Ил Дархан Егор Борисов быйылгы Ил Түмэн депутаттарыгар анаммыт Туһаайыытыгар: “Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үрдүк квалификациялаах механиктары, тырахтарыыстары, агрономнары, бэтэринээрдэри бэлэмнээн таһаарыы — орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларын сибэтиэй эбээһинэстэринэн буолар”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.Соторутааҕыта тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннарын Саҥа дьыллааҕы киэһэлэригэр мин Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕыттан сылдьар биир ыччаты кытта көрсөн баран, Ил Дархан бу маннык санаалаах ыччаттары иитэн таһаарыахха наада диэн бэлиэтээбит эбит дии санаабытым.
Дьулус Говоров быйыл сир сыһыаннаһыытын боппуруоһун быһаарар идэҕэ, нууччалыы эттэххэ, “землеустроитель” идэтин баһылаары 1-кы кууруска үөрэнэр. Эдэр киһилиин кэпсэтиим кини тоҕо чуолаан бу идэни талбытыттан саҕаланна.
Дьулус дьулуһуута мээнэҕэ буолбатах
— Дьулус аатыҥ да үчүгэйэ бэрт эбит. Эн тоҕо тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлииргэ дьулустуҥ?
— Мин оҕо эрдэхпиттэн аҕабын кытта сылгы көрүүтүгэр бииргэ сылдьыбыт буолан, бэтэринээр дуу, технолог дуу буолар баҕа санаалаах этим. Бэһис кылаастан саҕалаан, бааһынай хаһаайыстыбабытыгар баар сылгылары бэйэм испиттэн баҕатыйан кэтээн көрбүтүм. Сылгыны араас өттүттэн кэтиир сүрдээх интэриэһинэй эбит этэ, сыл аайы саҥаттан саҥаны арыйан испитим. Маныаха үөрэммит оскуолам салалтата утары баран, саас сылгы төрүүр кэмигэр аҕабын кытта хас да хонукка барсарбын көҥүллүүрэ, үөрэхпин ситиһэрбэр учууталлар бэйэлэрин предметтэринэн анал сорудах оҥорон биэрэллэрэ.
Хас да сыллаах үлэм түмүктээх буолбута. Хаһаайыстыбабыт сылгыларын кэтээн көрөн, «Инникигэ хардыы» научнай кэмпириэнсийэ кыайыылааҕынан, “Чугуновскай агро-ааҕыы” икки төгүллээх Гран-при хаһаайынынан, Санкт-Петербург куоракка тиийэн, “Интеллектуальное возрождение” научнай кэмпириэнсийэ кыайыылааҕынан буолбутум. Онон тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үөрэнэр баҕам «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэни кытта ыкса сибээстээх. Оскуоланы бүтэрэр сылбар дьоммун кытта сүбэлэһэн баран, ордук сиргэ сыһыаннаһыы боппуруостарын үөрэтэр кэскиллээх буолсу диэн санааҕа кэлэн, тыа хаһаайыстыбатын техникумугар сири үөрэтэр идэҕэ киирбитим. Идэбин кытта ыкса билсэн истэҕим аайы, сөптөөх быһаарыыны ылыммыт эбиппин дии саныыбын. Билигин сир боппуруоһа сытыырхайан турар, сири үллэстии мөккүөрдээх кэмигэр элбэҕи билии, ырытыы олус олус наадалаах эбит.
— Эйиигин аҕаҥ олох кыра сааскыттан бэйэтин туйаҕын хатарарга бэлэмнээбит эбит дии. Ол аата аҕаҥ хаһаайыстыбата эн ааккар көһөр буоллаҕа дии. Бэйэ дьыалатын тэринэн, дьоҕус бизнес эйгэтигэр үлэлиир буоллаҕыҥ?
— Биһиги бииргэ төрөөбүттэр түөрпүт. Онтон үһэ – уол. Хайабыт эрэ аҕабыт тэрийбит хаһаайыстыбатын тутан хаалыахтаах буоллаҕа. Аҕам миигин тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр сыһыаран үлэлэтэргэ эрдэттэн быһаарыы ылынан, анаан такайбыта, үөрэппитэ. Быйыл бэйэ дьыалатын тэринэн регистрацияланным. Бакаа үөрэнэ сылдьар буолан, анал сир-уот ыла иликпин. Ол эрээри анал сылгы базата оҥостоору, аҕабар анаммыт «Хоспохтоох» диэн алааһы бу күһүн убайдарбынаан турунан туран күрүөлээтибит. Аҕам 30 сылгылаах, «Дьоху» диэн сиргэ бэйэтэ туспа базалаах. Оттуур ходуһабыт тиийбэт буолан, нэһилиэкпититтэн тэйиччи, Чурапчы кыраныыссатын диэки сирдээхпит.
— Үөрэхтээх фермер буоллаххына, болҕомтоҕун ордук туохха ууруоххунуй?
