Дьулустаан Ноговицын — «Чөмпүйүөн Куубагын» кыайыылааҕа

18.02.2019
Бөлөххө киир:

Уйбаан Белолюбскай бирииһигэр ыытыллар «Чөмпүйүөн Куубагар» өрөспүүбүлүкэбит 37 спортсмена илин-кэлин түһүстэ. Бу күрэхтэһии Дьокуускай куоракка олунньу 16-17 күннэригэр «Дохсун» спорт комплексыгар ыытылынна. Икки күннээх илин-кэлин түсүһүү түмүгэр Горнай Маҕараһыттан төрүттээх Дьулустаан Ноговицын кыайыылаах буолла. 

Бастакы күҥҥэ «үс төгүл үс» ыстаныы, тутум эргиир уонна мас тардыһыы түһүмэхтэрэ буоллулар. Бу күн уопсай түмүгэр Таатта боотура Николай Матаннанов инники испитэ, ол эрээри атаҕар эчэйии ылан салгыы күрэхтэспэтэ. Тутум эргииргэ Кэбээйиттэн төрүттээх 1999 с.т. Алексей Уваровскай 67-тэ эргийэн рекорд олохтоон, бар дьону соһутта. Алексей Уйбаан Белолюбскай салалтатынан «Боотур» спортивнай кулуупка дьарыктанар эбит.

Иккис күҥҥэ эбиэт иннинэ оҕунан ытыы уонна сүүрүү буолла. Оххо 40 очукуону ылан Дьулустаан Ноговицын, оттон сүүрүүгэ Леонид Филиппов бастаатылар. Онон бу уолаттар балаһыанньаларын биллэ тупсардылар. Эбиэт кэнниттэн хапсаҕай уонна тааһы көтөҕүү түһүмэхтэрэ буоллулар. Хапсаҕайга финалга Намтан Артем Варданян уонна Ньурбаттан Владимир Федоров таҕыстылар. Финал видеотын манна көрүҥ.

Икки күннээх тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгэр Горнай Маҕараһыттан төрүттээх, аан дойду мас-рестлиҥҥэ чөмпүйүөнэ Дьулустаан Ноговицын кыайыылаах таҕыста уонна сайын Туймаада ыһыаҕар ыытыллар «Дыгын оонньууларыгар» кыттар путевканы ылары ситистэ. Иккис Намтан Артем Варданян, үһүс Амматтан Леонид Филиппов буоллулар.

Спортсмен, тренер Максим Тихонов ютубка ханаал арыйда. Кини күрэхтэһии икки күнүн саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри видеоҕа уһулла. Видеолары манна көрүҥ, ханаалга суруттарыҥ.

Бастакы күн:

Иккис күн:

Айтана Аммосова, edersaas.ru

Николай Корякин хаартыската. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0