Дьоруой Ийэ Даарыйа

Бөлөххө киир:

Дария Ивановна Васильева – 11 оҕолоох Дьоруой ийэ. Кини кэргэнэ Василий Ивановичтыын 60-ча сыл бииргэ, элбэх оҕо, сиэн тапталынан угуттанан, быр-бааччы олороллор.

edersaas.ru

Оонньооботох оҕо саас

Даша оҕо сааһа Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр сэрии кэннинээҕи ыарахан кэмҥэ ааспыта. Аҕата кыра эрдэҕинэ өлбүтэ, ийэтэ кыыс 16-лааҕар инсуллаан, суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар киһи буолан хаалбыта. Онон оскуолаттан тохтоон, пиэрмэҕэ үлэлии барарга күһэллибитэ. Биир сылы быһа үлэлии-үлэлии ийэтин көрбүтэ. Хата, кэлин ийэтэ ама буолан, туран, кырдьар сааһын көрсөр дьолломмута.

Онтон пиэрмэҕэ үлэлии сылдьан от тиэйээччи уолу кытта билсэн-көрсөн, 1958 с. ыал буолбуттара. Эһиилигэр уоллара Миисэ төрөөбүтэ. Бу кэнниттэн биирдии-иккилии сыл быысаһан, оҕолонон испитэ.

Оччолорго төрөөбүт дьахтар 56 хонук олорон баран, үлэтигэр тахсара. Ол күнү биригэдьиирдэр ким-хайа иннинэ билэн, суруна сылдьар буолаллара. Онон кыра оҕолору дьиэҕэ хааллара-хааллара, быыһыгар сүүрэн кэлэн аһата-аһата хотонноругар төттөрү ойоллоро, өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлииллэрэ. Оҕолор борбуйдарын көтөҕөөт, балыстарын-бырааттарын көрсөн, дьиэ-уот үлэтигэр бэйэлэрин кыахтарынан ылсан, төрөппүттэригэр көмөлөһөн барбыттара. Ийэлэрэ дьиэҕэ кытаанах бэрээдэги, эрэсиим тутуһуллуутун ирдиирэ. Холобур, түөртэн алта чааска диэри хайаан да уруоктарын ааҕаллара. Дьиэҕэ, хотоҥҥо үллэстибит үлэлэрин үмүрүтэ охсоот, оннооҕор ыаллыы олорор кырдьаҕастарга көмөлөһөн, мастарын хайытан, муустарын таһан биэрэллэрэ.

Дария Ивановна 34 сыл ыанньыксытынан үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбыта. Кэнники ыанньыксыт ыарахан үлэтиттэн доруобуйата айгыраан, үлэни кыайбат да буолан барбыта. Онус оҕотун төрөөбүтүн кэннэ, Дьоруой Ийэ бэлиэтин туттарбыттара.

–  Аата үрдүк да, олоххо соччо туһата суох этэ. Чэпчэтии, эбии төлөбүр суоҕа диэххэ сөп. Арай, урукку дэписсиит кэмигэр маҕаһыынтан уочарата суох быһа ылар бырааптааҕыҥ. Онтон кэлин биэнсийэҕэ 20% эбиллэр диэн да, буҕаалтыр сыыһа ааҕан, ыстааһым көҕүрээн хаалбыт этэ. Онон кыра биэнсийэҕэ тахсыбытым. Билигин оҕонньорбуттан икки төгүл кэриҥэ кыра биэнсийэни ылабын, –   диэн кэпсиир Дария Ивановна.

“Эбээ-эһээ лааҕыра”

Васильевтар – оҕонон, сиэнинэн баай ыал. Оҕолоро бары атахтарыгар турбут, үтүө үлэһит дьон буоллулар. Билигин сиэннэр үөрэхтэнэн, үлэһит дьон буолан эрэллэр. Хос-хос сиэн да кэлэрэ чугаһаата. Онуоха эһэлээх эбэ сүбэлэринэн, сылаас тапталларынан, үтүө тылларынан-өстөрүнэн күүс-көмө буолаллар.