— Аҕам хаһаайыстыбатыттан тэйэн, туспа база тэринэр буоллаҕым дии. Сир-уот ылыахпын наада. Мин сүрүн баҕа санаам – нэһилиэкпиттэн олох тэйиччи “Хаххах” диэн сиргэ хотон туттуохпун баҕарабын. Сүөһүлэрбин, сылгыларбын онно үрдүттэн сайыннары-кыһыннары олорон көрүөм. Үчүгэй мэччирэҥнээх сиргэ сылдьан, сүөһүлэрим төһөлөөх абыраныахтарай! Сылгы көрүүтэ эмиэ тупса түһүө этэ. Мантан ыраах сиргэ биирдэ эмэ баран көрөрдөөҕөр, үрдүттэн сылдьан көрүү-харайыы ордуга чахчы. Ол гынан баран биир боппуруос мунчаардар – ынаҕым үүтүн итиччэ ыраах сиртэн хайдах туттарарым буолла диэн. Итиннэ араастаан төбөбүн сынньа сатыыбын.
“Сылгы боруодатын тупсарыы хайаан да наада…”
— Эн сүрүннээн Өлүөнэ эҥэр сылгы боруодатын ииттэр былааннааххын дуу, эбэтэр боруоданы тупсарарга туспа үлэлэһэр былааннааххын дуу? Онуоха Дьааҥы уонна Өймөкөөн сылгыларын боруодатын хааннарын булкуйар санаалааххын дуо? Кэлиҥҥи сылларга киин улуустар сылгыһыттара бу өрүккэ улахан болҕомтону уурар буоллулар ээ.
— Сүрүннээн төрөөбүт дойдум сылгытын — Өлүөнэ эҥэр сылгы боруодатын ииттэр былааннаахпын гынан баран, Дьааҥы дуу, Өймөкөөн дуу сылгыларыттан атыыры атыылаһан ылыахха сөп дии саныыбын. Хааны тупсарыы хайаан да наада. Хоту дойду сылгылара кыһыны холкутук туорууллар, эттэрэ да эмис.
— Биир убаһа эбэтэр сылгы идэһэлэммит этэ төһө киилэний? Эн хаһаайыстыбаны бэйэҥ илиигэр ыллаххына, сылгыҥ этин төһө киилэ гынар соруктааххыный?
— Ортотунан ыллахха, убаһа этэ 1 центнер 30 буолуо. Ити үчүгэй көрдөрүү. Мин хаһаайыстыбаны бэйэм илиибэр ыллахпына, ити көрдөрүүттэн түһэрбэтэх киһи диэн соруктаахпын.
Биһиги убаһабытын аҥаарын иитиэххэ хаалларабыт, атынын атыылыыбыт. Сыаната удамыр буолан, эппит атыыга хамаҕатык барар. Боруобалаабыт дьон эппитин сыл аайы үлэһэн ылаллар. Эппит хаачыстыбата үчүгэй буолан ылан эрдэхтэрэ диэн үөрэбит. Киирбит харчыны уматыкка уонна тыраахтарбыт саппаас чааһыгар туттабыт.
— Үөрэххин бүтэрдэххинэ туох былааннааххыный: салгыы үөрэнэҕин дуу, үлэлиигин дуу?
— Хайаан да үөрэхпин үрдэтинэр санаалаахпын. Ол гынан баран хаһаайыстыба тэриммит киһи, бука, үлэлии-үлэлии кэтэхтэн үөрэхпин салҕыырым буолуо.
Дьулус дьулуурун ыһыктыбат санаалаах
— Дьулус, 18 саастаах киһи диэтэххэ, кэпсэтииҥ дуоспуруннааҕын сөбүлээтим. Сатабыллаах хаһаайын тахсан эрэр диэх курдук. Мин биир интэриэһиргиир ыйытыылаахпын. 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “СӨ Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы туһунан” өрөспүүбүлүкэ сокуона күүһүгэр киирэр. Маныаха эн, эдэр киһи, туох кэскиллээх баҕа санаалааххыный?
— Ил Дархан Егор Борисов: “Сылгыны көрүүгэ-истиигэ ыраах сытар ойуччу сирдэргэ болҕомтону ордук уурар наада”, — диэбитин, биһиги, ыраах сиргэ сылгы базалаах дьон, олус сэргии иһиттибит. Мин санаабар, сылгыны эрэ ойуччу сиргэ туруорбакка, ынах-сүөһүнү эмиэ ол базаҕа иитиэххэ наада. Сүөһү биир сиргэ турар буолан, мэччирэҥ, от-мас хатан, кууран бүттэ. Нэһилиэк таһа ынах иигинэн-сааҕынан туолан, иһэр уубутугар – Эбэ күөлбүтүгэр түһэр. Бу экология өттүнэн эмиэ охсуулаах. Оттон биһиги, үүнэн эрэр көлүөнэ бииргэ түмсэн, өйбүтүн-санаабытын холбоон, маннык баҕа санаабытын олоххо киллэрэрбит буоллар. Оччотугар Сахабыт сирин тыатын хаһаайыстыбата дьиҥнээхтик сайдарыгар улахан олугу ууруо этибит дии саныыбын.
… “Ыччат тыа сириттэн тэйдэ. Сүөһүнү-сылгыны көрөөччү кырыйда, солбук суох”, — диир кэммитигэр бу Дьулус Говоров курдук тыахаһаайыстыбатын сайыннарар баҕалаах эдэр дьон баарыттан, ама, ким үөрбэт буолуой? Кытаат, Дьулус, бу курдук дьулуурдаахтык уонна хорутуулаахтык инниҥ хоту дьулуруйан ис дуу!
Сыыппара:
33 биэттэн — 28 убаһа
380 солк. – биир киилэ эт сыаната
528000 солк. — сыллааҕы дохуот
Елена ПОТОЦКАЯ.