Дьулустаан Бойтунов — САССР 100 сыллаах манньыатын эскиһин кыайыылааҕа

19.03.2022
Бөлөххө киир:

Дьулустаан Афанасьевич Бойтунов — Саха сирин аныгы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, айар үлэтинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Арассыыйа уонна аан дойду национальнай култууратын байыта сылдьар талааннаах живописец уонна график. Кини бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, 60 сааһын туолар.


— Дьулустаан Афанасьевич, эһиги элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолоро бары уруһуйдуур дьоҕурдааххытын билэбит.
— Мин дьиэ кэргэммэр саамай кыраларабын, өссө игирэ аҥаарабын. Игирэм аҥаара Ньургустаан Афанасьевич маһы ыллатар уус, араас фигуралары оҥорор, киһи кэрэхсиир үлэлэрдээх. Быйыл Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэ сылдьар. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай убаастыыр киһибит, улахан убайбыт Тохман Афанасьевич билигин орто дойдуга суох. Кини мин идэбин таларбар кыра эрдэхпиттэн олук уурбута. Устудьуоннуур кэмнэригэр дьиэтигэр кэлэ сылдьан миигин уруһуйга эрчийэрэ. Орто оскуоланы бүтэрэрбэр кини Дьокуускайга ойуулуур-дьүһүннүүр училищены бүтэрэн эрэрэ. Училищены бүтэрэрин саҕана И.Репин аатынан Санкт-Петербургдааҕы академияҕа живописка үөрэммитэ. Онон, мин эмиэ бу академияҕа туттарса сылдьарбар барытыгар кини көмөлөспүтэ. Кэнники үөрэхпитин бүтэрбиппит кэннэ мин уустаан-ураннаан оҥорор хартыыналарбын ыарырҕаттахпына киниттэн сүбэлэтэрим, ону барытын сиһилии быһааран биэрэрэ.
Төрүттэргитигэр ойуулуур-дьүһүннүүр талааннаах дьон бааллара дуу?
— Аҕабыт Афанасий Бойтунов Тааттаттан төрүттээх, Үөһээ Бүлүүгэ олохсуйан иһэн биһиги кырабытыгар атын сиргэ баран олорбута. Ийэбит Мария Варламовна оҕолорун хаартыскаларын ыытар эбит, ону наһаа үчүгэйдик уруһуйдаан ыытара. Билигин ону өйдөөн көрдөхпүнэ, анал үөрэҕэ суох да буоллар, үөрэхтээх дьонтон итэҕэһэ суохтук уруһуйдуур эбит. Онон, уруһуйдуур дьоҕур аҕабыт өттүнэн баар. Хомойуох иһин, Тааттатааҕы аймахтарбытын кытары олох билсибэппит. Ийэм — Үөһээ Бүлүү Кэнтигэ, аатырар Чап уустартан сыдьааннаах. Кини өттүнэн тимир да, көмүс да уустара бааллар. Мин эмиэ кыра ювелирнай үлэлэри оҥоробун. Муус оҥоһуктарга эмиэ үлэлиибин, 4-түү миэтэрэлээх улахан скульптуралары оҥоробун.
Төрөппүттэриҥ өссө оччолорго сахалыы ааттары биэрэллэр эбит дии?
— Оннук эбит. Дьулустаан диэн аат оччолорго кимиэхэ да суоҕа. Кэнтиктэн Үөһээ Бүлүүгэ киирдэхпинэ, ааппын олус муодарҕааччылар. Онтон аармыйаҕа наһаа дьиктиргээччилэр. Билигин Дьулустаан диэн ааттаах оҕо элбэх, ол кэмнэргэ Үөһээ Бүлүүгэ соҕотох  этим. Убайым аата — Тохман (тохсунньу маҥнайгыта диэнтэн таһаарбыттар). Аҕабыт саха тылын учуутала этэ, ол иһин оҕолорго итинник дьикти ааттары биэртэлээбит быһылаах.

