«Дьулуур: мас-рестлинг» (Валентин Макаров режиссураҕа дьулуура)
Сотору, бэс ыйын 2 күнүттэн, Саха сиригэр киинэ тыйаатырдарыгар өр күүппүт киинэбит — “Дьулуур: мас-рестлинг” диэн мас тардыһыытын туһунан толору кээмэйдээх, спортивнай дыраама көрдөрүллүөҕэ. Бу күн киинэни өссө Москва, Санкт-Петербург уонна Арассыыйа кэккэ куораттарыгар көрдөрүөхтэрэ. Саха сиригэр мас тардыһыытын туһунан бастакы уус-уран киинэ уонна РФ Култуураҕа министиэристибэтэ өйөөбүт бастакы киинэтин режиссера — Саха тыйаатырын артыыһа Валентин Валентинович Макаров.
edersaas.ru
Валентин Макаровы, бастатан туран, дыраама уонна киинэ артыыһын, гитара кыбыныылаах сылдьар ырыаһыт быһыытынан билэбит. Ону таһынан 2017 сыллаахха көрөөччү сэҥээриитин ылбыт, тоҥуй да сүрэҕи уйадыппыт “Кэрэл” киинэ режиссерун уонна сүрүн оруолу толорооччутун быһыытынан кэрэхсээбиппит.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ороссолуодатыттан төрүттээх эдэркээн уол оскуола кэнниттэн олоҕун сыанаҕа аныырга, артыыс буоларга быһаарыммытыгар тастыҥ эдьиийэ, артыыска үөрэҕин бүтэрэн көрөөччүлэргэ биһирэппит Галина Тихонова (хомойуох иһин, билигин биһиги ортобутугар суох) суолдьут сулус буолбута. Оттон чопчу режиссер идэтин таларыгар Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтугар артыыс-режиссер кууруһугар устудьуоннары артыыс уонна режиссер идэтигэр уһуйбут РФ норуодунай артыыһа Андрей Саввич Борисов сабыдыала улахан.
«КЭРЭЛ»
— Эдэрдиин-эмэнниин сөбүлүүр уонна суохтуур ырыаһыппыт Александр Самсоновы-Айыы Уолун мин улаханнык сүгүрүйэр ырыаһытым. Кини ырыаһыт быһыытынан аатырар кэмигэр мин оскуолаҕа алын кылаастарга үөрэнэрим. Аҕам кини ырыаларын кассетатын атыылаһан аҕалбыта. Александр Самсонов кылгас уонна чаҕылхай олоҕун интэриэһиргээн, эдэр сааһыгар күн сириттэн туораабытын олус хомойо истибитим. Кини намыын да, түргэн тэтимнээх да ырыалара оҕоҕо, эдэр ыччакка тиийимтиэлэр, тыллара да киһи өйдүүрүгэр судургулар. Ити кэмтэн саҕалаан, устудьуоннуу кэлэн бараммын Айыы Уолун туһунан киинэ устуохха баара диэн испэр иитиэхтии сылдьыбытым. “Санаа салгыҥҥа көтөр” диэн мээнэҕэ эппэттэр — мин курдук санаалаах дьон эмиэ баар эбит этилэр. Таптыыр ырыаһытым туһунан киинэни мин аармыйаҕа сырыттахпына устан саҕалаабыттар этэ, инньэ гынан куоттаран кэбиспитим. Ол эрэн, олоххо туох барыта буолуохтааҕынан буолар.
Мин эмиэ айар киһи буоламмын, ырыаларбын киллэрэн туран, “Кэрэл” диэн киинэбин муусукаалынай оҥоруохпун баҕарбытым. Ыллыыр артыыстар наһаа элбэҕэ суохпут. Онон бэйэм режиссердуур киинэбэр сүрүн оруолу толоруохха да сөп этэ диэн санааттан сүрүн дьоруойбут хараҕа суох ырыаһыт уол буолбута. Ол эбэтэр, көрөөччү сүрэҕин таарыйаары аҥаардас уоллаах-кыыс тапталын эрэ буолбакка, көрбөт дьон кыһалҕатын тэҥинэн көрдөрбүппүт. Харахтарынан көрбөт дьон атын билгэлэрэ наһаа сайдыылаах, чуолаан муусука өттүн көннөрү киһитээҕэр ордук өйдүүллэр, айар эйгэҕэ чугастар, күүстээх санаалаахтар.