Сайын аайы Сыстаҥ диэн сайылыктарыгар тахсан сайылыыллар. Биир ыанар ынахтаахтар, субай сүөһүлээхтэр. Дьэ, манна сайын аайы уонча-сүүрбэччэ сиэн кэлэн сынньанан барар. Сөтүөлээн, сир астаан, оттоон, күөх окко күөлэһийэн, сайын үтүөтүн билэн хаалаллар. Манна туспа лааҕыр курдук. Ол иһин сиэннэр “эбээ-эһээ лааҕырын” олус сөбүлүүллэр. “Сир үрдүгэр саамай үчүгэй, кэрэ дойду – эбээлээх дьиэлэрэ” диэн дэлэҕэ суруйан хаалларыахтара дуо? Бу сиэннэри, хос сиэннэри бодоруһуннарар, чугаһатар, ыкса алтыһыннарар ньыма эбит – “эбээ-эһээ лааҕырын” кэнниттэн үйэлэрин-саастарын тухары бииргэ буолуохтара,  бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһүөхтэрэ турдаҕа.

Мин букатын хамаандалаабаппын, барытын бэйэлэрэ оҥороллор. Мин бас билэрим хотонум уонна сүөгэйбин дьаһайабын, онтон атыҥҥа наадыйбаппын. Аһым астанар, дьиэм хомуллар, оҕуруокка уу кутуллар. Сэлээннэспэккэ, саба түһэн, бүтэрэн-оһорон иһэллэр. Убайдарын хамаандатынан бары оттуу бараллар, сир астыыллар. Хомуйбут отоннорун   биир курууска буоллун, биэдэрэ буоллун, туспа иһиккэ ууран иһэллэр. Баралларыгар ким төһө үлэлээбитэ көстөн тахсар, онтуларын дьиэлэригэр илдьэ бараллар. Оҕо барыта сүрэҕэлдьиир буоллаҕа, оттон итинник гынан интэриэстэрин көбүтэбин.

Доруобуйам туругунан оттооботоҕум ыраатта эрээри, ходуһаҕа киирэн, кыраабылынан аҕыйахтык да буоллар, далбаатанарбын сөбүлүүбүн, тыыммын таһаарабын. Оо, урут сайын үтүөтүгэр бары отууга хоно сытан оттуурбут. Ыраас салгыҥҥа, айылҕаҕа киһи үчүгэйдик да утуйар, дууһата уоскуйар, ыраастанар, чэбдигирэр. Күһүөрү киһи барыта кыанар, кытыгырас буолан хаалар. Отууга хоно сытан оттуур саҕа үчүгэй суох буоллаҕа! Ханнык да соҕурууҥу куруортааҕар үчүгэй.

Онон оттооһун, сир астааһын доруобуйаҕа лаппа туһалаах, оҕону кыра эрдэҕиттэн итинник үлэҕэ сыһыаран буһарыахха-хатарыахха наада дии саныыбын. Отоннуурбун олус сөбүлүүбүн. Ыалдьаммын үс сыл ойуурга быкпатаҕым. Онтон арыый буолаат, ойуурбар тиийэн, көрбүтүм – ахтыбыт санааҕа хас биирдии от-мас дьэрэлийэн, оо, бу үчүгэйин! Онон айылҕабыт биһигини араҥаччылыыр, эмтиир, сэниэ биэрэр, – диэн Дьоруой ийэ санаатын үллэстэр.

Оҕуруотчут, иистэнньэҥ

Дария Ивановна урут оҕуруот аһын, сибэккини дэлэччи-хоточчу үүннэрэрэ, “дэписсиит” кэмҥэ оҕолорун барыларын иистэнэн таҥыннарара. Холобур, түөрт кыыһыгар барыларыгар бэргэһэттэн саҕынньах тигитэлээн кэтэрдибитэ. Билигин да этэрбэстэрин, бэргэһэлэрин тигэн, хааччыйа олорор. Быыһыгар баайар, быысыбайдыыр. Кийииттэригэр бэйэтэ тикпит дьэрэкээн быысапкатын бэлэхтиир идэлээх. Урукку киһи быһыытынан, таах быар куустан олорорун сатаабат.

Васильевтар 2008 сыллаахха оҕолорун, сиэннэрин, аймахтарын ортолоругар кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ. Эһиил ыал буолбуттара 60 сылын туолар. Оттон оҕолоро, сиэннэрэ ийэлэрин, эбэлэрин күн курдук күндүтүк көрөллөр, харыстыыллар. Чахчы да, кытаанах үлэ быыһыгар уонча оҕону көрүү-харайыы, атахтарыгар туруоруу, күннэтэ арчылыы-араҥаччылыы сылдьыы – дьахтар киһиэхэ дьоруойдуу быһыы. Онон иккиэ  бэйэлэрэ биэс уонча буола кэҥээн-тэнийэн, саханы элбэтэн, үгэстэри, сиэри-туому тутуһан, сирдээҕи дьолу билэн, быр-бааччы олорор саха дьоһун-мааны ыала баарынан киэн туттабыт.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0