Киһи уруһуйдуур буочара уларыйыан сөп

Эн СӨ норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов аатырбыт «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» (2001 с.) уонна «Улуу хууннар» (2010 с.) арамааннарын кинигэлэригэр иллюстрацияларын оҥорбутуҥ. Төһө улахан эппиэтинэс этэй?
— Дьон санаатын араастык этээччи. «Норуодунай суруйааччы Николай Лугинов айымньыларыгар үлэлээҥҥин аатырдыҥ» диэччилэр эмиэ бааллара. Ол гынан баран, мин санаабар, атын да үлэбинэн тахсыам этэ. Холобур, мин «станковая живопись» бүтэрбитим. Ол иһин, сорохтор: «Эн хайдах графикаҕа киирэн хааллыҥ?» — диэн, төттөрүтүн, соһуйаллар. Николай Лугинов, биллэн турар, улахан суруйааччыбыт, ытык киһибит. Миэхэ кини  көмөтө элбэх. Николай Алексеевич өйөбүлүнэн Монголияҕа, Москваҕа хаста да быыстапкалаабытым.
Арамааннарын хастыыта да ааҕан уруһуйдаабытым. Үлэлиир кэммэр Николай Алексеевич улаханнык орооспотоҕо, арай, хуннар хайдах дьоннорун, олохторун-дьаһахтарын быһааран биэрэрэ.
Эн сорох үлэлэргин киһи судургутук өйдүө суоҕун эмиэ сөп?
— Оннук үлэлэр бааллар. Ити худуоһунньук бириэмэ бириэмэнэн араастаан оҥоруон, саҥаны боруобалыан баҕарарыттан тахсар. Кини наар биир халыыбынан үлэлээбэт. Мэниктээбиччэ, дьээбэлэммиччэ диэбиттии, киһи араас кыраасканан, өҥүнэн-дьүһүнүнэн «быраҕаттаныан» баҕарар. Оннук үлэлэргэ син биир толкуйуҥ күүскэ үлэлиир, арай толоруута түргэн. Онтон Николай Лугинов айымньыларыгар уонна да атын улахан иллюстрацияларга уһуннук олорбутум.
Онтон аныгы суруйааччы Иннокентий Иванов «Чуумпу Бүлүү» арамааныгар хайдах үлэлээтигит?
Иннокентий Иванов арамааныгар үлэлиир миэхэ эмиэ умсугутуулаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, мин тыа сириттэн төрдүлээх-уустаах киһи буоллаҕым дии. Киһи бэйэтин омугун устуоруйатын билиэхтээх, Бүлүү умнаһыгар Тэрэппиин атыыһыт баарын урут син истэр этим. Онтон ис иһигэр киирэн ааҕан бардахха олус интэриэһиргэтэр. Суруйара да куһаҕана суох: дьоруойдарын, сюжетын ииччэҕэ-бааччаҕа киһини тардар. Онтон уруһуйдуурбар ааптар быһыытынан бэйэтин баҕатын эмиэ этэр этэ. Ол гынан баран, ол ардыгар айар киһиэхэ мэһэйдиир. Худуоһунньук ылла да судургутук уруһуйдаан кэбиспэт, реализм оскуолатын үтүө үгэстэрин син биир тутуһар. Худуоһунньугунан үлэлээбитим 30-ча сыл буолла.
Ол кинигэҕэ эротическай хабааннаах хартыыналар эмиэ бааллар этэ дии?
— Бааллар. Олоҥхоҕо хоһуллан кэлбит кэрэ дьахтар быһыытын-таһаатын, кэрэ сэбэрэтин ама ханнык эр киһи уруһуйдуо суоҕай? (күлэр).
— Ханнык баҕарар айар эйгэҕэ сакааһынан үлэлээһин диэн баар буолар. Ол ардыгар эмиэ мэһэйдиэн сөп дуо?
— Харчы хантан киирэрий? Эмиэ сакаастан киирэр. Син биир харчы хантан эрэ кэлиэн наада эбэтэр ким эрэ бэлэх оҥороору уруһуйдатар. Сакаасчыт тугу этэринэн эрэ оҥороргун сөбүлээбэтэргин да, ылыстыҥ, сөбүлэҥҥин биэргин да, тиһэҕэр тириэрдэҕин. Ол иһин, мин улаханнык сакааска үлэлии сатаабаппын. Ол кэриэтэ бэйэм толкуйдаан айбыт, дууһам этэрин, сүрэҕим сылааһым ууран оҥорбут хартыыналарым бэйэбэр ордук чугастар. Олоҥхо, сылгылар, хоту дойду тиэмэлэригэр уонна Монголия матыыптарыгар уруһуйдуурбун олус сөбүлүүбүн.


