Эфиргэ – Дьулустаан Захаров!

Ааптар: 
10.02.2017
Бөлөххө киир:

«Ураа, хаһыат кэлбит!», – диэт, кыракый уолчаан хап-сабар «Саха сирэ» хаһыат иһиттэн «Дьулурҕан» спорка аналлаах сыһыарыыны хостоон, утаппыттыы ааҕан барда. «Бу Сахаачча, Павел Пинигин тустарынан суруйбуттар, оттон бу баскетбол, футбол туһунан ыстатыйалар тахсыбыттар» диэн уол хаһан, ханна, туох буоларын көрө-истэ олорбута…

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Сыл-хонук. Билигин ол уолчаан – тапталлаах кэргэн, үс оҕо амарах аҕата. Спорт түһүлгэтин биири даҕаны көтүппэккэ, күөх экран нөҥүө тиэрдэр, өрөспүүбүлүкэ талааннаах эдэр спортивнай суруналыыһа, комментатора – Дьулустаан Захаров. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт «Саха» НКИХ-ҕа үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар, күөстүү оргуйар үлэтиттэн быыс булан, биһиги эрэдээксийэбитигэр ыалдьыттыыр:

— Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскайыттан төрүттээхпин. Уон биирис кылааһы бүтэрэр кэм тирээн кэлбитигэр, черчение уонна геометрия предметтэригэр быһаарсарым иһин оччотооҕу ЯГИТИ (билигин ХИФУ-ну кытта холбоһон, инженерно-техническай инстуитут ди,эн буолбута) архитектурнай салаатыгар туттарсан киирбитим. Баһылаабыт идэбинэн архитекторбын, оттон үлэлиир идэм – суруналыыс.

Дьулустаан — «Хомуур хапсаҕайга»

— Архитектор уонна суруналыыс олох атын эйгэлэр дии. Хайдах оннук көһөн, идэҕин уларытан кэбистиҥ?
— Оҕо эрдэхпиттэн спорт хас биирдии көрүҥэр сүгүрүйэр дьонноохпун, хаһыаттан кырыйан, араас ыстатыйалары мунньар этим. Доҕотторум «Покемон», «Черепашки Ниндзя» мультиктары көрөр кэмнэригэр, мин UFС, панкратион, бокса, тустуу күрэхтэһиилэрин көтүппэт этим. Спортивнай суруналыыс буоларбын оҥорон көрөрүм, ол эрээри оҕо сылдьан кэлэҕэйдээн саҥарарым. Онон оҕо сааһым баҕата туолуо суох курдуга. Кэлин, улаатан истэҕим ахсын, саҥабын эрчийэн, кэлэҕэйдиирим сүтэн испитэ. Онтон университеты бүтэрэн баран, балтараа сыл кэриҥэ тутууга архитектордаабытым. Бу тухары үлэбэр санаам сыппат этэ, аны ол сыл кыһыныгар атахпын эчэтэн кэбиһэн, өр да өр дьиэҕэ олорбутум. Ол олорон «Саха» НКИХ ханаалыгар көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр комментатор наада диэн биллэриини көрбүтүм. Ону кэтэһэ сыппыттыы, тута тиийэн, кастиҥҥа кыттан, үлэҕэ киирэн хаалбытым.

— Оччоҕо эчэйии ылбатаҕыҥ буоллар, спортсмен буолуон этэ дуо?
—Хапсаҕайынан утумнаахтык дьарыктанабын. Элбэхтэ күрэхтэһиилэргэ кыттабын, дьарыкпын быспат буола сатыыбын. Дьарыгы көтүттэхпинэ, этэргэ дылы, тугум эрэ тиийбэт курдук буолар. Этэҥҥэ буоллаҕына, хапсаҕайга Саха сирин спордун маастарын нуорматын толоруохтаахпын.

— Бастаан быһа эфиргэ тахсан баран төһө долгуйбуккунуй?
— Долгуйан буоллаҕа дии! Билигин «Спортклуб» диэн, уруккута «Бары бииргэ» биэриини ыытабын. Быһа эфиргэ тахсарбар көрөөччүлэрбэр тута бастакы холонуум диэн сэрэппитим. Онно буһуу-хатыы, сыыһа-халты саҥарааһын даҕаны ханна барыай. Урут быһа эфир буолуо нэдиэлэ инниттэн кумааҕыга наадалаах дии санаабыппын барытын сурунан, биэрии кэмигэр куруук ол кумааҕыттан үөрэппиппин өйдүү, ону ааҕа сатыы олорооччубун. Туох барыта үөрэхтэн табыллар дииллэр. Мин бастаан үлэлии кэлбиппэр, суруналыыстар Олег Марков уонна Степан Посельскай, спорт салаатын режиссера Радомир Томскай үөрэппиттэрэ-такайбыттара элбэх, онон кинилэргэ махталым муҥура суох.

