халбаҥнаабат вице-бэ­­рэсидьиэнэ. Онон бу өркөн өй оонньуутун дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатыыга ылсан үлэлэспитэ ырааппыт киһинэн буолар.

— СӨ дуобат федерацията 1993 сылтан үлэтин саҥалыы күүскэ тэрийбитэ. Ити кэмҥэ үп миниистиринэн үлэлии олорор Владимир Птицын СӨ дуобакка федерациятын бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. 1994 сыллаахха Дьокуускайга эр дьоҥҥо аан дойду чөмпүйэнээтигэр дойдулаахпыт Александр Азаров үһүс миэстэни ылбыта, гроссмейстер буолбута. Бу ситиһии сүргэни улаханнык көтөхпүтэ, үлэ өссө күүһүрбүтэ. Федерацияны араас сылларга Владимир Кычкин, Александр Романов сатабыллаахтык салайбыттара. Билигин Яков Сидоров ылсан үлэлэтэр. Оҕо эрдэҕиттэн дуобаттаабыт буолан, улахан интэриэстээх. Быйыл Горнайга «Манчаары оонньууларын» кэмигэр, СӨ дуобакка бастакы маастардарыттан биирдэстэрэ, Бэрдьигэстээх олохтооҕо Семен Исаков 85 сааһыгар анаммыт дуобакка өрөспүүбүлүкэтээҕи турниры үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытта.

Манна эбэн эттэххэ, сотору­тааҕыта СӨ саахымакка федера­циятын бэрэсидьиэнинэн Владимир Егоров талыллыбыта саахыматчыттары улаханнык үөртэ. Го оонньууга федерацияны Александр Егоров сала­йар. Билигин бу үс федерация СӨ үрдүнэн успуорт интеллектуальнай көрүҥнэригэр ассоциация тэри­йиэхпитин баҕарабыт.

Сэргэлээх – инники күөҥҥэ

Юрий Егорович салгыы сүрүн үлэтиттэн кылгастык билиһиннэрдэ.

Кини ХИФУ интеллектуальнай оонньууларын киинигэр сүүһүнэн ыччат дьарыктанарын этэр:

— Мин «Куруһаала» атыы-эргиэн киинигэр дириэктэрдии олордохпуна, САССР, СӨ, РФ үтүөлээх тириэньэрэ, дуобакка элбэх чөмпүйүөнү иитэн-такайан таһаарбыт киэн туттар ытык киһибит Николай Николаевич Кычкин «оскуола оҕолоро күрэхтэһиигэ кытталлар. Оттон устудьуон буоллулар да, тохтоон хаалаллар. Ыччаты кытта ха­­йаан да ылсан үлэлэһэр наада», — диэн этии киллэрбитэ, көҕүлээбитэ. Онтон саҕалаан турунан, дуобат федерацията сэргээн, СГУ өйөөн, бу үөрэх кыһатыгар бастаан дуобат федерацията сөргүтүллүбүтэ, кэлин интеллектуальнай оонньуулар кииннэрэ (2012 с.) буолбута.

Университеппыт биһигини өйүүр буолан, ыччаттары күрэхтэһиилэргэ тиһиктээхтик кытыннарабыт. Бу кэм устатыгар 6 оҕо успуорт маастара, 5 ыччат норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах гроссмейстер буоллулар. Манна мин ХИФУ физкултуура уонна успуорт институтугар 2017 сыллаахха үһүс кууруска үөрэнэр Чжао Ханьцин диэн устудьуоҥкабыт Азия чөмпүйүөнэ буолбутун уонна Кытайтан бастакынан норуоттар икки ардыларынааҕы гроссмейстер буолары ситиспитин этиэхпин баҕарабын.

Арассыыйа үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар дуобакка күрэскэ биһиги университеппыт биэс-алта сыл устата бастаата. Биирдэ иккис буолан турабыт. Саахымакка эмиэ миэстэлэһэбит. Оттон Го оонньуу саҥа киирдэ уонна номнуо дьоһун ситиһиилэр бааллар, —  диэн сырдатта.

«Үөрэххэ туттарсарга эбии баал ааҕылларын ситистэрбит»

Кэнчээри ыччаты успуорт интеллектуальнай көрүҥнэригэр умсугутар туһуттан толкуй бөҕөҕө түһэллэрин Юрий Егорович этэр:

— Балачча өр туруорсуу кэнниттэн, университеппыт уон сыл устатыгар ыыппыт олимпиадатыгар 2020-2021 үөрэх дьылыттан “Успуорт интеллектуальнай көрүҥнэригэр үөрэнээччилэргэ олимпиада” ыытыллар буолла. Дуобакка, саахымакка, Го оонньуутугар ХИФУ үрдүк үөрэххэ киирэргэ бэлэмниир уонна профориентация факультетын (ФДОП) кытта көмөлөөн тэрийэбит. Бастакы олимпиадабытыгар 18 эрэги­йиэнтэн, икки тас дойдуттан, барыта 350 оҕо кытынна. Миэстэлэспиттэр, кыайыылаахтар баал ыллылар. Тириэньэрдэргэ ХИФУ проректорын махтал суруктара туттарылыннылар.

Билигин салгыы РФ Үөрэҕин министиэристибэтин кытары кэпсэтии ыытыллар. Олимпиадаҕа ылбыт бааллара Арассыыйа куораттарыгар үөрэххэ туттарсалларыгар эбии баал буоларын курдук туруорсар баҕалаахпыт.