— Ол да иһин, Монголияны кытары ыкса сибээстээххин. Төрүттэрбин биирдэринэн?
— Оннук да буолуон сөп. Тылбыт-өспүт олус маарыннаһар. Монголия аҕам саастаах кырдьаҕастарын кытары кэпсэттэххэ, ону дьэ өйдүүгүн. Сэбиэскэй сойууска үөрэммит кырдьаҕас оҕонньору кытары билсибитим. Кини генетиканы көрөр. «Эһиэхэ көхсүлэригэр улахан мэҥнээх оҕолор төрүүллэр дуо?» — диэн ыйыппытыгар: «Төрүүллэр» диэбитим. Онно кини: «Ол аата биһиги хааммыт баар, онтон кытайдарга итинник көстүү олох суох», — диэбитэ. Аармыйаҕа сылдьан Монголия дьикти айылҕатын, култууратын, устуоруйаларын олус сөбүлээбитим. Кэнники Николай Лугинов көмөтүнэн хаста да тахса сырыттым. Ол сылдьан Монголияҕа Арассыыйа генеральнай консулунанан үлэлээбит биир дойдулаахпыт Александр Мигалкины кытары билсибитим. Олус боростуой майгылааҕа. Уруһуйдуу, үлэлии барарбар бэйэтин массыынатын биэрэн улаханнык абырыыра. Суоппара сарсыарда илдьэн баран, киэһэ үлэлээн бүппүтүм кэннэ ылара. Оннук хас да күн сылдьыбытым кэннэ Александр Васильевич: «Дьулустаан, арааһа, умуннуҥ быһылаах, ким массыынатыгар сылдьаргын», — диэн күлэн турардаах.
Монголлар, биһиэхэ тэҥнээтэххэ, олус элбэх худуоһунньуктаахтар. Тоҕо диэтэххэ, сэбиэскэй кэмҥэ И.Репин аатынан Санкт-Петербургдааҕы академияҕа уонна В.Суриков аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай академическай художественнай институкка үөрэммиттэр олус элбэхтэр. Билигин Европаҕа уонна кыраныысса таһыгар үөрэнэр дьоннордоохтор, онон Европа култууратын аҕала тураллар. Кинилэр көрүүлэрэ олох атын, таһымнара таһыччы. Судаарыстыба өйөбүлэ улахан.
Преподаватель быһыытынан көрдөххүнэ, ыччаттарбытыгар худуоһунньук талааннаах дьон төһө элбэҕий?
— Сахалар талааннаахтар. Куһаҕана диэн уолаттар аҕыйахтар. Мин Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы институтугар үс кууруһу үөрэтэбин да, онно 14 кыыс, 1 уол баар. Билигин үйэбит уларыйда уонна биһиги үөрэхпит уһун. Аныгы уолаттар атын көрүүлээхтэр, кинилэр түргэнник харчы оҥоруохтарын баҕараллар, биһиги курдук 5-6 сыл үөрэнэ олордохторуна, хантан харчыланаллар? Аны худуоһунньук фабрика дуу, собуот дуу курдук бэчээттии олорбот. Бэйэҥ тутан-хабан оҥордоххуна эрэ дьоһуннаах үлэ тахсар.
Аныгы үйэ сиэринэн барытын көмпүүтэргэ түһэрэн уруһуйдууллара түргэнэ үчүгэй, ол гынан баран, киһи соһуйара да суох курдук, киһи ис дууһатын уурбута көстүөхтээх этэ буоллаҕа. Худуоһунньук ис дууһатын биэрэн, бэйэтин илиитинэн тутан, хараҕынан көрөн оҥорбута ис туруктаах, иэйиилээх, киһиэхэ энергияны биэрэр. Улахан худуоһунньуктарбыт Владимир Карамзин, Афанасий Осипов, Афанасий Мунхалов үлэлэриттэн киһи күүс-уох ылар.

