Дугуйдан Винокуров: “Дьиэ кэргэн биир хамаанда буолуохтаах”
Уонча сыллааҕыта Өймөкөөҥҥө командировкаҕа бара сылдьан, Винокуровтарга ыалдьыттаан турардаахпыт. Бу ураты ыал уонна кинилэр хоһуун ийэлэрин туһунан “Эдэр саас” хаһыакка суруйбутум. Дьиҥэ, ийэлээх аҕаларын туһунан туспа кинигэ да суруллуон сөп курдук. Төрөппүттэрэ иккиэн булчут, сылгыһыт дьон, оҕолоро улаатыахтарыгар диэри тыаҕа, сылгы базатыгар олорбуттара. Ийэлэрэ акка олорон, бөһүөлэккэ төрүү эрэ киирэрэ. 8 оҕолорун кытаанахтык, ол эрэн, олус сиэрдээхтик, үгэһи туттуһан, үлэни таптыырга иитэллэрин, айылҕа оҕолоро буолалларын хайгыы көрбүтүм. Дугуйдан оччолорго саҥа туран эрэр, курбалдьыйбыт уол этэ. Сүүрбэччэлээх эрэ эрээри, номнуо кэргэннээх, оҕолоох этэ.
Онтон бу сырыыга хоту дойду хоһууна Дугуйдан Винокуров балтараа сылы быһа саха атынан 8 тыһыынча биэрэстэни айаннаан, 17 эрэгийиэни уҥуордаан, номоххо киирэр сырыытын түмүктээн баран, “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтигэр кэлэн ыалдьыттаата.
— Дугуйдан, бу кэм устата айаны кэтээн көрө олорон, мин биири ыйытыахпын баҕарбытым. Бу балтараа сылы быһа дьонуҥ эйигин ыытан кэбиһэн баран, хайдах бэйэлэрэ эрэ олордулар?
— Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх кэпсэтии, өйдөһүү түмүгэр быһаарыы ылынан, биир сүбэҕэ тиийдэхпит дии. Этэҥҥэ олоруохтара диэн эрэллээх этим. Бэйэлэрин эрэ соҕотохтуу хааллардым диэн санаарҕаабатаҕым, эбэлэрэ, эһэлэрэ күүс-көмө буолуохтара диэн эрдэттэн сүбэлэспиппит.
Балаҕан ыйын 19 күнүгэр ыал буолбуппут 11 сылын туолар. Кэргэним Катерина сиэстэрэ, балыыһаҕа үлэлиир. Кыыспыт Диана 11 саастаах, уолбут Дархан 9-таах. Биһиги ыал куоракка көһөн кэлбиппит син ыраатта. Оҕолорбут Үөһээ Бүлүү Намыгар эбэлэригэр олорон үөрэнэллэр. Ийэ кынным Анна Аркадьевна үтүөлээх учуутал, биһиги атахпытыгар турарбытыгар элбэхтик көмөлөспүт киһи. Билигин Дархан кылааһын салайааччыта.
— Оччоҕо олох да үс сиринэн арахсан олорбут эбиккит дии. Билигин бары бииргэ буолаҕыт?
— Үгүс эдэр ыаллар курдук, тыа сиригэр үлэ, дьиэ суох буолан, куоракка кэлбиппит. Манна да куортамнаан, элбэхтик көһө сылдьыбыппыт. Былырыын, дьэ, кыбартыыра атыыласпыппыт. “Прометей” оскуолата аһылыннаҕына, оҕолорбут кэлиэхтээхтэр этэ. Ону быйыл аһыллыбат быһыылаах.
Уолум көҥүл тустуунан дьарыктанар. Бүлүү умнаһын улуустарын чөмпүйүөнэ, өрөспүүбүлүкэ призера. Дьарыктаммыта биир сыл буолла. Кыыһым үҥкүүгэ сылдьар. Олоҥхо Ыһыаҕар кыттан, түһүлгэни киэргэппитэ.