Тириэньэрдэр куурустара

Ю.Е.Никифоров успуорт интеллектуальнай көрүҥнэригэр тириэньэр-педагог хайаан да наадатын бэлиэтиир:

—  Тыа сирдэригэр дуобаттыыр, саахыматтыыр дьон бэйэлэрин баҕаларынан оскуолаларга куруһуоктары ыыталлар. Оттон оҕолору үөрэтэргэ, такайарга ти­­риэньэр-педагог наада. Ол иһин куурус тэриллибитэ. Бастакы кууруспутугар 26 киһи үөрэнэн, 2020 сыл ахсынньытыгар  саахымат, дуобат, Го оонньуу тириэньэр-педагога диэн диплому туппуттара. Манна даҕатан эттэххэ, тириэньэр-педагогтары бэлэмниир хайаан да наадатын олимпиада көрдөрдө. Онон бу кууруска оскуолалар баҕа­лаах учууталы ыыталлара наада, —  диир кини.

Дуобатчыттар ыһыахтара

Успуорт интеллектуальнай оонньууларын өрө тутар дьон күөн күрэһи уонна сынньалаҥы дьүө­­рэлииллэр.

—  1997 сыллаахха Хаҥаласка Төхтүргэ аан бастаан икки күннээх дуобат ыһыаҕын тэрийэн турабыт. Арассыыйаттан, тас дойдуттан ыалдьыттар кэлбиттэрэ. Кинилэр: «Күннэри-түүннэри дуобаттыыр дьон эбиккит» диэн улаханнык сөхпүттэрэ, —  диэн Юрий Егорович ахтар.

Манна даҕаттахха, ахсынньы тымныытыгар таһырдьа күрэхтэһэр дьон, сайыҥҥы куйаастан саллыахтара дуо. Өркөн өй тобуллар оонньуутун пандемия да харгыстаабата. Өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи күөн күрэстэри ааһан, Арассыыйа, аан дойду таһымнаах күрэхтэ­һиилэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыттарын туһунан сырдатылла турар. Билэргит курдук, соторутааҕыта Матрена Ноговицына  дьахталларга аан дойду чөмпүйүөнэ буолан бар дьонун үөртэ.

Салайааччыларга махтал бэлиэтэ — өйдөбүнньүк

СӨ дуобат федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ Юрий Никифоров дуобат, саахымат киинин таһыгар, өркөн өй оонньуутун киэҥник тарҕатыыга сыраласпыт уонна кыһамньыларын ууран үлэлэһэр тириэньэрдэргэ махтал бэлиэтигэр, өйдөбүнньүк оҥорторон туруоруохтарын баҕаралларын этэр.

— Дьокуускай төрөөбүт күнүгэр арыйыахпытын баҕарабыт. Өйдөбүнньүккэ икки киһи олороро оҥоһуллар. Бу САССР, СӨ, РФ үтүөлээх тириэньэрэ, дуобат сайдыытыгар эҥкилэ суох улахан кылааттаах Николай Николаевич Кычкин буолар. Манна даҕатан эттэхпинэ, Кычкиннар дьиэ кэргэнинэн бары улахан дуобатчыттар, үс киһи РФ үтүөлээх ти­­риэньэрэ. Кэнчээри ыччаты ­иитиигэ-такайыыга күүскэ үлэлэ­һэллэр. Н.Н.Кычкины кытта кэк­кэлэһэ дуобаты, саахыматы өрө туппут сэрии бэтэрээнэ, билигин Мархаҕа олорор 98 хаарыгар үктэммит Наум Трифонович Слепцов олороро оҥоһуллар. Кини сөбүлэҥин биэрбитэ. Ытык кырдьаҕас успуорт бу көрүҥэ сайдарын, оҕолор кэрэхсээн дьарыктаналларын туһугар ахсаабат кыһамньытын уурар. Кини көҕүлээһининэн Кыайыы 65 сылыттан сыл ахсын «Бэтэрээннэр уонна ыччаттар» диэн хамаанданан күөн күрэс ыытыллар. Быйыл 76 бэтэрээни кытта 76 ыччат дуобакка, саахымакка күрэхтэстэ. Бу кэнчээригэ үөрүйэҕи иҥэриигэ, дуобаты, саахыматы сайыннарыыга улахан суолталаах, —  диир СӨ дуобат федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ.

Манна 2019 сыллаахха дьахталларга 100 харахтаах дуобакка аан дойду чөмпүйэнээтэ Дьокуускайга буолбутугар, түмүккэ киин таһыгар улахан дуоска аһыллыбытын, онно бастакы партия оонньоммутун сыһыары тутар тоҕоостоох. Бу улахан дуоскаҕа 96 саастаах Наум Трифонович Слепцову кытта Кириэс Халдьаайыттан ос­­куолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир кыайыылааҕа, 6 саастаах Виктория Атакова дуобаттаабыттарын туһунан сырдатыллан турар.

Өйдөбүнньүгү оҥорор эппиэтинэстээх үлэҕэ скульптор Афанасий Романов ылан, Смоленскайга оҥоһуллан кэлиэхтээх диир Юрий Егорович.

— Куорат салалтата, тэрилтэлэр өйүөхтэрин баҕарабыт. Ону сэргэ Сахабыт сирин дьоно көмөлөһөллөрүгэр эрэнэбит. Мындыр өйдөөх, ситиһиилээх дьоммут-сэргэбит ааттара бар дьон билэрин курдук табылыыссаларга суруллуохтара онно успуонсардар эмиэ киллэриллиэхтэрэ. Улахан дуоскаҕа турнирдары оҥоруохпут. Ким  баҕарар манна хаартыскаҕа түһүө, күрэхтэһиини көрүө,  —  диир кини.

Хаартыскалар Ю.Е.Никифоров тиксэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0