Ярыгин турнирын боруонса призера — Виктор Рассадинныын

— Дьулустаан, спортивнай суруналыыс буоларга анал үөрэх наада дуу? Эбэтэр суруналыыс буолан төрүөхтээхпит дии саныыгын дуу?
— Спордунан дьарыктанар киһи хайдах да гыннаҕына, бу эйгэттэн сатаан тэйбэт эбит. Туох, ханнык күрэхтэһии хаһан буоларын, ким, тугу ситиспитин барытын билэ-көрө, истэ сылдьаҕын, ону бэйэҥ да билбэккинэн интэриэһиргиир буолаҕын. Ис сүрэххиттэн дьарыктана сылдьар дьыалаҕын ылынар, сөбүлүүр буоллаххына, барыта табыллар дии саныыбын. Мин бастаан спорка боростуой сүгүрүйээччи быһыытынан киирбит буоламмын, сороҕор спортсменнары сүгүрүйээччи хараҕынан көрөрүм, оннук кэпсэтэрим миэхэ туһалыыр.

— Саха сирин спортивнай суруналыыстара үгүстэрэ эр дьон. Кыргыттар спорду интэриэһиргээбэттэр дуо? Суруналыыстар икки ардыгытыгар бэрт былдьаһыы баар дуо?
— Эр дьон айылҕаттан майгыбыт-сигилибит боростуой буоллаҕа, спортивнай суруналыыстар аҕыйахпыт даҕаны буолан, бары бэйэ-бэйэбитигэр доҕордуу сыһыаннаахпыт. Арай көрөөччүлэрбит бэйэ-бэйэбитигэр тэҥнээн, ким ордугун-мөлтөҕүн быһаара сатаан күүркэтэллэрин истээччибит. Ардыгар ону сүбэ-ама курдук, кырдьык, сыыһарым буолуо диэн ылынааччыбын. Суруналыыстыка – эр киһи идэтэ, кыыс суруналыыстыан оннугар алаһа дьиэтин көрө-истэ олоруохтаах дии саныыбын. Күрэхтэһиилэр өрөбүл күннэргэ түбэһэллэр, аны командировкабыт, сырыыбыт олус элбэх, онон дьиэбэр аҕыйахта көстөн ааһабын. Онуоха кэргэним уонна оҕолорум өйөөн, үлэм табыллар. Онон чугас дьоммор махтанабын.

— «Түһүлгэ тула» биэриини ыытаҕын, бу туһунан кэпсээ эрэ.
— Бу биэриини Антон Никифоров диэн режиссердуун толкуйдаабыппыт. Сахабыт сирин урукку уонна билиҥҥи спортсменнарын спортсмен эрэ быһыытынан буолбакка, кинилэр улахан ситиһии иннинэ туох үлэни, дьарыгы ааспыттарын, олохторун-дьаһахтарын, өйдөрүн-санааларын норуокка тиэрдэр уонна арыйар сыалтан оҥоһуллубута. Үгүс спортсменнарбыт күрэхтэһиигэ хайдах бэлэмнэнэллэрин оллоонноон олорон бу диэн кимиэхэ даҕаны кэпсээбэтэх буолуохтаахтар.

— Оттон спорт түһүлгэлэрин иилээн-саҕалаан ыытар туох уратылааҕый? Күнү быһа саҥара-саҥара олорор сылаалаах буолаарай…
— Комментатордар күрэхтэһэ кэлбит дьону билэ-көрө охсон, көрөөччүлэргэ билиһиннэрэр, күрэхтэһии хаамыытын кэпсии олорор эбээһинэстээх буолабыт. Бастаан, биллэн турар, мунаарарыҥ, дьонтон ыйыталаһарыҥ даҕаны элбэх, онтон уопутурдаҕын ахсын саҥаҥ арыллан ис-искиттэн тахса турар буолар эбит. Күрэхтэһэ сылдьар уолаттартан бэйэлэриттэн «ол кимий?», «туох ситиһиилээҕий?» диэн ыйыталаһар этим. Кэлин эчэйиим аматыйбытын кэннэ, хапсаҕай түһүлгэтин ыыта олорон, аны бэйэм күрэхтэһэ киирбит даҕаны түгэннэрим бааллар.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0