Дьулустаан Хон: «Баһаары утары үлэҕэ баһаам үп көрүлүннэ» (ВИДЕО)
Бу сырыыга «Сэмсэ тыл» биэриигэ “Саха сирэ” хаһыат эрэдээктэрэ, политолог Чокуур Гаврильев күөх дуолбутун араҥаччылыыр, хараанныыр «Якутлесресурс» ГАУ генеральнай дириэктэрэ Дьулустаан Хону ыҥыран быйылгы ойуур баһаарын туругуттан саҕалаан сааһыары сайынтан искусственнай ардаҕы ыҥырыыны эспэримиэн быһыытынан боруобалаан, туох-ханнык түмүккэ кэлэн эрэллэрин, ойуур баһаарын умуруоруу методикатын уларытыыга сөптөөх үлэлэр ыытыллыбыттарыгар тиийэ киэҥ хабааннаах кэпсэтии буолла.
Быйыл — былырыыҥҥы буолбатах
— Үтүө күнүнэн, Дьулустаан Иванович! Сыл аайы ойуур баһаардара бүрүүкээтилэр. Аан дойду да үрдүнэн ойуур баһаара элбээтэ диэн этэллэр. Быйылгы балаһыанньа былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ хайдаҕый?
— Быйыл сааскыттан 400‑тэн тахса ойуур баһаар турбута регистрацияланна. Ортотунан, 200 тыһ. гектар кэриҥэ иэннээх сир-уот былдьанна. Оттон былырыын баччаларга 2 мөл. кэриҥэ гектар сир былдьаммыта, 1200 кэриҥэ ойуур баһаара турбута бэлиэтэммитэ. Судургутук эттэххэ, быйыл ахсаанынан да, сири-уоту сиэбит да иэнинэн быдан аҕыйах.
— Манна сүрүннээн туох оруолу ылла? Сөптөөх үп-харчы көрүллэн, бэлэмнэнии үлэтэ этэҥҥэ ыытыллыбыта быһаарда дуу? Аны туран, зондировщик-сөмөлүөттэр искусственнай ардаҕы ыҥырбыттара эмиэ улахан көдьүүстээҕэ буолуо.
— Былырыын улахан ойуур баһаара туран, этэргэ дылы, аан дойдуну аймаабыппыт. Ол түмүгэр, федеральнай структуралар салайааччыларыттан саҕалаан РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалааҕа-вице-премьер Юрий Трутневка тиийэ хаста да кэлэн барбыттара. Сөптөөх болҕомто ууруллубута. РФ Ойуурун кодексатыгар сурулларынан, ойуур пуондатын федеральнай үбүнэн умулларабыт. Үп тыырыллар методиката кыратык уларыйда. Саха сирин сирэ-уота, ойуурун иэнэ олус киэҥ, ол эрэн нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйах. Урут үп тыырылларыгар дьон ахсаанын көрдөрөр кэписиэн улахан оруолу ылар этэ. (Инньэ гынан, элбэх ойуурдаах эрээрибит, холобура, биир га ойуурга көрүллэр үп-харчы киин эрэгийиэннэргэ холоотоххо олус кыра этэ. Эрэдээксийэттэн) Рекрационнай ноҕурууска кэписиэнин уларыппыттарын түмүгэр, биһиги билигин ойуур баһаарын умулларыыга диэн биэс төгүл элбэх үбү-харчыны ылар кыахтанныбыт. Ол, ортотунан, 1 млрд тахса солк. тэҥнэһэр. Онон сөптөөх үп көрүллэн, ойуур баһаарын умулларыыга профессиональнай таһымнаах исписэлиистэрбит кэккэлэрэ лаппа хаҥаата. Былырыын оройуоннарбыт үрдүнэн барыта 192 киһилээх эрэ буоллахпытына, быйыл 560 киһиэхэ диэри кэккэбит улаатта. Ону тэҥэ, “Авиалесоохрана” тэрилтэтин үлэһитэ эмиэ лаппа элбээтэ. “Экология” национальнай бырайыак чэрчитинэн, быйыл төрдүс сылбытын тиэхиньикэлэрбитин саҥартыбыт. Бу боппуруос турбута, дьиҥэр, ыраатта. 170‑ча кэриҥэ саҥа тиэхиньикэни аҕалан, улуустарбытыгар үллэртээбиппит. Билиҥҥи туругунан балаһыанньа этэҥҥэ. Биһиги турбут баһаардартан сиринэн сылдьан, 77%-нын, икки суукка иһинэн умулларан иһэбит. Ойуур баһаара турбутун билэ охсон, ону түргэнник умулларан иһиэхтээхпит. Төһө кыалларынан, ойуур баһаара кэҥии илигинэ тута уодьуганныырга дьулуһуохтаахпыт.
Умулларыахтаах сирбит кэҥиир
— Авиация да көмөтүнэн буоллун, камералар да көмөлөрүнэн буоллун — уот турбутун булан баран, тута умулларарга дьулуһаҕыт. Ол хайдах буоларый?
— Ойуур баһаара турбутун туһунан иһитиннэрии “Авиалесоохрана” тэрилтэтин иһинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи анал диспетчерскэй сулууспаҕа тиһиллэн киирэр. Чуолкайдыыр буоллахха, баһаар турбутун сөмөлүөттэр көрөллөр, олохтоохтор да биллэхтэринэ-көрдөхтөрүнэ, ол туһунан тута тыллыыллар. Ону сибидьиэнньэҕэ ылан, көрөн-истэн бэрэбиэркэлээһин саҕаланар. Улуустарга баар исписэлиистэрбит сиринэн тиийэн, уот ханна турбутун уонна төһө иэннээх сири сиэбитин бэрэбиэркэлээн билэллэр. Сиринэн умулларарга аналлаах территориялар бааллар. Биһиги баһаар ханна турбутун чуолкай билбиппитин кэнниттэн үс чааһынан умуллара тиийиэхтээхпит. Оттон нэһилиэнньэлээх пуунтан тэйиччи буоллаҕына, сөмөлүөт эбэтэр бөртөлүөт парашютист-десантниктары илдьэ көтөр. Саха сирин ойуурун пуондатын иэнэ олус киэҥ. Сэбиэскэй кэмҥэ 100 мөл гектар иэннээх сиргэ турбут уоту умулларар этилэр. Ол саҕана 1500‑тэн тахса парашютист-десантник баара. Хоту улуустарга кытта авиаотделениелар үлэлииллэрэ. Билигин эбиллэн-эбиллэн 18 авиаотделениелаахпыт. Бүгүҥҥү туругунан биһиги 50 мөл. гектарга турбут ойуур баһаарын умуруорар кыахтаахпыт. Киин, илин эҥээр, Бүлүү бөлөх уонна хоту улуустары хабабыт. Хоту улуустарга аҕыйах исписэлиистэрдээхпит. Билигин хонтуруоллуур эргимтэни элбэтиигэ төһө үп-харчы наадатын РФ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйата ааҕан-суоттаан олорор. Былырыын биһиги 40 мөл. гектар иэннээх сир иһинэн умулларыы үлэтин ыытар буоллахпытына, быйыл 10 мөл. гектар эбиллэн биэрдэ. Салгыы 2030 сылга диэри төһөнү эбиэхпитин сөбүгэр аналлаах үлэ бара турар.
Онон сылтан сыл умулларыахтаах сирбит иэнэ кэҥиир. Эбилиннэҕин аайы үп-харчы көрүллүүтэ улаатан, исписэлиистэрбит, тиэхиньикэбит ахсааннара эбиллиэхтээх. Хоту улуустарга баазабыт кэҥиэхтээх. Ол эрээри, үп-харчы син биир тиийбэт. Сезон аҥаарын кээрэттибит, оттон көрүллүбүт үп иннэ-кэннэ көстөн эрэр. Нэдиэлэҕэ хаста даҕаны РФ Ойуурун ааҕыныстыбатын исписэлиистэрин, салайаачыларын кытта баар балаһыанньаны өрүү мунньахтаан ырытабыт, дьүүллэһэбит.
— Ол эрээри, урукку сыллардааҕар үгүөрү үп-харчы көрүллүбүтэ көдьүүстээҕэ чуолкай.
— Биллэн турар, элбэх үп көрүллүбүтэ көдьүүһэ улахан. Ойуур баһаара адьас кыра эрдэҕинэ, суһаллык тэринэн тахсан саба баттыырбыт элбээтэ.
Ардах эспэримиэнин түмүгэ биллиэҕэ
— Аны зондировщик-сөмөлүөт көдьүүһүн туһунан кэпсэтиэххэ. Бу эспэримиэн Саха сиригэр эрэ бара турар. Түмүгү таһаарар арыый да эрдэ диэтиҥ. Сөмөлүөт көтүөхтээх хайысхатын ким быһаарарый? Хайа улууска сир-уот уонна ойуур хатан турарын ким этэрий?
