Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо көмө күүһүрэр

06.02.2019
Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо туһааннаах Ыйааҕы таһаарда. Ыйаахха этиллэринэн, нэһилиэнньэ бу араҥата реабилитация уонна абилитация өҥөлөрүнэн туһаналлара табыгастаах буоларын, идэлэрин үрдэтэллэрин итиэннэ дьарыктаах буолууларын хааччыйарга ананна.

edersaas


Бу бырагырааманы СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ көҕүлүөҕэ. Инникитин доруобуйаны көннөрүү уонна абилитация өҥөлөрүнэн туһанар инбэлиит ахсаана элбиэхтээх. Ону сэргэ,  кинилэри биир кэлим абилитациялааһын систиэмэтигэр киирэр реабилитационнай тэрилтэлэр ахсааннарын элбэтэр сорук турар.
Инбэлииттэри абилитациялааһын туһунан сокуон РФ-га 2016 сыл тохсунньу 1 күнүттэн киирбитэ. Бу тыл “реабилитация” диэн тылга майгынныырын да иһин, өйдөбүллэрэ уратылаахтар.
Абилитация” чуолаан сайдыыларыгар халбаҥнааһыннаах (нуорматтан туорааһыннаах) оҕолорго сыһыаннаан туттуллар. Ханнык эрэ ыарыы, эчэйии уо.д.а кэнниттэн сүтэрбит дьоҕуру төнүннэрии ааттанар. Хойутаан саҕаламмыт абилитация көдьүүһэ кыра уонна уустук буолуон сөп. Онон, логопед, педагог өҥөтүнэн туһаныыны кырачаан олоҕун бастакы сылыттан номнуо саҕалыырга сүбэлииллэр.
Реабилитация –доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр сириэстибэлэр көмөлөрүнэн инбэлииттэр эт-хаан, өй-санаа, уйулҕа өттүнэн таһымнарын чөлүгэр түһэрэр уонна өйүүр дьайыы.
Уопсайынан ыллахха, абилитация уонна реабилитация – инбэлиит уопсастыба ортотугар сылдьа үөрэнэригэр уонна бэйэтин туругун кыайа-хото тутарыгар хайысхаланар дьаһаллар. Абилитация уонна реабилитация соруктара – инбэлиит уопсастыбаттан туора турбакка, тус олоҕун оҥосторугар, сөптөөх идэни таларыгар көмө.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0