«Худуоһунньук идэтин талбыппыттан кэмсиммэппин»

— Олох олорон истэҕиҥ аайы уруһуйдуур тиэмэҥ уларыйыан сөп дуу?
— Билигин стилизованнай уруһуйдарга ылсыахпын баҕарабын. Мин реализм оскуолатыгар үөрэммитим. Онтон аныгылыы ииччэх-бааччах үлэлэри атын киһи, баҕар, «Хайа бу киһи барытын марайдаан кэбиспит» диэҕэ да буоллар, кэм-кэрдии син биир киһини уларытар, киһи буочара уларыйар. Аатырар Пикассо, Сальвадо уо.д.а. маҥнай үчүгэй оскуоланы ааспыттара, онтон буочардара уларыйбыта. Бэл, Пикассо бэйэтин интервьютугар: «Сакааска үлэлэртэн буочарбын уларыппытым. Сакааһынан үлэлиир эмиэ интэриэһинэй буолан барбыта», – диэбиттээх.
Тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр хартыыналары уруһуйдуоҥ этэ дуу?
— Дьэ, оҥорбут киһи диэн сылдьабын. Оннук үлэм, дьиҥэр, аҕыйах баар эрээри, дьон билбэт. Институту бүтэрэрбэр оҥорбут «Сайылыктан көһүү» диэн хартыыналаахпын.
Билиҥҥи үйэҕэ командировкаҕа бараргытыгар-кэлэргитигэр төһө кыах баарый? Холобур, Афанасий Осипов хайаларга баран хаалар этэ, уһулуччу үчүгэй хартыыналардаах.
— Билигин оннук суох. Афанасий Мунхалов: «Биһиги коммунизмҥа олорбуппут, үстүү ыйга хоту барар этибит, онно үчүгэй усулуобуйаны тэрийэллэрэ, хамнаспыт кэлэ турара, кэлэр-барар ороскуоккун төлүүллэрэ», -– диэн этэрэ. Ол да иһин, оччотооҕу худуоһунньуктар тыа сирин, дириҥ сюжеттаах, саха киһитигэр чугас хартыыналары оҥорон хаалларбыттара. Билигин итинник көстүү олох сэдэх.
Худуоһунньук идэтин талбыккыттан биирдэ эмэ кэмсинэр санаалар охсуллан ааспыттара дуо?
— Суох. Баҕар, атыны сатаабаппыттан буолуо. Арааһа, мас ууһа буолуом эбитэ буолуо…
Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
— Кэргэним Светлана Иннокентьевна Национальнай бибилэтиэкэ научнай-чинчийэр киинин сэбиэдиссэйэ, устуоруйа наукатын хандьытаата. Икки оҕолоохпут. Кыыспыт быйыл Москваҕа программист идэтин кыһыл дипломунан бүтэрдэ, Москваҕа үлэлии хаалар санаалаах. Уолбут оператор идэтигэр үөрэнэ сылдьар уонна үлэлиир.
Кэргэним дойдутугар Амма Соморсунугар сайын аайы тахсан уруһуйдуурум, ол быыһыгар от үлэтигэр көмөлөһөрбүт.
Инники былааннаргын билиһиннэрдэххинэ?
— Быйыл дойдубар Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕа буолуоҕа. Үөһээ Бүлүү олоҥхоһута Андрей Титович Титаров (Айсен Николаев эһээтэ) «Хардааччы Бэргэн» олоҥхотун кинигэтигэр иллюстрацияларга үлэлии сылдьабын. Биир эрэ олоҥхону аахпаппын, дьүөрэлээн көрөөрүбүн хас да олоҥхону билистим. Дойдубар тус быыстапкам буолуохтаах.
САССР үбүлүөйдээх сылыгар манньыакка эскиһи оҥорууга бастакы миэстэни ылбытым туһунан соторутааҕыта иһитиннэрдилэр.
Дьиктитэ диэн, саха бастакы полиграфиһа, Үөһээ Бүлүү Кэнтигиттэн төрүттээх, кэлин Германияҕа үлэлээбит Петр Сергеевич Басылайканов Сахабыт сирин 50 сылыгар аналлаах манньыат эскиһин оҥорбута, онтон 50 сылынан мин оҥордум, эмиэ Кэнтик уола…

БЫҺААРЫЫ:
Дьулустаан Афанасьевич БОЙТУНОВСӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы институтун дассыана, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ Духуобунаска академиятын чилиэнэ. 1985 с. -– Саха сиринээҕи ойуулуур-дьүһүннүүр училищены, 1994 с. – Красноярскайдааҕы судаарыстыбаннай ойуулуур-дьүһүннүүр институту (бэрэпиэссэр А.М.Знак мастарыскыайын) бүтэрбитэ. 1998-2001 сс. Красноярскайга Арассыыйа худуоһунньуктарын академиятыгар живопись мастарыскыайыгар (А.П.Левитин мастарыскыайыгар) стажировкаламмыта.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0