Соторутааҕыта саха норуотун биир чулуу уолун Гаврил Гаврильевич Колесов туһунан “Саха” НКИХ араадьыйанан биэрэн миигин үөртэ.
Кини П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун сүүрбэ куолаһынан толорон, быластыыҥкаҕа суруйтарбыта. Гаврил Гаврильевич бу айымньыта кэлин олох умнуллубута боростуой дьону олус хомоппута.
Миигин, култуураҕа сыһыана суох киһини, 1988 с. Ленинград курдук куоракка кини ыллаабыт-туойбут быластыыҥката босхо аһатан-сиэтэн, төннөрбөр толору оптуобус дьоно атааран тураллар.
Ленинградка хонук сир көрдөһө сырыттахпытына, Саха сиригэр эспэдииссийэҕэ үлэлээбит нуучча киһитэ көрсөн, дьиэтигэр түһэрбитэ. Ол ыалга биир киэһэ “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону ким аҕыс чаас, 20 куолаһынан ыллаабытын туһунан кэпсээтим. Кыратык быһа тардан, Ньургун Боотуру, Айыы Умсуур удаҕаны, Кыыс Кыскыйдааны уо.д.а. 15 киэһэни быһа билиһиннэрдим. Мин ыллыырым диэхтээн, кинилэр эрэ кэрэхсиир ырыалара буолуо. Кинилэр саамай сөбүлээбиттэрэ Кыыс Кыскыйдаан. Киэһэ аайы ыллаталлар.
Туйаарыма Куону чуумпуран олорон истэллэр. Онон 15 суукка көҥүл аска-таҥаска Гаврил Колесов быластыыҥката олордон турар. Өссө ыалларым бэлэх-туһах бөҕө биэрдилэр. Дьиэлээх хаһаайка олус сөхпүтэ: «Саха норуота олус да сайдыылаах эбит», — диэн.
Мария ГОРОХОВА,
Дьокуускай к. 88 саастаах олохтооҕо.