“Кэрэл” киинэ бэйэтин кэмигэр биһирэбили ылбыта, муҥутуур ситиһиилэммитэ, үтүө санаалар, махтал тыллар этиллибиттэрэ. Ол кэнниттэн, биллэн турар, өссө үчүгэй киинэлэр тахсаннар, биһиги рекордпутун аһарбыттара. Ол да буоллар, мелодрама жанрыгар син биир бастыҥнарга киирсэриттэн сэмээр үөрэбин.
«ДЬУЛУУР: МАС-РЕСТЛИНГ»
— Саха успуордугар биир олус тыҥааһыннаах уонна умсулҕаннаах көрүҥүнэн биллэр мас тардыһыытын эбэтэр мас тардыһар уол туһунан киинэ устар туһунан ыра санаа миэхэ өссө “Кэрэл” киинэни уста сырыттахпына киирбитэ. “Кэрэл” киинэҕэ көрөөччү нарын-намчы тапталга уйдарбыт буоллаҕына, аныгыскы үлэбэр саха киинэтин устуоруйатыгар киириэн сөптөөх туох эрэ саҥаны, сонуну көрдөрүөхпүн баҕарбытым уонна мас тардыһыытын туһунан киинэҕэ холонон көрөргө санаммытым. Бэйэм оҕо сылдьан тустуунан, успуорт оонньууларынан, мас тардыһыытынан, успуорт үҥкүүтүнэн дьарыктана сылдьыбытым.
“Дьулуур: мас-рестлинг” биир уратытынан киинэбитин көрөөччү киэҥ эйгэтигэр таһаарар баҕаттан сценарийыгар улахан болҕомтобутун ууран, уһуннук, дуоспуруннаахтык үлэлээбиппит буолара буолуо. Сценарийга Саха тыйаатырыгар үлэлээн ааспыт, номоххо киирбит Илья Иванович Находкин сиэнэ Мария Находкиналыын үлэлээтибит. Сценарийбытыгар «Ыччат көҕүлээһиннэрэ» продюсердар кииннэрин генеральнай продюсера Филипп Абрютин (биһиги бырайыакпытын олус сэҥээрбитэ), Любовь Борисова, Дарья Серенко сүбэ-ама биэрбиттэрэ. Киинэҕэ өйбөр-санаабар сылдьыбыт, харахпар оҥорон көрбүт хартыыналарым улахан аҥаардара киирбитэ уонна атын дьон туораттан көрөн санааларын холбообуттара олус үчүгэй.
Биллэрин курдук, сорох режиссердар оруолларга артыыс үөрэҕэ дьону оонньотоллорун сөбүлүүллэр. Мин бэйэм идэлээх артыыс буоларбынан, оруолларга хайаан да үөрэхтээх артыыстары устарга быһаарыммытым. Идэ аата — идэ, хаһан баҕарар идэлээх артыыс тиэхиньикэтэ устарга чэпчэки буолар. Холобур, киинэҕэ уһулларга уопута суох артыыстар эмиэ бааллар, ол эрэн, кинилэр үөрэхтээх буоланнар, син биир түргэнник ылыналлар. Биллэн турар, тас көстүүлэрин, киинэҕэ сыралаһан үлэлииргэ бэлэмнэрин көрбүппүт. Талыллыбыт артыыстар хас да ыйы быһа эрчиллибиттэрэ. Өссө Арассыыйа киинэтин артыыһа Владимир Епифанцев кытынна. Мас тардыһыытын дьиҥнээх дьоруойдара Иван Белолюбскайы, Анатолий Баишевы, Евгений Ивановы, Юрий Протопоповы, Дмитрий Попову кылгас эпизодтарга көрүөххүт.
Киинэҕэ режиссер эрэ быһыытынан үлэлиибин диэн оруолтан кыккыраччы аккаастаммытым. Уопсайынан, режиссер буоллаххына, көстүбэт фроҥҥа көһөн биэрэҕин. Көрөөччү киинэни сөбүлээтэҕинэ да, ким режиссердаабытын үксүгэр улаханнык билэ сатаабат. Онон, бу киинэ режиссера кимин билбэккэ да хааллахтарына, туох да куттал суох. Оттон артыыһы өйдөөн хаалаллар, умнубаттар. Уопсайынан, киинэбитин ылыммыттарыттан үөрэбин. Иккитэ бэстибээлгэ кытынныбыт. Бастакы бэстибээлгэ Чукоткаҕа киинэ кэнниттэн автограф ылаары уһун уочарат этэ. Иккис “Алафейскай хайа” бэстибээлгэ киинэбитигэр «Бастыҥ режиссура» уонна «Бастыҥ эр киһи оруола» диэн номинацияларга кыайан кэлбиппит.