— Ардаҕы ыҥыран баһаары умуруоруу федеральнай боломуочуйа буолар. Ирдэбилгэ эппиэттиир былыт баар буоллаҕына, тустаах сөмөлүөт көтөн тиийэн “ытыалыыр”, ол түмүгэр ардыыр уонна баһаары умуруорар. Былырыын Ил Дархан Айсен Николаев ойуур баһаара туруон сөптөөх куттала үөскүүр кэмигэр, ардаҕы ыҥыран түһэриэххэ диэн туруорсубута. Бу этиини РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөн, билигин тустаах эспэримиэн ыытылла турар. Билигин Саха сиригэр икки анал көтөр аал үлэлиир. Бу күннэргэ биир сөмөлүөт Уус Маайанан уонна Хабаровскай кыраайынан тустаах үлэни толорор, баһаары умуруорарга үлэлиир.Иккис сөмөлүөтү СӨ Нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйыыга госкэмитиэтэ дьаһайар. Тыа хаһаайыстыбатын уонна экологияҕа министиэристибэлэртэн, улуустартан искусственнай ардаҕы ыҥырыыга сайаапка киирэр. Ону баар балаһыанньаны ырытан көрөн баран, ирдэбилгэ сөп түбэһэр былыт баар буоллаҕына, анал көтүүнү оҥороллор. Быйыл хоту улуустарга зондировщик-сөмөлүөт көппөтөҕө. Курааннаабыт, ойуур баһаара кэбэҕэстик туруон сөптөөх сирдэринэн сылдьыбыта. Сөмөлүөт сырыытын кэнниттэн улуус дьаһалталара ардах түстэ диэн дакылааттыыллар. Билигин эспэримиэн бара турар, түмүгэ аны күһүн чуолкай көстүөҕэ.
Эйиэнэ, миэнэ дэспэппит
— Бары биир санаанан салайтаран баһаары утары охсуһаҕыт. Ол гынан баран, боломуочуйаларга тохтоон ааһыахха.
— Аҕыйах баһаар баар буоллаҕына, ол эбэтэр ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэ илигинэ, биһиги тэрилтэбит боломуочуйатын быһыытынан сиринэн баран, тустаах үлэтин толорор. Били, кэтээн көрөр камераларбыт көмөлөрүнэн уот турбутун биллэхпитинэ, ону үс чаас иһинэн тиийэн умулларарга дьулуһабыт. Оттон баһаар туруута элбээтэҕинэ, тута ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэр уонна баар структуралар бары суһал ыстаапка мунньустабыт. Санатар буоллахха, ардаҕа суох көннөрү лүһүгүрүүр кураанах этиҥнэртэн сүүрбэҕэ тиийэр уот биир кэмҥэ туруон сөп. Тустаах суһал ыстаабы СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников салайар. Суһал ыстаап мунньаҕар баар балаһыанньаны дьүүллэһии, ырытыы түмүгүнэн турбут баһаардары умуруорууга үлэ хайдах-туох барара чопчу быһаарыллар уонна ону тута толорбутунан барабыт. Биһиги авиационнай да зонаҕа үлэлиэхпитин сөп. Парашютистар эмиэ биһиги курдук сиринэн сылдьан уоту умуруорар зонаҕа эбээһинэстэрин толороллор. Ол эбэтэр, “Бу — эйиэнэ”, “Ол — миэнэ” дэһии суох. Барыбыт сүрүн сыалбыт-сорукпут — турбут уоту түргэнник саба баттааһын. “Авиалесоохрана” боломуочуйатыгар өссө спутник көмөтүнэн кэтээн көрүү киирэр. Ону тэҥэ, баһаар туруон сөптөөх сирдэргэ бэрэбиэркэлэтэ диэн көтөр ааллары ыыталлар. Иккилии-үстүү киһини ылар дьоҕус сөмөлүөттэри анаан-минээн көтүтэллэр. Оттон СӨ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин быыһааччылара нэһилиэнньэлээх пууннарга ойуур баһаара ыкса кэлэн кутталы үөскэттэҕинэ, көмөҕө кэлэллэр.
— Былырыын ойуур баһаардарын умуруорууга хас киһи үлэлээбитэй уонна төлөбүргэ иэс суох ини?