Оҕону иитиигэ улаханнык куоттардыбыт дии санаабаппын. Куруук кинилэргэ барабыт, каникул аайы кэлэллэр. Уолбунаан Өймөкөөҥҥө оттуу, бултуу барабыт, бары онно сайылыыбыт. Күһүн, кыһын, саас эмиэ онно кэлэ-бара сылдьабын, аҕабар көмөлөһөбүн. Таксилыыр, туризмынан дьарыктанар этим.
— Сылгыһыт, булчут киһи, эн куоракка кэлэн тэһийэҕин дуо?
— Бастаан ыарахан этэ. Тыыныҥ-быарыҥ хаайтарар, наар бириэмэ сырсыыта ыгар. Онтон киһи син биир үөрэнэр. Киһи туохха барытыгар үөрэнэр харамай. Сатаабаппын диэн баран, туруо суохтаах.
— Дархаҥҥа бу айана тугу биэрбитэ буолуой?
— Элбэх үөрүүнү, умнуллубат түгэннэри биэрдэҕэ. Хаһан да көрбөтөх куораттарын, сирдэрин көрдөҕө. Ону-маны ыйытар аҕай этэ. Дьон бары кинини таптыыр, кэпсэтэр, улахан болҕомто ортотугар сылдьыбыта. Москваҕа улахан көрсүһүүлэргэ толлон турбакка, бэйэтэ кэпсэтэн, быһаарсан сылдьарын, дьон астынар этэ. Айаны тулуйуо диэн бигэ эрэнэрим. Кыра эрдэҕиттэн тыаҕа сылдьа үөрүйэх оҕо. “Оҕом сылайда, сынньан, бэйэм оҥоруом” диэбэт этим. Уһун күнү быһа ыҥыырга олорон, тэҥҥэ айаннаан кэлээт, сыппат-олорбот, балааккатын тардан, аһын-үөлүн бэлэмнээн барара. Уол оҕону аҕата илдьэ сылдьан, бэйэтин холобурунан үөрэтэр. Киниэхэ бу айан олоҕор умнуллубат уруок буолбут буолуохтаах.
— Оттон кыыһы иитии уратылаах дуу?
— Кыыһы атаахтатан, таптаан иитиэххэ наада. Барытын көҥүллээн, төбөҕө таһааран диэн буолбатах. Атаахтатыы диэн – тапталгын көрдөрүү. Кыыс оҕо аҕатыгар бастакы миэстэҕэ турара буолуо. Мин кыыспын уолбунааҕар атаахтатабын.
Оҕону мөх да мөх буоллахха, өсөһөр. Кыратык атаахтатан, доҕордуу курдук буоллахха, оҕо аһыллар, итэҕэйэр. Оҕо син биир мөҕүллэр, ону тута ыйытабын: “Билэҕин, туохтан мөҕүллүбүккүн?” Холобур, мөҕөөт да, аһынан, атаахтатан бардахха, кини буруйун билиммэт, билбэт. Онон туохтан мөҕүллүбүтүн быһааран биэрэҕин, үчүгэй-куһаҕан диэни араараҕын. Мөҕөн баран, кыра бириэмэҕэ оҕону тыыппаккын, сырыттын, толкуйдаатын.
— Кэргэниҥ эн саамай өйүүр киһиҥ?
— Оннук. Бу айаҥҥа элбэх долгуйууну ааспыт киһи кини. Ойохпор наһаа махтанабын, өйдөөн, өйөөн, хас биирдии тылбар сөпсөһөн, бу барыта табылыннаҕа. Онон икки өттүттэн толору өйдөһөбүт. Дьиэ кэргэн биир ситим, биир киһи, биир хамаанда курдук буолуохтаах. Тэҥ толкуйдаах, идиэйэлээх, биир өйдөбүллээх. Кини тугу да оҥордун, эн өйүөхтээххин, эн тугу да оҥор, кини эмиэ өйүөхтээх.
