Бэргэн ытааччы суола умнуллубат!
Улуу Кыайыы 75 өрөгөйдөөх сылыгар дойдуга — Өйдөбүл уонна Албан аат, Саха сиригэр — Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сыллара биллэриллибиттэрэ. Бу бэлиэ сыллар чэрчилэринэн, сэрии толоонугар олохторун толук ууралларын кэрэйбэккэ кыргыспыт, тыылга күнү-түүнү ыпсаран үлэлээбит ытык дьоммут ааттарын көмүс буукубанан суруйан үйэтитэр ытык иэстээхпит.
Сулуһа суох дьоруой
Снайпер Иван Николаевич Кульбертиновы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатыгар икки төгүллээн түһэрэ сылдьыбыттар. Ол эрээри, хомойуох иһин, бу үрдүкү наҕараадаҕа кини тиксибэтэх.
Байыаннай эспиэр Владимир Иванов бэлиэтээбитинэн, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыттан 11 657 киһи Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа буоллаҕына, итинтэн снайпера – 87. Оттон элбэх фашиһы сууһарбытынан, кинилэр ортолоругар алтыс кэккэҕэ киирэр Кульбертинов аата итиннэ суох.
Онон баар кырдьыгы туруулаһан, аар-саарга аатырбыт чулуу снайпер Иван Кульбертиновка Арассыыйа дьоруойун аатын бэрдэрэргэ тиһиктээх үлэ ыытыллар. Соторутааҕыта бу туһунан кэпсэтии буолла.
“Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ”
“Устуоруйа өйдөбүнньүгэ” федеральнай бырайыак чэрчитинэн, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Саха сиринээҕи уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева, снайпер уола Иван Кульбертинов, федеральнай бырайыагы сүрүннүүр Саргылаана Неустроева, СӨ үтүөлээх юриһа Вильям Иванов, СӨ Ытык сүбэтиттэн Климент Иванов, уо.д.а. кыттыылаах көрсүһүү буолла.
Санатан эттэххэ, снайпер Кульбертиновка Дьоруой аатын иҥэрэргэ туруорсар сыаллаах уопсай сурукка илии баттааһын хомуллар. Сурук уонна түмүллүбүт докумуон РФ Оборуонатын министиэристибэтигэр тиксэриллиэхтээх, туруорсуу кимиилээхтик салҕаныахтаах.
“Ситэ сыаналамматахтар элбэхтэр”
— Аҕа дойду Улуу сэриитигэр хорсуннук сэриилэспит уонна ситэ сыаналамматах дьон элбэх, — диир Кульбертинов туһунан ахтыыны суруйбут Климент Иванов. — Ол иһин, биһиги дьиҥ чахчыны сөргүтэргэ күүскэ үлэлэһиэхтээхпит. Итинэн, Кульбертинов курдук улахан ааттаах-суоллаах, оччолорго фашистары ыгылыппыт бэргэн ытааччыбытыгар Арассыыйа Дьоруойун аатын биэрэри күүскэ туруулаһыаҕыҥ, — диир. Иван Кульбертиновтыын алтыспытын, киһи быһыытынан олус сэмэйин, бэрт аҕыйах саҥалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиир. Сыалы-соругу ситиһэргэ дэлэгээссийэ тэриллэрэ, миэстэтигэр тиийэн туруорсара ордук буолуоҕар эрэнэр.
Арассыыйа Дьоруойун аатын федеральнай таһымҥа туруорсарга уопсай сурукка элбэх киһи илии баттыыра оруоллаах буолара бэлиэтэннэ. Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт Бүлүү ытык дьонугар дьоруойдар ааттарын бэрдэрэргэ, урут Климент Ивановтаах хаһыа да буолан, үрдүк статустаах дьонунан тахсыбыттара холобурданна.
СӨ үтүөлээх юриһа Вильям Иванов дьиҥ устуоруйаҕа олоҕурар чахчылар уонна юридическай күүс-көмө баар буолуохтааҕын этэр. Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара, сенатордар, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Саха сиринээҕи салаата, уопсастыбаннай тэрилтэ, холобур, СӨ Норуоттарын ассамблеята кыттыгастаах буоллахха, көмүөл мууһун хамсатыахха сөптөөҕүн бэлиэтиир.
Снайпер уола Иван Иванович, аҕата сүрдээх бүгүрү үлэһитин, аҕыйах саҥалааҕын, сэриигэ сылдьыбытын туһунан хаһан да мээнэ кэпсээбэтин этэр. Дьоҥҥо тарҕаммыт сэһэни-сэппэни аҕатыттан ыйыталаспытын туһунан аҕынна.
Байанайдаах булчут, килбиэннээх буойун
Өлүөхүмэҕэ Тээнэ үрэҕин баһыгар 1917 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр булчут эбэҥки дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт Иван Кульбертинов сааны санныгар сүгэр буолуоҕуттан хара тыаттан арахпатах.
Сорсуннаах булчут, тииҥи харахха табар бэргэн ытааччы уоттаах сэриигэ тылланан, 1942 сыллаахха барбыт. Бойобуой бэлэмнэниини Уралга ааспыт.
Мындыр өйдөөх, сымса, тулуурдаах эдэр киһини бэлиэтии көрөннөр, разведчиктар бөлөхтөрүгэр ыыппыттар. Чулуу снайпер Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр 489 фашиһы сууһарбыт. Кырыктаах кыргыһыы хонуутугар 35 саллааты снайпер буоларга үөрэппит-такайбыт. Олортон биллиилээх снайпердар уһуйуллан тахсыбыттар.
Фроҥҥа өстөөхтөр улаханнык саллан “Achtung Kulbert!”, (Болҕойуҥ, Кульберт!) “Сэрэниҥ, Сибиир мэкчиргэтэ!” диэн сэрэтиһэллэрин туһунан элбэхтэ суруллан турар. Ону сэргэ, снайпер Кульбертиновы самнарарга балачча харчы манньалыыры эрэннэрэн, фашистар бэйэлэрин истэригэр мончууктаммыттарын туһунан кэпсээн эмиэ баар.
* * *
Килбиэннээх буойун Кульбертинов бойобуой хорсун сырыыларын иһин Албан Аат III истиэпэнэ, Бойобуой Кыһыл Знамя, Кыһыл Сулус, “Аҕа дойду сэриитин” I, II истиэпэннээх, “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллэринэн, уордьаннарынан наҕараадаламмыт. Маршал Георгий Жуковтан анал бэстилиэт туттарыллыбыт.
Чулуу снайпер Кульбертинов дойдутугар 1947 сыллаахха эргиллэн кэлбит. Кини 76 сааһыгар, 1993 сыл олунньу 13 күнүгэр, орто дойдуттан барбыта. Ытык киһи көмүс уҥуоҕа дойдутугар кистэммитэ.
“Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!”
Снайпер Иван Кульбертиновы (Өлүөхүмэ) сэргэ, снайпер Егор Петровка (Сунтаар), артиллерист Гаврил Протодьяконовка (Чурапчы) дьоруой аатын бэрдэрэр үлэлэр ыытыллыахтара диэн көрсүһүүгэ мустубуттар бэлиэтээн эттилэр.
Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru