Кыстыыр дьиэтин бэйэтэ туппут Дьоруой ийэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр Бүлүү улууһун Баппаҕаайыта Дьоруой ийэлэр түөлбэлэринэн биллэр. Билигин манна 13 Дьоруой ийэ олорор. Кинилэртэн биирдэстэрин Федора Николаеваны кытта анаан көрсөн кэпсэттим.

edersaas.ru

Соһуйуом иннигэр сэрии кэмин оҕото буолан, аччык эрэйдээх олоҕу билбит киһи диэтэххэ, 86-с хаарыгар үктэммит ытык кырдьаҕас бэрт тэтиэнэх көрүҥнээх. “Билигин да сүгэбин туппутунан сылдьабын, тоойуом”, — диэн тыл быктаран, сэһэргэһиибит ол сүгэ тиэмэтиттэн саҕаланна.

— Сүгэбин туппутунан даа? Ол тугу гынаҕын онон? – диэн ыйыппыппар, Федора Спиридоновна биир сайын кыстыыр дьиэтин бэйэтэ туппутун кэпсээн барда.

— Кэргэним дьонун иитээри, хас да ыйга бултуу барара. Кыра оҕолорбун кытта мин бэйэм хааларым. Сэрии кэнниттэн алаас аайы бэрт элбэх дьиэ кураанах туран хаалбыта. Ол онтон биир “эттээх” дьиэни көтүрэн, оҕуһунан тиэйэн көһөрөн аҕалан туттубутум. Саас саҕалаан баран, кыһын кэлиитэ кыл мүччү тутан киирбитим. Биир оҕонон кирпииччэ үктэппитим. Ол онон оһох оҥорбутум. Хата сылаас баҕайы дьиэ буолта, — диэн кэпсиир Федора Спиридоновна.

Үс бииргэ төрөөбүт бырааттыылар Николай, Иван, Спиридон Николаевтар кэргэттэрэ бары Дьоруой ийэлэр эбит. Иван Егорович кэргэнэ Федора Николаеваҕа Дьоруой ийэ статуһа 2008 сыллаахха иҥэриллибит. Федора Спиридоновна бастакы оҕотун 19 саастааҕар оҕоломмут. Саамай бүтэһик 13-с оҕотун 40 сааһыгар төрөппүт. “Оҕолорбун хотонтон киирэ-тахса бэйэм көрөр этим. Хотон үлэтигэр соло булбакка, эмнэрэ-эмнэрэ тахсан иһэрим. Хата, кэргэним эдьиийэ Балбаара көмөлөһөн абырыыра. Оҕолорум сыыйа улаатан, бэйэлэ-бэйэлэрин көрсөр буолбуттара, — диэн кэпсиир ытык кырдьаҕас.

Учуонайдары иитии кистэлэҥэ  – бириэмэни таба аттарыы

Федора Спиридоновна оҕолорун билиһиннэрэн истэҕин аайы, сотору-сотору: “Наука хандьытаата”, — диэн барда. Онуоха мин: “Тыый, мин иннибэр учуонайдар ийэлэрэ олорор эбиккин дии”, — диэн соһуйдум. Онуоха кэпсэтиибитигэр дойдутугар уоппускатыгар кэлэ сылдьар кыыһа Екатерина Корнилова кыттыһар: “Мин историческай наука кандидатабын. Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үлэлиир убайым Егор Иванович — педагогическай наука кандидата, улахан убайым Афанасий Иванович кыыһа Гелена филологическай наука кандидатыгар диссертациятын көмүскээри сылдьар. Онон биһиги дьиэ кэргэҥҥэ үс учуонай баар”.

Учуонайдары иитэн таһаарбыт ийэ уонна тапталлаах эбээ: “Оҕо сааһым сэрии ыар, аччык  кэмигэр ааспыта. Ол да иһин: “Бүгүн ханнык ыалга баран хонобун?” – диэн санаа-оноо үүйэ-хаайа тутара. Пиэрибэй эрэ кылааска үөрэммитим. Ол кэннэ үөрэх суох. Кэргэним булчут этэ. Мин олоҕум устата сүөһү үлэтигэр сылдьыбытым. Эдэр эрдэхпитттэн эрэйи көрөн иитиллибит буолан, харчы көһүннэр эрэ, мунньан иһэр этим. Санаам барыта – кэнэҕэс оҕолорум үөрэхтэригэр диэн. Кэргэним Уйбаан Дьөгүөрэбис барахсан:  “Түүлээҕим харчытын ылбытыҥ дуо? Төһөнү биэрдилэр?” — диэн олох ыйыппат этэ”, — диэн кэпсиир.

Федора Николаевна уонна Иван Егорович бэйэлэрин холобурдарынан үөрэппит буолан, дьиэ кэргэн педагогикатын оҕо саастарыттан иҥэрэн сылдьар оҕолор билигин: “Николаевтар дуо?” – диэн дьон киэн тутта ааттыыр дьоннорунан буоллулар.

Элбэхтэ ньаҥсыы барбат этим. “Уруоккутун ааҕыҥ”, — диэн бирикээс курдук биирдэ чиҥ-чаҥ эттим да, оҕо барыта уруок аахта олорор буолара. Оҕолорум билигин кэлэн күлсэллэр: “Байыаннай балаһынньаҕа сылдьыбыппыт”, — диэн. Ким оскуолаттан эрдэ кэлбит, бэйэтэ туспа эр биирдии эппиэттээх үлэлээҕэ. Биирдэ эмэ сэмээр атын дьон: “Ити булчут оҕолоро үөрэхтэригэр үчүгэйдэр, үөрэҕи ылымтыа баҕайы оҕолор үһү”, — диэн  кэпсэтэллэрин истэн, олуһун үөрэрим.

Кэпсэтиибитигэр Николаевтар улахан уоллара Афанасий: “Оҕо сааспыттан саамай өйдөөн хаалбыт өйдөбүлүм – бириэмэни таба тутуһуу этэ. “Бириэмэ — тугунан кэмнэммэт баай. Сарсыарда туруоххуттан киэһэ утуйуоххар диэри тугу оҥоруохтааххын мүнүүтэтигэр диэри быһаарынан сырыт”, — диэн сүбэлиир этэ аҕам. 10 оҕоттон бастакы оҕо буолан иитии эппиэтинэһэ мин үрдүбүнэн этэ.

Болҕомто оҕо сайдыытыгар туһаайыллара

Элбэх оҕолоох ыал буолан, харчыбытын наадалаахха эрэ туттарбыт. 1987 сыллаахха Катябытыгар сайыҥҥы каникулугар үчүгэйдик үлэлээбитин иһин Миргород куоракка сынньана барарыгар босхо путевка биэрбиттэрэ. Ийэм: ”Хайдах гынарбыт буолла, харчыбыт суох”, — диэн. Мин балтым ол Миргородка барыан наһаа баҕарабын. Аны соҕуруу устудьуоннуу сылдьар оҕолорбутугар эмиэ харчы ыытар кэммит чугаһаата. Ол да буоллар бары биир толкуйга кэллибит: “Улаатан эрэр обургу оҕо өйө-санаата сайыннын, баран сынньанан кэллин”, — диэн. Кырдьык, элбэх оҕолох дьон тиийэммэттэрэ ханна барыай? Ол эрээри кырыымчык үптэриттэн оҕо сайдыытыгар уонна үөрэҕэр болҕомтолорун туһаайбыттарын түмүгэр, биһиги дьиэ кэргэнтэн хас да учуонай үүнэн таҕыста, — диэн кэпсиир Афанасий Иванович.

Федора Спиридоновна кэргэнэ Иван Егоровичтыын иккиэ бэйэлэрэ билигин 40-ча буолан,  Николаевтар халыҥ аймахтарын тэниттилэр. “Уйбаан Дьөгүөрэбиһим билигин аттыбар баара буоллар, төһө эрэ үөрээхтиир этэ…” – диэн Федора Спиридоновна кэргэнин санаан үөһэ тыынар. Оттон кини аттыгар кырачаан хос сиэнэ кыыс: “Эбээ, эйиэхэ мин ырыа ыллыым”, — дии-дии айманарын истэ-истэ, дьоллоох Дьоруой ийэ сып-сылаастык мичээрдии олордо.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0