Дьоруой ийэ махтала (ВИДЕО)

Бөлөххө киир:

Лидия Спиридонова соторутааҕыта Егор Борисов илиититтэн өрөспүүбүлүкэ үрдүкү наҕараадатын – Дьоруой Ийэ бэлиэни тутан, үөрүүтэ муҥура суох. Кини кэргэнэ Владимир Михайловиһы кытта 12 оҕону төрөтөн, иитэн, быыкаа эрдэхтэриттэн бүөбэйдээн улаатыннаран, атахтарыгар туруордулар. Хомойуох иһин, кэргэнэ оҕолор улаатан, төрөппүттэрин ытыстарын үрдүгэр илдьэ сылдьар далбардарын, минньигэсчээн сиэннэри бүөбэйдиир дьолу билбэккэ, олохтон эрдэ туораабыта…

edersaas.ru


Лидия Николаевна олоххо тардыһыыта, санаата күүстээх буолан, ити ыар сүтүгү намчы санныгар сүгэн, уйан, оҕолорун бэйэтэ үөрэттэрдэ. Оҕолор бэйэлэрэ да олоххо бэлэмнээх, үлэһит, дьулуурдаах буолан, биир-биир үөрэхтэнэн, үчүгэй үлэҕэ киирэн, кэргэннэнэн, олоххо суолларын булан испиттэрэ. Оскуолаҕа бары да үөрэхтэригэр үчүгэй, актыбыыс, спортсмен, ырыаһыт-үҥкүүһүт этилэр, улуустааҕы күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытталлара. Италияҕа, Кореяҕа буолбут бэстибээллэргэ кыттыбыттара. Икки кыыс үөрэхтэрин Кыһыл дипломунан бүтэрбиттэрэ. “Оҕо дьарыктаах буоллаҕына, олоххо тардыһар, сыалын ситиһэр эбит,” – диир Лидия Николаевна.

Элбэх оҕо бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улааталлар диэн кырдьык. Ону Дьоруой ийэ эмиэ бигэргэтэр. Бастаан сэттэ кыыс субуруччу төрөөбүтүн кэннэ, кэргэнэ наһаа үөрэр этэ: “Оҕо диэн дьол, биһиги уон төгүл дьоллоохпут, оҕонон баайбыт!” диирэ. Онтон, дьэ, баҕалаах түөрт уолу уонна биир кыыһы Айыыһыттара анаабыта. Кып-кыра кыргыттары кус оҕолорун курдук окко, маска батыһыннара сылдьан, хотоҥҥо сырытыннаран, сүрүннээн үлэнэн ииппиттэрэ.

Ийэлэрэ иистэнньэҥ буолан, оҕолорун бэйэтэ иистэнэн таҥыннартыыра. “Мин бэйэм уолаттары кытары улаатаммын, бойобуой соҕус кыыс этим. Кэргэн тахсан баран, оҕобун таҥыннарыахпын баҕаран, ыаллыы олорор Сөдүөрэ диэн эмээхсинтэн сүбэлэтэн, аан бастаан андаатар бэргэһэни тикпитим. Онтум табыллан, мин да тигииһикпин диэн санаа үөскээбитэ”, — диэн кэпсиир Лидия Николаевна.

Спиридоновтар 2007 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи “Бастыҥ дьиэ кэргэн” күрэскэ кыайбыттара. Элбэх оҕолоохторго судаарыстыба аныыр көмөтүн (сир учаастагын, массыына, дьиэ ыларга) барытын ылан, туһанан, Дьоруой Ийэ бырабыыталыстыбаҕа, Ил Дархаҥҥа ис сүрэҕиттэн махтанар. Кини дойдутугар, Ньурба Маарыгар, өр сылларга оскуолаҕа төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, түөлбэ салайааччытынан үлэлээбитэ.

Элбэх оҕолоох дьону өйүүргэ, дьиэ кэргэн бигэ тирэхтээх буоларыгар элбэх миэрэлэр бааллар. Онон эдэр ыаллар элбэх оҕолонортон куттанымаҥ!” – диэн кини ыҥырар. Билигин кини оҕолорун тапталларыгар сууланар, быыкаа сиэннэриттэн күнэ-ыйа тахсар дьоллоох саха дьахтара…

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

 [vc_video link=»https://youtu.be/a3Tu9lc4Jho»]

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0