Иркутскайга дьонум кэлэн, Саҥа дьылы көрсүбүппүт. Онтон Новосибирскайга, Казаньҥа, Москваҕа кэлэ сылдьыбыттара. Москваҕа дьиэ кэргэнинэн ый кэриҥэ сырыттыбыт. Улахан куораты көрөн, күүлэйдээн, сынньанан, наһаа үчүгэйдик сырыттыбыт. Бары көмөлөспүт дьоҥҥо наһаа махтанабын…
Саха буоларбынан киэн тутуннум
— Оҕолоргун иитэргэр ханнык быраабылалары тутуһаҕын?
— Урукку кэмҥэ холоотоххо, билигин оҕону иитии кытта уларыйда, ыараата. Аныгы кэмҥэ интэриниэт дьайыыта улахан. Барытын дьүөрэлиэххэ наада. Холобур, төлөпүөнү былдьаан ылар кыаҕыҥ суох: оҕо син биир олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаах. Ол быыһыгар мөҕүттэбит: “Төлөпүөҥҥэ киирэн баран сытаҕын, тугу да гыммаккын” диэн. Итини хайдах эрэ дьүөрэлээн, ортотун булан иитэр үчүгэй дии саныыбын.
Ол иһин дьиэ иһигэр быраабыла олохтуубун: бачча чаас төлөпүөннүүгүн, онтон дьиэ үлэтин оҥороҕун, бу кэмҥэ күүлэйдиигин диэн. Үөрэҕэр уонна дьарыгар бириэмэтин аттаран, кыраапык оҥорон биэрэҕин. Оччоҕо дьиссипилиинэлэнэр, бэрээдэктэнэр. Билигин оҕолору спорт өттүгэр сыһыарыахха наада. Спорт киһи майгытын хатарар. Оттон спорка сыстыбатах оҕолор бэйэлэрин истэригэр хаайтаран хаалаллар.
Үгүс эдэр төрөппүт, оҕото ытаата да, төлөпүөнү туттаран кэбиһэр. Ити, дьиҥэр, киниэхэ элбэх бириэмэни биэрэр, ол эрэн, оҕоҕун туохха да үөрэппэккин, кэпсэппэккин. Оҕо уоскуйан, бэйэтэ-бэйэтигэр олорор. Онтон сылтаан, бэйэтигэр хаайтаран барар, төбөтүн иһигэр туох-туох буккуллуу барара буолла? Бары нууччалыы, омуктуу саҥараллар, онон төрөөбүт тылын умнан барар. Ханнык да тылынан бэйэтин санаатын кыайан эппэт буолар, буккуллан хаалар. Мин санаабар, итиннэ “төлөпүөн иитиитэ” улаханнык оҕуста.
Онон оҕолорбор биир быраабылам: “дьиэҕэ кэллигит да, сахалыы эрэ саҥараҕыт” диэн. Таһырдьа тахсан, дьэ, нууччалыы саҥарыҥ, тоҕо диэтэр, нууччалыы, омуктуу эмиэ кэпсэтэ үөрэниэххэ наада диибин.
Биһиги көлүөнэ тылбытын биэрбэтэхпитинэ, оҕолорбут онтон кэлэр көлүөнэҕэ тугу да тиксэрэллэрэ суох буолуо. Маннык тэтиминэн бардахха, 2-3 көлүөнэнэн баччааҥҥа диэри илдьэ кэлбит тылбыт сүтэр.
Сахалыы тыллаах буоллаххына, эн омук быһыытынан тирэхтээх буолаҕын. Бэйэтэ тыллаах омук таһыма үрдүүр, култууратын илдьэ хаалар. Айаннаан иһэн, национальнай да өрөспүүбүлүкэлэргэ дьоҥҥо кэпсээтэхпинэ, олус сөҕөллөр этэ: “Бары сахалыы эрэ саҥарабыт, оскуолаҕа сахалыы үөрэтэбит, бары улуустар өйдөһөбүт” диэн. Кинилэргэ бу суоҕуттан бэйэм сөҕөрүм.
— Ыраата сылдьан, киһи саха буоларынан киэн туттар дуу?
— Айаннаан иһэн, саха буоларбынан олус киэн туттар этим. Тоҕо диэтэр, дириҥ историялаах, улуу өбүгэлэрдээх, туспа тыллаах-өстөөх, култууралаах, үгэстэрдээх омук сыдьаана буоллаҕым. Хас биирдии эрэгийиэҥҥэ, улахан куоракка киирэн, саха норуотун, култууратын, сылгытын туһунан лиэксийэ ааҕарым.
“Сылгыбыт ынах курдук буолла”
— Бу маннык айанныыр санаа хаһан уонна тоҕо киирбитэй?
— Саха аттарын тургутар санаа миэхэ 4 сыллааҕыта киирбитэ. Икки сыл аттаах туризмынан дьарыктаммытым. Англия, Австралия, Саҥа Зеландия, Франция курдук дойдулартан сылгынан дьарыктанар туристар кэлэн көрөн, саха атыттан саллаллар этэ. Сахалар наһаа тулуурдаах туспа боруода сылгылаах эбиккит диэн сөҕөллөрө. Интэриниэккэ көрдөххө, бэрт аҕыйах информация баар. Ол иһин саха сылгытын кыайыыта, ситиһиитэ бигэргэннин, аан дойдуга элбэх киһи биллин диэн маннык айаҥҥа туруммуппут.
Күтүөтүм Мичил Неустроевтыын бастаан айанныырбытыгар Хаастаах, Хоҥор, Айан, Сунтаар диэн түөрт аттаах этибит. Хомойуох иһин, Красноярскайга тиийэн, Айаммыт эчэйэн, өлөн хаалбыта. Онтон Сунтаарбыт Новосибирскайга чугаһаан иһэн, хаппыт мутукка аҥаар хараҕын тэспитэ. Ол иһин Мичил атын илдьэ төннүбүтэ.
Новосибирскайтан Казаньҥа диэри соҕотох айаннаабытым, онтон уолум кэлбитэ. Иккиэн 700 килэмиэтири икки нэдиэлэ айаннаан Москваҕа тиийбиппит. Онон Хаастаах уонна Хоҥор Өймөкөөнтөн Москваҕа тиийэ туйахтарынан суолу кэмнээн, айаннаан тиийдилэр. Саха ата тулуурдааҕын, күүстээҕин дакаастаатылар.
— Уһун айан кэнниттэн, бэйэҕэр туох түмүктэри оҥоһуннуҥ?
— Аттарым тиийиэхтэрэ диэн билэр этим. Көрүүтүн-харайыытын, аһатыытын эрэ кыайыахха наада этэ. Айан кэннэ киһи олоҕу, инникитин көрөрө олох атын буолар. Арассыыйа 17 эрэгийиэнин ааһан, араас дьоннуун алтыһан аастаҕым. Бары куораттар уратылаахтар, ханна эрэ дьадаҥытык, ханна эрэ байылыаттык олороллор. Дьон сыһыана да араас буолар. Үксүгэр үчүгэйдик сыһыаннаһаллара. Дьону кытта алтыһан, бэйэҥ санааҕын этэ үөрэнэн, олоҕу көрүүҥ тосту уларыйар. Бу иннинэ ыраах тэлэһийбэтэх, Саха сириттэн тахсыбатах киһибин.
Туох да буоллун, сыыспыт да буол, кэмсиниэ суохтааххын диэн өйдөөтүм. Кэмсинэн, бэйэҕин эрэ кэбирэтэҕин. Чэ, буолуохтаах буолбут диэн, олорон толкуйдуу түһэн баран, инниҥ диэки баран иһэҕин. Аныгыскыга атыннык дьаһанаҕын.
— Саха сиригэр тэҥнээтэххэ, дьон хайдах олорор эбитий?
— Национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ үчүгэйдик, чөкө, ыраас баҕайытык олороллор эбит. Бурятия, Башкортостан, Татарстан, Чувашия буоллун. Оттон сорох уобаластарга быраҕыллан эрэр эргэ дэриэбинэлэр элбэхтэр.
Киһи хомойоро диэн, ханна да тиий, тыа хаһаайыстыбатыгар эдэр дьон сыстыбат эбит. Көрсүбүт сылгыһыттарым, кырдьаҕастар бары ону үҥсэргииллэр. Миигин көрөн сөҕөллөр, 30 саастаахпын диэтэхпинэ, итэҕэйбэттэр, сүүрбэччэлээх оҕо курдук көрөллөр.
Биһиэхэ эмиэ оннук кыһалҕа баар диэн кэпсиибин. “Ону хайдах гыныахха сөбүй?” диэн бэйэбиттэн ыйыталлар. Үчүгэй хамнастаах үлэ миэстэтин тэрийиэххэ, ыччат тардыһарын курдук, субсидия көрөн дуу, хайдах дуу, усулуобуйа оҥоруохха наада. Дьиҥэ, сылгыга, сүөһүгэ тардыһар элбэх уолу билэбин, ол эрээри, наар усулуобуйа суох диэн туорууллар.
Билигин аан дойду үрдүнэн сылгыны көрүү уларыйан турар. Саха сиригэр да сылгыбыт барыта дьиэ таһыттан ырааппат, кыһыннары аһатыллар ынах курдук буолла. Ити мин тус санаам. Ол эрээри, сылгыһыттар өйдүүллэрэ буолуо.
— Тоҕо маннык буолла?
— Биһиги көлүөнэҕэ кэлэн төрүт үгэс быстыбыт быһыылаах. Холобур, эдэр дьон үүтээн туттан, ыраах тыаҕа олоруохтарын баҕарбаттар. Аҕа көлүөнэ оҕолорун сүөһүгэ, сиргэ сыһыарбатахтар. Наар сылааска, сибээскэ тардыһар буоллубут, төлөпүөнтэн тэйбэппит, куолулуу-куолулуу сыт да сыт. Биһиги сүрэхпит суоҕуттан сылгыларбыт итинник буоллулар. Ити бүтүн Саха сирин үрдүнэн баар улахан кыһалҕа.
Ол эрэн, сылгыны иитиигэ барыларын баһыйан иһэбит дии саныыбын. Сылгыбыт элбэх. Биһиги култуурабыт сылгыны кытары ситимнээх, онтубутун тутан хаалбыппыт. Атын омуктарга ону кэпсииргэ да киэн туттаҕын. 180 тыһыынча сылгы баар, төбөтө аҕыйаабат, элбии турар диэтэхпинэ, сөҕөллөр. Сылгыбыт симэлийдэҕинэ, сахалар норуот быһыытынан сүтэбит дии саныыбын.
Москваҕа ыһыах кэмигэр.
Эр киһи мөлтөөтөҕүнэ, норуот мөлтүүр
— Билиҥҥи кэмҥэ эр дьон мөлтөөтө, дьахтар өрө таҕыста дииллэр. Эн санааҕар, аныгы саха эр киһитэ хайдах буолуохтааҕый?
— Аан дойду үрдүнэн эр киһи айылҕаттан бэриллибит дьиҥнээх дьарыгыттан тэйдэ, оруола уларыйда. Урукку курдук кини булчут-балыксыт, сэрииһит, дьиэ кэргэнин аһатар булааччы-талааччы буолбатах. Барытыгар хааччах элбэх.
