Дугуйдан Москваҕа уолунаан Дарханныын айанныаҕа

Ааптар: 
27.06.2022
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өймөкөөн сылгыһыта Дугуйдан Винокуров  Татарстан Өрөспүүбүлүкэтигэр сылдьар кэмигэр  оҕото Дархан Винокуров аҕатыгар өйөбүл буола тиийдэ.  

— Кэргэним кыыһын илдьэ Москваҕа кэлиэҕэ. Уолум Дархан Казаньтан ыла бэйэбин кытта Москва туһаайыытын тутуһуоҕа. Онон 9 саастаах оҕобун улахан айаҥҥа уһуйа таарыйа, бииргэ айанныахпыт. “Уол оҕону иитиигэ бэртээхэй усулуобуйаны куоттарбатахпына табыллар” диэн санааттан, уолбун анаан ыҥыттардым. Дархан биэс сааһыттан миигин кытта атынан сылдьар. Онон үөрэннэҕинэ, уһуйулуннаҕына, бэртээхэй сылгыһыт тахсыаҕа. Уолбун аҕам миигин ииппитин курдук иитэбин. Аҕам биирдэ да төбөбүттэн имэрийэн сыллыы, атаахтата сылдьыбатаҕа. Кэпсэтии боростуой этэ: “Бу ат – эйиэнэ”, “бу биэ эйиэхэ бэриллэр” диэн. Ити аата мин аҕабыттан улахан сыанабылы ылыым буолара.  Кини миигин, саҥа улаатан эрэр киһини, итинник хайҕаан “хамнастыыра”. Оскуоланы бүтэрэрбэр дьоппуон “Хайсын” күлүүһүн туттарбыта. Муус устартан массыына сакаастаан барбыта. Аҕам бэйэтигэр ылаары гынна дии санаабытым. Арай оскуолам банкетыттан кэлбитим кэнниттэн аҕам ыҥыран ылла:” Нохоо, кэл манна. Мэ, бу эйиэхэ!”, — диэн баран “Хайс” күлүүһүн туттаран кэбистэ. Мин соһуйдум аҕай. Ол эрээри бу мин кыра эрдэхпиттэн сайын аайы аттарбын көрдөөн, ытыы-ытыы хайаттан төттөрү-таары сүүрбүт үлэм түмүгэ диэн тута өйдөөбүтүм. Аҕам миигин кууһа-ууруу сылдьан таптаабат этэ. Кини таптала, хайҕабыла – үлэм түмүгүн сыанабыла. Оскуоланы бүтэриибэр эр киһи буоларга уһуйуллубут түмүгүм – “Хайс” массыына. Кэргэннэнэн, бастакы оҕом төрөөн, “толору ыал аҕата буолбуккунан” диэн баран, аҕам УАЗ массыына бэлэхтээбитэ. Инньэ гынан, сылгылардаах, икки массыыналаах эдэр ыал аҕа баһылыга буола түспүтүм.

— Дархан ол аата эн суолгун батыһан эрдэҕэ…

— Оннук. Атаахтатан таралыппаппын. Эмиэ бэйэтэ сүүрэн-көтөр наадалааҕын булунар. Үлэтин ситэрэ-хотор сылдьар буолан, кэмигэр баҕалаах бэлисипиэтин ылбыта. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр үөрэҕэр кыһаллан, төлөпүөннэммитэ. Эр дьон быһыытынан эмиэ илии эрэ тутуһан эҕэрдэлэһэбит. Дархан тапталы олох билбэт оҕо буолбатах, эһээлэрэ, эбээлэрэ кини “уу чукуругун” толору биллэрэр дьон.

Бу «Саха сирэ» хаһыакка Дугуйдан Винокуров б.дь. 9 күнүгэр «Сылгыһыт буоллаҕа — сир түннүгэ киһи» ыстатыйабыттан холобурдаатым.

Дугуйдан Винокуров уола Дархан Үөһээ Бүлүүттэн Олоҥхо ыһыаҕыттан төннөн истэҕинэ интервью ылбытым. Уолчаан өссө да уһукта илигэ. Ол да буоллар, улахан киһи курдук бэрт боччумнаахтык кэпсэппитэ.

Кырабын диэбэт, Дархан аҕатыгар улахан өйөбүл буолар киһи.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0