— Валентин, эн Саха тыйаатырыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаҕын, көрөөччү тапталын ылаҕын. Оттон режиссер буоларга дьулуһуу эйиэхэ?…
— Аа-дьуо режиссура диэки хайыһаммын, инникитин бэйэбин режиссер быһыытынан көрөбүн.
— Саха киинэтэ өрө тахсар, аатырар-сураҕырар кэмигэр түбэһэн режиссураҕа холоно сылдьарыҥ эмиэ туһунан дьол, табыллыы буолуо?
— Оннук ээ. Уопсайынан көрөөччү саха киинэтин көрөргө дьулуһар кэмигэр мин режиссер идэтигэр холонноҕум дии.
ТЫЙААТЫРГА
— Эн тыйаатырга оруолларыҥ үксүлэрэ киһи уйулҕатын таарыйаллар, уһугуннараллар, көрөөччүнү долгуталлар. Холобур, “Уһуктуу” диэн испэктээккэ кырдьаҕас бэтэрээн уобараһын, эдэр киһи диэтэххэ, хайдах оонньоотуҥ этэй?
— Наар гитаралаах уолаттары оонньуу сылдьыбыт киһиэхэ хаһан даҕаны оонньооботох оруолум буолан эмиэ да ыарахан, эмиэ да интэриэһинэй этэ.
— Оттон бу адьас соторутааҕыта Геннадий Дьячков суруйуутунан, Карл Сергучев туруоруутугар “Саһарҕа хоптотугар” амплуаҕын олох тосту уларыттылар дии? Эн буоларгын үгүстэр тута билбэтэх буолуохтаахтар.
— Бэйэм гириимнэнэрбин, уларыйарбын сөбүлүүбүн. Төһө кыалларынан, көрөөччү билбэтин курдук оҥосто сатыыбын. Дьон билбэтин курдук уларыйыыны санаабар харысхал курдук ылынабын. Үөрэнэ сырыттахпытына биһигини гириимҥэ СӨ норуодунай артыыһа, ССРС, Арассыыйа уонна СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Ефим Николаевич Степанов үөрэппитэ.
Иван Арбита оруола миэхэ эмиэ олус умсугутуулаах уонна элбэх арыйыылардаах буолан биэрбитэ. Оҕолорго аналлаах испэктээктэргэ икки сүрүн оруоллаахпын. Сергей Станиславович Потапов туруорууларыгар эмиэ оруоллардаахпын.
— “Эдьиийбэр Таанньаҕа” диэн ырыаҥ, омос истэргэ судургу, чэпчэки курдук, дьон биһирэбилин ылла, “Үрдэл” күрэххэ кыайыылааҕынан таҕыста. Эн санааҕар бу ырыаҥ ситиһиитин кистэлэҥэ туохханый?
— Судургута бэрдиттэн сөбүлээтилэр быһылаах. Иһиттэххэ судургу курдук эрээри, сорох дьон байааҥҥа аккордун сатаан таһаарбаттар ээ. Холобур, мин ити ырыабын аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, эдьиийим Таанньаҕа анаан үнүстүрүмүөнэ суох айбытым. Аармыйаҕа гитара баар этэ эрээри, эргэ уонна куһаҕан буолан тыыппат этим. Ол иһин гитарата суох айбытым. Ырыаны айарга иэйии эйигиттэн ыйыппакка, хаһан баҕарар киирэн кэлиэн сөп.
Үнүстүрүмүөнэ суох айар мелодистар бааллар. Саха сирин норуодунай артыыската Анастасия Варламова ханнык да үнүстүрүмүөнү баһылаабатаҕа. Ол иһин, кини хааччаҕа суох айара. Холобур, байааҥҥа оонньуу үөрэннэххинэ, аккордар истэригэр хаайтаран хаалаҕын. Оттон үнүстүрүмүөнэ суох буоллаххына, араамка, кыраныысса сүтэн хаалар эбит. Ол иһин, норуот тапталлааҕа Анастасия Николаевна ырыалара наһаа уратылар уонна дьиҥ сахалыылар. Кини төрөппүттэрбин кытары билсэр буолан, хонон ааһааччы. Ол саҕана 5-6 саастааҕым буолуо, биирдэ сыллаан аҕай барбытын өйдүүбүн.
— Тыйаатырга оруол тиксиитэ араас буолуо. Бэйэҥ ханнык эмэ оруолу оонньуур баҕа саналааххын дуу?
— Баҕар, улахан таһымнаах киинэҕэ уһулларым буоллар, наһаа элбэх уопуту ылыам этэ диэн санаан ааһааччыбын. Ити күүстээх баҕа санаа диэн буолбатах, көннөрү санаан ылааччыбын.
— Саха тыйаатырын артыыстарыттан кимнээҕи көрөн умсугуйа улааппыккыный?
— Мин оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, Иннокентий Луковцев, Айаал Аммосов, Ирина Никифорова биллэн-көстөн эрэр кэмнэрэ буолан, «Ыаллыылар» сериалга да, тэлэбиисэргэ да куруук көстөллөр этэ. Онон, Саха тыйаатыра диэтилэр да, мин кинилэри уонна Наталья , Ефим Степановтары, Степанида Борисованы саныы түһэрим. Билигин кинилэр миэхэ тыйаатырга дьиэ кэргэним кэриэтэ дьоннор.
— Саха тыйаатырын уратыта диэн ийэлээх-аҕалаах, эбээлээх-эһээлээх кэлэктиибинэн буолаҕыт. Тыйаатыр аксакалларын кытары үлэлии сылдьаргыт эдэрдэргэ дьолгут буолуо.
— Тыйаатырбар уонтан тахса сыл үлэлээтим. Бу үлэлээбит сылларым тухары артыыстар идэбит олус ыараханын өйдөөтүм. Чугас дьонум: «Артыыстар наһаа үчүгэй, чэпчэки үлэлээххит», -– диэтэхтэринэ, биирдэ эмэ тыйаатырга аҕалан үлэлэтэн көрбүт киһи дии санааччыбын. Артыыстар киэһэ үлэлиирбит, күнүс эрэпэтииссийэлиирбит наһаа элбэх сыраны, бириэмэни ылар. Өрөбүлэ суох үлэлиир уустук.
Артыыс оруола суох сатаммат. Тыйаатырга үлэлии сылдьаҕын, хамнас кэлэр эрээри, оруол кэлбэт кэмнэрэ эмиэ бааллар. Ол кэмнэр артыыска наһаа ыараханнык ааһаллар.
Мин санаабар, тыйаатыр артыыһа киинэҕэ оонньуура сөптөөх. Артыыс биллэр-көстөр буолара, биллэн турар, тыйаатырга да, көрөөччүгэ да үчүгэй. Дьон ол артыыһы көрөөрү тыйаатырга кэлэр уонна тыйаатыр алыптаах эйгэтигэр умсугуйар.
— Валентин, дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэрэ түһүөҥ дуу?
— Кэргэним Дария Петровна Макарова терапевт-бырааһынан үлэлиир. Кыыһым 13, уолум 3 саастаахтар. Кыыһым наһаа үчүгэйдик сахалыы саҥаран улаатан иһэн, улахан кылаастарга ордук нууччалыы саҥарар буолан эрэр. Арай сахалыы өйдүүрүттэн бэйэбин уоскутунабын. Ол иһин, уолбун эмиэ сахалыы саҥарарга үөрэтэ сатыыбын.
—— Валентин Валентинович, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал. Киинэни көрүөх иннинэ кэпсэппит буоламмыт, киинэ туһунан санааларбын тириэрдибэтэхпин бырастыы. Киинэни көрбүт дьон сиһилии ырытыахтара, суруйуохтара дии саныыбын. Арай, киинэ ситиһиилэнэригэр эрэнэбин!
Киинэ кылгас ис хоһооно:
Дьулуур -– сэбилэниилээх күүстэргэ сулууспалаан кэлбит эдэр уол. Ол гынан баран, күннээҕи олоҕун алдьархай аймыыр. Дьулуур кырачаан балтын Күннэйи быыһыырыгар биир эрэ суол баар -– мас тардыһыы чемпионатыгар кыайыы. Эрчиллиилэр, күөн көрсүһүүлэр, ыарыы, эчэйии уонна куттал -– Дьулуур барытыгар бэлэм.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru