Дугуйдан Дьокуускайга саха атын түмэлин, Өймөкөөҥҥө туристическай баазаны тэрийэр былааннаах
Бүгүн «Сахамедиа» пресс-киинигэр Өймөкөөн сылгыһыта Дугуйдан Винокуров саха атынан экстремальнай айанын туһунан суруналыыстарга анаан ыытыллыбыт «Тымныы полюһуттан — Москваҕа» пресс-кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла.
Тэрээһини Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Александр Горохов, уопсастыба чилиэнэ Егор Борисов уонна СӨ предпринимательствоҕа уонна туризм дьыалатыгар миниистирэ Тимур Ханды тэрийэн ыыттылар.
Дугуйдан айанын ис хоһоонун, уустук түгэннэрин кэпсээбитин кэнниттэн, суруналыыстар ыйытыы арааһын «куттулар».
Аттаргар төһө эрэнэр этигиний; айаҥҥытыгар саамай ханнык эрэгийиэҥҥэ уустук кэмнэр баалларай; Сунтаарга тоҕо олус өр буолбуккутуй? норуот бастааҥҥыттан өйөөбөтөҕө буоллар, хайдах салгыы айанныах этигитий? салгыы туох былааннардааххыный? саха атыгар сыһыаннаах туризм салаатыгар ханнык көрүҥү сайыннарар соруктааххыный? Өймөкөөҥҥө саха атынан айанныыр оскуоланы тэрийиэҥ дуо? Көстөрүн курдук, суруналыыс-аймах, туһугар, Дугуйдаантан эксээмэн тутта.
Бу пресс-кэмпириэнсийэҕэ Дугуйдан хас да кэскиллээх баҕа санаатын этэн, миэстэтигэр тута өйөбүлү ылбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол — төрөөбүт Үчүгэйигэр, чуолаан улааппыт, киһи буолбут Дьэкэйигэр саха атынан сылдьан айанныыр туристическай баазаны тутуу. Иккиһинэн, Дьокуускайга саха атын түмэлин тэрийии. Үсүһүнэн, эмиэ киин куоракка Саха сирин сылгыһыттара түмсэн үлэ уопутун атастаһар, саха атын атастаһар тиэргэннэрин тутуу.
Предпринимательство уонна туризм миниистирэ Тимур Ханды Өймөкөөн улууһугар сылдьан туризм кластера улаханнык сайдар кэскиллээҕин илэ көрбүтүн бигэргэтэн туран, Өймөкөөнү Тымныы полюһунан аан дойдуга аатырар бренд быһыытынан салгыы сайыннарар сорук турарын эттэ.
— Саха атынан дойду үгүс эрэгийиэннэрин таарыйан, Дугуйдан Винокуров Саха сиригэр экологическай туризм сайдар кэскиллээҕин илэ бэйэтинэн холобур көрдөрөн кэллэ. Биллэн турар, сылдьыбыт эрэгийиэнэригэр үгүс өйөбүлү ылла. Онон туризм салаатыгар саҥа бэлиитикэ үөскээн таҕыста — билигин биһиги улуус аайы сылгы иитиитин базаларын сайыннарыыга болҕомтобутун уурабыт: ким олохтоохтук бу салааҕа ылсан үлэлиирий, ким көннөрү дьарыктанарый диэн. Экологическай туризм оннук улахан суолталанна. Бу иннинэ Өймөкөөн улууһа тымныы полюһунан аатыра турбут буоллаҕына, билигин аны саха ата уутуйан үөскүүр түөлбэтин быһыытынан билиннэ. Онон Дугуйдан Винокуров төрөөбүт Үчүгэйин Дьэкэйигэр саха атын иитэр туристическай баазаны бары ирдэбили тутуһан туттарар баҕалааҕын биһиги өйүүбүт уонна бары өттүнэн өйүөхпүт. Ил Дархан Айсен Николаев бу хайысханы эмиэ биһирии ылыммыта уонна министиэристибэ болҕомтоҕо ылан, үлэни тэрийэригэр соруйбута. Онон бу күннэргэ Дугуйдан Винокуров хамаандатын кытта бииргэ үлэлээһини саҕалыахпыт, — диэн эттэ миниистир Тимур Ханды.
Пресс-кэмпириэнсийэ бэрт дириҥ ис хоһоонноох буолан, Дугуйдан Винокуров уонна Нуучча географическай уопсастыбатын былааннарын туһунан салгыы сиһилии сырдатыахпыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыскаҕа уонна видеоҕа ааптар түһэриитэ уонна устуута.