Ааһан эрэр нэдиэлэҕэ, сэтинньи 25 күнүгэр, Олоҥхо күнүн бэлиэтэммит, онно аналлаах дэкээдэ саҕаламмыта. Ол чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар олоҥхо күнүгэр сыһыаннаах тэрээһиннэр сэргэхтик ыытылыннылар.
Ол эрээри, быйылгы олоҥхо күнүгэр аналлаах саамай дьоһуннаах үтүө тэрээһининэн Платон Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото алтаай тылынан тахсыбыт кинигэтин презентацията буолар. Үтүөкэннээх тэрээһини Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков үүннээн-тэһииннээн ыытта. Олоҥхоһут Валентин Исаков “Дьулуруйар Ньургун Боотуртан” быһа тардан иһитиннэрдэ. СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев ВКС-эрэсиимин көмөтүнэн эҕэрдэлээтэ. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников саха норуотун туһугар сүҥкэннээхэй үлэ үмүрүтүллүбүтүн туһунан ылыннарыылаахтык этэн эҕэрдэ тылын анаата.
Алтай Өрөспүүбүлүкэтин үһүс ыҥырыылаах Эл Курултайын Бэрэссэдээтэлэ, РФ сэттис ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Иван Белеков эҕэрдэ тылы эттэ. Кини Александр Жирков оҥоро сылдьар үлэтэ олус улахан суолталааҕын ыйда. Саха сиригэр үгүстүк сылдьарын эттэ. “Ньургун Боотур” тылбаастаммытын илдьэ иһэн, арааһы бары толкуйдаабытын эттэ. «Арай, сахалар өбүгэлэргит бу олоҥхону соҕурууттан илдьэ кэлбит буоллуннар? Ол аата, ортотунан, 1700 кэриҥэ сыл буолан баран, Ньургун Боотур уонна Мадаай Хара дьэ манна көрүстүлэр ээ», — диэн олус долгутуулаахтык эттэ. Мадаай Хара диэн алтаай эпоһа, маны биһиги дьоммут сахалыы тылынан 2016 сыллаахха тылбаастаабыттара.
Онон “Дьулуруйар Ньургун Боотур” Алтайдыы тылынан тахсыбыта саха омук устуоруйатыгар тугунан да кэмнэммэт, сыаналаммат улахан ситиһиинэн буолар.
edersaas.ru
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриилэрэ