«Дьоруой Ийэ» бэлиэ баар буолуо

Бөлөххө киир:

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 10 уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт уонна ииппит ыалга 1 мөлүйүөн суумалаах биир кэмнээх төлөбүрү оҥорон туран, “Дьоруой Ийэ” бэлиэтин олохтоото.

edersaas.ru

“Дьоруой-Ийэ” бэлиэни иҥэрэргэ ону таһынан грамота уонна  “Дьоруой Ийэ” уордьан туттарыллар буолуоҕа.

Ону  таһынан бэрэсидьиэн бэйэтин Ыйааҕынан “Төрөппүт албан аата” уордьанынан наҕараадалыырга  төрөппүттэртэн биирдэстэригэр 500 тыһыынча, онтон “Төрөппүт албан аата” уордьан мэтээлин ылааччыларга  200 тыһыынча солкуобай бэриллэр буолуоҕа.

“Дьоруой Ийэ” бэлиэ Арассыыйаҕа “Арассыыйа дьоруойа” уонна “Үлэ Дьоруойа” ааттарга тэҥнэһиэҕэ.

Бу бэлиэ онус оҕо төрөөтө да буолбакка, кини биир сааһын туоллаҕына иҥэриллэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0