— Былырыын докумуоҥҥа тиһиллибитинэн барыта 17,5 тыһ. киһи үлэлээбитэ. Манна доброволецтары эптэххэ, быһа барыллаан, уоту умуруорууга 25 тыһ. кэриҥэ киһи кыттыбыта. Быйыл олох аҕыйах киһи кытта сылдьар, 300‑чэ кэриҥэ киһи. Ойуур баһаарын умуруорууга кыттыбыт дьоҥҥо хамнастарын ааспыт икки сылтан этэҥҥэ төлөөн иһэбит, иэспит суох. Маны Ил Дархан Айсен Николаев кытаанах хонтуруолга тутар.
Үлэһит дьону көмүскүөх тустаахпыт
— Чурапчытааҕы филиалгыт үлэһитэ Николай Лукиҥҥа былырыын ойуур баһаарыгар бульдозерист суорума суолланыытыгар холуобунай дьыала тэриллэн, ону көрүү бара турар. Бу туһунан тус санааҕын үллэһин эрэ.
— Силиэстийэ бара турар, бу күннэргэ түмүктэниэхтээх. Албакааттары наймылаһан көмүскэһэ сылдьабыт. Тус санаабын этэр буоллахпына, былырыын Николай Лукинныын Горнайга ойуур баһаарын умуруорууга бииргэ үлэлээбиппит. Хайдах-туох үлэлиирин көрбүтүм. Кини буруйа суох. Бирикээс тахсарыгар кини атын баһаары умуруорууга үлэлиирэ. Аны ыҥырыллыбыт тиэхиньикэлэр, дьиҥинэн, ханнык да дуогабара суох үлэлээбиттэр. Саамай сүрүнэ, бульдозериһы эрдэ иккитэ-үстэ этэн, кутталлаах зонаттан таһаара сатаабыттар. Ону истибэтэх, бэйэтэ GPS-навигатордаах эбит, ол сылдьан муммут. Николай Лукин курдук үлэһит дьону хайаан да көмүскүөх тустаахпыт. Былырыын, чахчы, олус уустук балаһыанньа этэ. Ону бэйэм эппинэн-хааммынан толору билбитим. Олох түргэн уонна чуолкай хамнаныылары ирдиир уустук балаһыанньалар бааллара. Кэмигэр сөптөөх дьаһаныыны ылынан дьону хамаандалаан иһиллиэхтээх. Уот маһы үрдүнэн үөһээнэн бардаҕына, дьон куттанар уонна устунан уолуйуохтарын да сөп.
Кураан дьыллар кэллилэр
— Хабаровскайга бу күннэргэ улахан ойуур баһаардара турдулар. Уопсайынан Арассыыйа үрдүнэн кэлиҥҥи кэмҥэ ойуур баһаардара туруулара лаппа элбээбит. Кураан дьыллар кэллилэр диэн этэллэр.
— Күн дьайыытыттан, күүһүрэн, мөлтөөн кэлэриттэн улахан тутулуктаах. Билигин Саха сиригэр ойуур баһаардара турар кэмнэригэр, учуонайдар кэтээн көрүүлэринэн салгын орто температурара түөрт-биэс кыраадыһынан үрдээн иһэр эбит. Бу — күммүт дьайыыта улаатан иһэрин туоһулуур. Ол аата айылҕабытыгар, күммүтүгэр ханнык эрэ бырассыас бара турар. Быйыл бастаан утаа Мииринэйгэ элбэх баһаар турбута. Салгыы Нерюнгрига күөдьүйбүтэ. Аны билигин Уус Маайаны буулаата, бу улууска ойуур баһаардарын утары элбэх киһи үлэлии сылдьар. Алдаҥҥа эмиэ элбэх баһаар умайар. Оттон былырыын 19 улууска тэҥинэн элбэх ойуур баһаара турбута. Аны биир кэмҥэ тураннар, балаһыанньа уустугурбута, үлэһит илии уонна тиэхиньикэ тиийбэт кыһалҕата үөскээбитэ. Аны сирбит-уоппут олус киэҥ-куоҥ. Онон маннык балаһыанньалар үөскүүр кэмнэригэр бэлэм буолар инниттэн эрдэттэн парашютист-десантниктары бэлэмниэхпитин наада диэн толкуйдуубут. Аны туран, баһаардарбыт хайдах эрэ хоту улуустар диэки сыҕарыйан эрэр курдуктар. Үс сыллааҕыта Дьааҥы улууһун буулаабыта. Муомаҕа элбэх баһаардар турбуттара. Халыма улуустарын тумнубата. Онон хоту улуустарга болҕомто ууруллан, идэлээх дьон ахсаанын элбэтэр сорук турар. Ону тэҥэ, анал баазалары тэрийиигэ үлэ ыытыллар.
