Дьоруой Попов дойдутугар Т-34 тааҥка кэлэрин туруорсаллар

27.02.2019
Бөлөххө киир:

Быйыл тохсунньу 15 күнүгэр сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа  Федор Кузьмич  Попов Дьоруой аатын ылбыта 75 сылын бэлиэтээтибит. Кини холобура суох хорсун быһыыта, күн-дьыл аастаҕын аайы, өссө ордук кэрэтийэн, чаҕылыйан, суолтата үрдээн иһэр.

edersaas.ru, Елена Прокопьева, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

Дьоруой убайбыт Сүөдэр Куһумуус биһиэхэ, Баатараттан тахсыбыт хас эмит көлүөнэ ыччакка, суолдьут сулус, ыҥырар уот майаак буолбута. Кини аатын сүгэр оскуолаҕа үөрэммиппит, кини аатынан дружина пионердара этибит. Сэбиэскэй кэмҥэ Ф.К.Попов аатын сүгэр улахан сопхуос баар этэ. Чулуу үлэһиттэр кини аатынан лауреат буолаллара, комсомолецтар “Бэйэм уонна ол уол туһугар” диэн патриотическай хамсааһыҥҥа кыттыһан, бэйэлэрин кэккэлэригэр Федор Попову чилиэнинэн киллэрэн, бэриллибит былааннарын ырааҕынан куоһараллара.

Мин оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр “Дьоруой кылааһа” диэн баара. Онна баар “Дьоруой паартатыгар” бастыҥ үөрэнээччи олорон үөрэнэрэ. Бэһис кылааска үөрэнэр сылбар мин  онно  олорбут дьоллоохпун. Дьуһуурунай оҕо күн аайы нууччалыы тылынан арааппардыыра: “Герой Советского Союза Федор Кузьмич Попов пал смертью храбрых в Великой Отечественной войне!”. Оччоҕо биһиги оҕочоос сүрэхпит күүскэ да күүскэ тэбэрэ, кылааска чуумпу да чуумпу буолан ылара…

Баатара сиригэр,  Дьоруой  үөрэммит оскуолатыгар патриотизм тыыныгар иитии билиҥҥи кэмҥэ өссө киэҥ далааһыннаахтык барар. 2005 сылаахха Сыымах оскуолатын чэрчитинэн тэриллибит кадет кылаастара дьиҥ-чахчы турунуулаахтык, дириҥ хорутуулаахтык үлэлииллэр. Кадеттар Ф.К. Попов олоҕун, бойобуой суолун, хорсун быһыытын сиһилии үөрэтэллэр, дакылааттары суруйан улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көмүскүүллэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Снежный барс” байыаннай-патриотическай оонньууга хаһыс да сылын бастакы миэстэни ыланнар, Бүтүн Арассыыйатааҕы көрүүгэ икки төгүллээн кыттар чиэстэммиттэрэ уонна бириистээх үһүс миэстэҕэ тиксибиттэрэ.

Ф.К. Поповка аналлаах музей-комплекс анал бырайыактары оҥорон киэҥ хабааннаах үлэни ыытар. Билиҥҥи кэмҥэ “Тиэрэ үрэх үрдүгэр” диэн туристическай маршруту толкуйдааннар, көмүскүүргэ бэлэмнэнэллэр. Бу маршрутка сахалартан бастакы Советскай Сойуус  Дьоруойа Ф.К. Попов төрөөбүт алааһа, сайылыга бастакынан киириэхтэрэ. Маны тэҥэ киэҥ сиринэн тайаан сытар сайылыктары, кыстыктары холбооннор, виртуальнай музей оҥорор былааннаахтар.

Федор Попов сырдык аата, хорсун быһыыта биһигини, Баатара дьонун-сэргэтин, ыччаттарын элбэххэ эбээһинэстиир, кыайыыларга кынаттыыр!

Кылгастык история быыһын сэгэтэн көрүөҕүҥ: 1944 сыллаахха тохсунньу  15 күнүгэр Днепр өрүһү туорааһыҥҥа холобура суох хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин саха уолугар Попов Федор Кузьмичка Советскай Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын иҥэрэр туһунан ССРС Президиумун уурааҕа тахсыбыта. Хомойуох иһин, өлбүтүн кэннэ.

Бу ыйаах тахсыбытын кэннэ 2 Баатара нэһилиэгин дьоно (сельсовет бэрэссэдээтэлэ Попов М.Н.)  уолларын аатын үйэтитээри, “Герой-саха Ф.К.Попов” диэн суруктаах тааҥка тутуутугар 56 тыһыынча солкуобайы уу харчынан хомуйан ыыппыттара. Кинилэргэ И.В. Сталинтан махтал сурук кэлбитэ. Ол тааҥка тутуллубута уонна Берлиҥҥа тиийбитэ диэн кинигэҕэ суруллар.

Билиҥҥи кэм арҕаһыттан көрөн олордоххо, оччотооҕу Баатара дьоно, боростуой холкуостаахтар, түмсүүлээх да эбиттэр! “Кыайыы сырдык дьаралыгар куустаран”, ырааҕы, кэскиллээҕи да толкуйдаабыттар эбит!

Манан сиэттэрэн, мин тугу этээри гынабыный? Аны биир сылынан Улуу Кыайыы 75 сылын, икки сылынан Ф.К. Попов 100 сааһын туолаллар. Хайдахтаах үчүгэй, киэн туттунуулаах буолуо этэй, өскөтүн ити дааталары көрсө Сыымахха – Дьоруой  төрөөбүт сиригэр “Герой-комсомолец Ф.К.Попов” диэн суруктаах тааҥканы аҕалан туруоран кэбиһэр!?

Бу дьиҥинэн кыаллар суол. Боппуруоһу бырабыыталыстыба таһымыгар туруорсан, үп-харчы көрдөрөн, быһаарыахха сөп. Биллэн турар, сыаната хайдаҕын этэргэ уустук. Кылаабынайа – нэһилиэк дьоно бүттүүн, улуус, өрөспүүбүлүкэ өйүөхтэрин наада! Мэҥэ Хаҥалас дьоно, түмсүүлээхпитин көрдөрөн, нэһилиэк аайы акцията ыытыаҕыҥ! Ол улахан көмө. Чэ, баҕар, соҕурууттан аҕалыы ороскуота  бэрт буолуо. Ол сатамматаҕына, сахалар, тимир ууһа дьоммут бэйэлэрэ ылыстыннар. Тааҥканы үүт-үкчү гына дьүһүйэн, кутан, сиэтэн, хайдах сатанарынан майгыннатан оҥоруохтарын сөп. Суругун уруккутунан түһэрэн ыллахха, ол сэрии кэминээҕи тааҥка тиллибитин саҕа буолар!

Бу мин тус бэйэм эрэ санаам буолбатах. Бу Баатарам дьонун өр сылларга истэригэр иитиэхтээбит бүччүм санаалара. Биир дойдулаахтарым бу боппуруоһу туруорсубуттара ыраатта эрээри, баччааҥҥа диэри туох да быһаарылла илик. “Сүүстэ истибиттээҕэр, биирдэ көрбүт ордук” диэн өс хоһооно  этэринии, дьиҥнээх бойобуой тааҥка  Дьоруой төрөөбүт дойдутугар кэлэн турара кэнчээри ыччакка, кинини патриотизм тыыныгар иитиигэ туһата, өйүн-санаатын уһугуннарыыга суолтата уон оччонон ордук буолуох этэ.

Елена Прокопьева, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.    

 

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0