Аныгы эр киһи ойоҕун кытары иһит, таҥас сууйан, дьиэ да хомуйан тэҥҥэ үлэлиэхтээх дии саныыбын. Иккиэн тэҥҥэ үлэлииллэр, харчы өлөрөллөр, ол кэнниттэн ойоҕо кэлэн эбии үлэлиир: ас астыыр, дьиэ хомуйар, оттон эр киһи “дьахтар үлэтэ” диэн баран сытыахтаах дуо?
Мин дьиэ да хомуйабын, ас астыырбын олус сөбүлүүбүн. Ол гынан, дьахтартан баттанным дии санаммаппын. Эр киһи санаатынан да, эт-хаан өттүнэн да быдан күүстээх, тулуурдаах. Ол иһин дурда-хахха, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолар буоллаҕа. Эр киһи үчүгэй туруктаах буоллаҕына, дьиэ кэргэҥҥэ барыта үчүгэй буолар. Дьиэ кэргэн нус-хас олохтоох, сарсыҥҥыга эрэллээх буоларын барытын эр киһи оҥорор. Онно үчүгэй, өйдүүр дьахтар баар буоллаҕына, дьиэ кэргэн биир организм курдук үлэлиир. Хас биирдиилэрэ бэйэлэрин оруолларын толороллор. Дьахтар син биир эр киһи оруолун толорбот, бу айылҕаны утары барыы буолар. Онон бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэриэхтээхтэр, өйөһөн-өйдөһөн олоруохтаахтар. Эр киһи мөлтөөтөҕүнэ, норуот эмиэ мөлтүүр.
— Билиҥҥи кэмҥэ ылбычча киһи санаммат, саха эр киһитин хорсун быһыытын көрдөрдөҕүҥ дии. Бэйэҕин дьоруой курдук сананаҕын дуо?
— Эдэр көлүөнэҕэ холобур буолуохпун баҕарабын. Ол эрээри, дьонтон үрдүктүк сананыахпын баҕарбаппын. Оҥоруохтаахпын оҥордум дии саныыбын, норуотум уонна сахам сылгытын туһугар.
— Бу кэнниттэн саха сылгытыгар сыһыан уларыйыа дуо?
— Уларыйдын диэн бу айаным аастаҕа дии. Билигин элбэх бырайыактар, идиэйэлэр бааллар. Нууччалыы эттэххэ, “подвиг якутской лошади еще не закончился”. Өссө да иһиллиэҕэ – саха сылгыта тулуурдааҕа, күүстээҕэ, кыанара.
Аттар туохтан санааргыыллар?
— Сылгылар туруктара үчүгэй?
— Оһуобай. Хайдах барбыттара да, оннук туруктаах кэллилэр. Бастаан санааргыыр курдук этилэрэ. Аттар эмиэ киһи курдук толкуйдууллар, үөрэллэр-хомойоллор, саҥарбат эрэ буруйдаахтар. Көрөөт да, тута билэҕин, бу ат туохтан эрэ санаарҕаабыт, тугу эрэ толкуйдуур, оттон бу сылгы тугу эрэ гынаары гынна, күнү быһа хаппырыыстыыр буолла диэн.
— Кинилэр туохтан санааргыыллара буолуой?
— Дойдубутуттан тэйдибит диэн, эбэтэр, эмиэ куйаас күн үүннэ диэн санаарҕаан турар буолаллар. Ардах түстэҕинэ, үөрэллэр. Киһи тылынан эппэт, көрөн билэҕин, ис имҥинэн сэрэйэҕин. Сылы сыллаан бииргэ сырыттахха, аттары кытары биир ситим үөскүүр. Туга эрэ ыалдьарын эмиэ көрөн билэҕин.
Саха сылгыта ыарыытын туох да эмэ суох бэйэтэ аһардар ээ. Эми испэт дьон эмиэ бааллар, туохтара да ыарыйдын, аһардан кэбиһэллэр. Холобур, айаҥҥа, инчэҕэй эттээх киһи, тугум эрэ ыарыйдаҕына, “нурофен” эрэ иһэбин. Киһи бэйэтин санаатынан эмтэнэр быһыылаах: “бу табылыакканан үтүөрэбин” диэн бэйэҕин итэҕэтэн кэбиһэҕин. Аптечка баара да, биирдэ да хостоммотоҕо.
— Дойдуларыгар кэлэн, дьэ, аттарыҥ төһө үөрдүлэр?
— Оо, үөрүү-көтүү бөҕө. Сөмөлүөттэн түһэрээт, Үс Хатыҥҥа илдьибиппит. Онно тиийэн, өрүтэ ыстаҥалаан, оонньохолоон, сүүрүү-көтүү, күөлэһийии бөҕөлөр. Дойдулара салгынныын атын буоллаҕа. Аҕыйах күнүнэн Өймөкөөҥҥө илдьиэхпит. Онно тиийэн дьиҥнээхтии күөлэһийиэхтэрэ турдаҕа. Мантан кыһын эмиэ туох эрэ бырайыагы толкуйдаан, ити аттарынан айаҥҥа турунуохпутун сөп. Билигин да саастара эдэр, күүстэрин-уохтарын үгэнигэр сылдьаллар.
Дугуйдан ийэлээх аҕатын, кэргэнин, оҕолорун, күтүөтэ Мичили кытта.
“Биһигини уратытык ииппиттэрэ”
— Бу айаҥҥа ийэлээх аҕам кылааттара эмиэ баар. Барыбытын сылгыны таптыырга үөрэппиттэрэ, маннык айаны кыайарга ииппиттэрэ. 4 саастаахпар Өймөкөөнтөн Хабаровскайга атынан илдьэ бара сылдьыбыттаахтар.
Дьэ, аҕабар тиийэн, эппитим: “Мин бардым. Миэхэ икки ат наада”. Аҕам: “Ханна бардыҥ?” Мин: “Таах, Москваҕа дьаарбайа, ханна тиийэн тохтуурбун билбэппин”. “Быһаарыммыт киһи бардаҕыҥ” диэн буолбута. Үчүгэйэ диэн, дьонум киһи тус олоҕор кыттыспаттар, төбөлөөххүн, бэйэҥ билэҕин дииллэр. Айан кэмигэр төлөпүөнүнэн кэпсэтэ турбуппут. Ийэм долгуйара, аҕам ыйытыыта: “Аттар хайдахтарый?” диэн буолара.
Биһигини букатын атыннык ииппиттэрэ. Оҕо эрдэхпинэ, аҕам миигин хаһан да сыллаабатаҕа, ымманыйбатаҕа. Билигин да илии тутуһан эрэ дорооболоһобут. Ол курдук атаахтаппат этэ, ол оннугар атыннык – көмпүүтэр, массыына бэлэхтээн атаахтатара. Эн үлэҕин сыаналыыр, оччоҕо өссө кыһаллан, үчүгэйдик оҥороҕун. Ыарахан түгэҥҥэ түбэстэхпинэ, толкуйдуубун: аҕам хайыа этэй, ийэм туох диэҕэй? Маннык гыннахпына, ийэлээх аҕам үөрүөхтэрэ диэн баран, быһаарынабын.
Аҕам ханна да тиий, барытыгар махтана сырыт диэн үөрэтэрэ: айылҕаҕар, уоккар, күҥҥэр, дьоҥҥор… Киһи сатаабата суох диэн өйдөбүлү күүскэ иҥэрбитэ. “Сылайдым” диэн тылы букатын абааһы көрөр. Истэн турдаҕына, хаһан да итинник диэччибит суох. Киһи бэйэтин аһыммыта буолан, сатаабаппын, сылайдым диэн бэйэтин мөлтөтөн кэбиһэр. Ылсан истэххинэ, барыта табыллан иһэр ээ.
Онон ийэлээх аҕам үөрэппиттэрин оҕолорбор тиэрдэргэ кыһаллабын. Утум салҕанар…
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат», edersaas.ru
Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.