Уоту кэтээн көрүү араастаах
— Ыраахтан кэтээн көрөр камералар төһө көдьүүстээхтэрий, хас камера билигин чыпчылыйбакка кэтиирий?
— Былырыын 26 камераны туруорбут буоллахпытына, быйыл эбии алта баар буолла. Үһүс сылбыт буолла бу ньыманы туһаммыппыт. Буруо таҕыста да, тута биллэрэр аналлаах. Ыйбыт сиригэр үлэһиттэрбит тиийэн бэрэбиэркэлииллэр. Уот адьас кыра эрдэҕинэ «тыллыыр» буолан, тиийбит дьон тута умуруоран кэбиһэллэр. Камералар эргийэ турар буоланнар, 25 км эргимтэлээх сири кэтээн көрө тураллар. Хоту улуустарга оптика утаҕа тиийдэҕинэ, онно эмиэ анал камералары туруортуохпут. Оттон спутник көрүүтэ эмиэ өссө тубуста. Урут уот биэс гектар иэннээх сири сиэбитин эрэ кэнниттэн көрөр этэ. Биэс гектар диэн олус киэҥ сир ээ. Билигин биир гектар иэннээх сири сиэтэ тута таба көрөр кыахтаннылар. Ол эрээри, спутник эмиэ сыыһыан сөп. Күн күүскэ тыктаҕына, таас күүскэ сылыйар аналлаах. Холобур, Өлүөнэ очуостарын тааһа күнтэн аһара сылыйбытын уот турбутугар балыйыан эмиэ сөп. Аны хойуу былыт кэллэҕинэ, кыайан көрбөт.
— Былырыын ойуур баһаара сиэбит иэнин сыыһа биэрбиккит диэн айдаан тахсыбыта.
— Лүөччүк-көрөөччү маршрутунан көтөн кэлэн баран, баһаар сиэбит сирин иэнэ бачча диэн кумааҕыга суруйан дакылааттыыр. Былырыын аһара буруолаах буолан, өр кэмҥэ кыайан көппөтөхтөрө. Федеральнай структуралар спутнигынан кэтээн көрөллөрүгэр, онтулара буруолаах буолан, чуолкайдык быһаарбат эбит. Ол түмүгэр, эһиги аҕыйаҕыкөрдөрөҕүт, кистиигит диэн айдаан тахса сылдьыбыта. Оттон сөмөлүөттэр көтөн чуолкайдык бэрэбиэркэлээбиттэрин түмүгэр, туга-ханныга дьэҥкэтик биллибитэ, быһаарыллыбыта.
— Атырдьах ыйа буолара бу кэллэ, онон халлаан да сөрүүдүйүө. Сотору кэминэн ойуур баһаарга турар сезона тохтуура буолуо.
— Биһиэхэ сезоммут ортото буолла. Өссө даҕаны кураанах этиҥнэр түһэ тураллар. Аҕыйах хонуктааҕыта Бүлүү бөлөх улуустарыгар элбэх этиҥ балаһата кэлэн ааспыта. Бастатан туран, этиҥ түһүүтэ кыччыырын күүтэбит. Үгүс өттүгэр ойуур баһаара этиҥтэн тахсар. Статистикаҕа да көрдөххө, 90–95%-нара этиҥтэн саҕаламмыт. Саас уонна күһүн өртөөһүнтэн уонна дьон дьалаҕай сыһыаннарыттан үөскүүр, ол эрээри, адьас аҕыйах.
Түмүккэ
— Хаһыат ааҕааччыларыгар тугу этиэҥ этэй?
— Бастатан туран, бары айылҕабытын харыстыахха диэн ыҥырабын. Бииргэ үлэлии сылдьар бары кэллиэгэлэрбэр тулууру баҕарабын. Балтараа ый кэриҥэ тайҕаҕа сылдьыы диэн манан дьыала буолбатах. Ол эрээри, барыта этэҥҥэ. Сөптөөх үп-харчы көрүллэн, матырыйаалынай уонна тиэхиньиичэскэй өттүнэн лаппа кыаҕырдыбыт. Ону кытта хамнас үрдүүрэ ситиһиллибитэ. Дьон дьалаҕай сыһыаныттан ойуур баһаара адьас тахсыа суохтаах. Маны бары өйдүөхпүтүн наада. Бу, дьиҥэр, судургу ээ. Өскөтүн, ойуурга уоту болҕомтолоохтук, сэрэхтээхтик туһаннахха.
Бэлэмнээтилэр Чокуур Гаврильев, Александр Тарасов.