“Дьоруой Ийэ» бэлиэ эскиһэ оҥоһулунна

06.07.2017
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр Дьоруой Ийэлэр статустарын сөргүтэн, анал бэлиэни олохтообуттара. Ол туһунан Ил Дархан Егор Борисов уурааҕа тахсан турар. Бу күннэргэ судаарыстыбаннай наҕараада эскиһэ оҥоһулунна.

edersaas.ru

“Анал хамыыһыйа тэриллэн, куонкуруска киирбит эскизтэри көрбүтэ. Олортон “Киэргэ” ювелирнэй фирма маастара, худуоһунньук Александр Иванов эскизтэрин таллылар. Салгыы Ил Дархан иһинэн үлэлиир Саха сирин Геральдическай сэбиэтигэр ыытылыннылар”, — диэн ыччат, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин миниистирэ Афанасий Владимиров кэпсээтэ.

Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 2000 сылтан бэттэх төрөөбүт 10 оҕолоох 36 ийэ маннык бэлиэни ылыан сөп. Наҕараадаҕа эбии 1 мөлүйүөн солкуобай бириэмийэ туттарыллар. Оттон өссө биэс ийэҕэ олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар 2,7 мөл. солкуобайы төлүөхтэрэ.

Билигин сайаапкалары хомуйуу, бэлиэни оҥорторуу, быйыл  ылыахтаах дьон испииһэктэрин чопчулааһын үлэтэ ыытыллар. Наҕараадалары алтынньыга, Ийэ күнүгэр туттараллара былааннанар.

Ону тэҥэ,  I, II, III истиэпэннээх «Ийэ албан аата” бэлиэнэн сэттэ, аҕыс, тоҕус оҕолоох ийэлэр наҕараадаланыахтара. Кинилэргэ 50, 75, 100 тыһыынча солк. суумалаах бириэмийэ олохтоммута (урут 10 тыһ. солкуобайы ылар этилэр).

Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уонтан элбэх оҕону иитэр барыта 464 дьиэ кэргэн олорор. 2000 тыһыынча сылтан бэттэх уон оҕону төрөппүт 72, сэттэттэн элбэх оҕолоох 1600 ыал баар. Онон сорох ийэлэр бэлиэни эһиил ылар кыахтаахтар.

Дьокуускайга от ыйын 12 күнүгэр “Саха сирин ийэлэрин албан аата” диэн мусуой арыллыахтаах. Бу мусуой арылларын “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын көҕүлээтэ. Аныгылыы моһуоннаах, 9 түһүмэхтээх, электроннай информационнай киоскалаах буолуо. Өрөбөлүүссүйэ кэмиттэн саҕалаан, элбэх оҕолоох ийэлэр, Социалистическай Үлэ Дьоруой-дьахталларын, Дьоруой ийэлэр тустарынан толору информация хомуллубут. Мусуой арыллыан иннинэ Егор Борисов сылдьан, анал чороону бэлэхтээтэ.

Санатар буоллахха, сэбиэскэй кэмҥэ Дьоруой Ийэлэр Үлэ дьоруойдарыгар тэҥнэнэр этилэр. Улахан чиэс-бочуот этэ. Судаарыстыба өттүттэн дьоһун көмө да оҥоһуллара. Аан бастаан 1944 сыллаахха уонтан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит ийэлэргэ Дьоруой Ийэ уордьанын, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин грамотатын туттарбыттара. Уордьан кыһыл уонна үрүҥ көмүстэн оҥоһуллара, Сэбиэскэй Сойуус биир үрдүкү наҕараадата этэ. Оҕону иитии ол курдук үрдүктүк сыаналанара.

Бүтэһигин маннык уордьаны 1991 сыл сэтинньи 14 күнүгэр туттарбыттара. 1995 сыллааҕы туругунан, 431 тыһыынча кэриҥэ дьахтар Дьоруой Ийэ аатын ылбыта.

Билигин Арассыыйаҕа маннык статус суох. Арай 2008 сылтан «Родительская слава» бэлиэнэн сэттэттэн элбэх оҕолоох ийэлэри, аҕалары наҕараадалыыр буолбуттара. Бэлиэ 50 тыһ. солк. харчынан бириэмийэлээх, ону тэҥэ, кэккэ социальнай чэпчэтиилэринэн туһаныахха сөп. Ол эрээри бу бэлиэни барыларыгар биэрбэттэр, ирдэбиллэрэ олус үрдүк.

Элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэр дьиэ кэргэн көмүскэллээх, туруктаах буолуутугар, уопсастыбаҕа оруолун үрдэтэргэ, үйэлээх сыаннастары тарҕатарга туһуланаллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0