Ханнык баҕарар эйгэҕэ сыллааҕы түмүктэри, ситиһиилэри ырытан көрөр, инникини былаанныыр кэмнэр тиийэн кэллилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Булгуччулаах медицинскэй страховкалааһын (БМС) территориятааҕы фондатын дириэктэрэ Александр Гороховы кытары кэпсэттибит.
– Александр Васильевич, ханнык баҕарар үлэ үптэн-харчыттан улахан тутулуктаах. Кэлэн иһэр 2017 с. эһиги фондаҕыт бүддьүөтэ төһө-хачча буолуоҕун билиһиннэрэ түстэххинэ?
– Бастакы сылларга фонда бүддьүөтэ 32 мөл. солкуобайга тэҥнэспит буоллаҕына, 2017 с. 24 миллиард солкуобайтан тахса суумалаах үп былааннанар. Саха сирин биир страховкалаах киһитэ БМС үбүнэн хааччыллыыта 2 334 солкуобайтан (2003 с.) 23 272 диэри улаатта (2016 с.). Эһиил 24 345 солк. буолара былааннанар.
– Саҥа сылга ханнык эмтиир тэрилтэлэр БМС полиһынан босхо медицинскэй көмөнү оҥоруохтарай?
– 2017 с. БМС эйгэтигэр үлэлиир медицинскэй тэрилтэлэр реестрдэригэр 119 эмтиир тэрилтэ киллэрилиннэ (2016 сыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан 108 этэ). Кинилэртэн 48 (40%) – судаарыстыбаннайа суох бас билиилээх тэрилтэ (2016 с. – 37(34,25%)).
Сокуон быһыытынан, эмтиир тэрилтэлэр, ол иһигэр чааһынай клиникалар, БМС систиэмэтигэр киириилэрэ иһитиннэрэр-биллэрэр майгылаах буолуохтаах. Онуоха тэрилтэ эмтиир өҥөнү оҥороругар көҥүллээх (лицензиялаах) буолуохтаах уонна балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри БМС территориятааҕы фондатыгар биллэриэхтээх. Ону таһынан, БМС систиэмэтигэр бас билии ханнык баҕарар көрүҥнээх эмтиир тэрилтэлэрэ киирэр бырааптаахтар. Ол иһигэр, чааһынай медицинаҕа үлэлиир биирдэм предпринимателлар.
– БМС полиһынан санаторийдарга, профилакторийдарга босхо эмтэниэххэ сөп дуо?
– Доруобуйаны чөлүгэр түһэриигэ медицинскэй көмөнү өрөспүүбүлүкэҕэ 4 санаторий-профилакторий оҥоруоҕа: «Горняк» санаторий профилакторий («АЛРОСА» ПАО), «Чэбдик» санаторий-профилакторий, «Хоту» грязелечебница-Якуткурорт, «Абырал» санаторий-профилакторий.
2016 с. 10 ыйыгар 1034 киһи эмтэннэ. Былырыын санаторий-профилакторийдарга 1556 киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэрбитэ.
БМС эйгэтигэр чөлүгэр түһэрии өҥөтүн ону таһынан доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр Абалаахтааҕы киин уонна Инбэлииттэри биир кэлим реабилитациялааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр киинэ оҥороллор.
– Оҕону экстракорпоральнай ньыманан үөскэтии (ЭКО) босхо көрүҥүн туһунан хантан ыйыталаһыахха сөбүй?
– Өрөспүүбүлүкэ иһигэр Медицина национальнай кииниттэн, Репродуктивнай доруобуйа кииниттэн (Ижевскэй к.), «ЭКО-Содействие» ХЭО (Аллараа Новгород к.), «ЭКО-Киин» ХЭУо (Москва к.), «Профессор Пасман клиниката» ХЭО (Новосибирскай к.).
Ол курдук, 2016 сыл уон ыйыгар страховка полиһынан Медицина национальнай киинигэр 15 мөлүйүөн суумаҕа ЭКО 100 эпэрээссийэтэ оҥоһулунна. Өрөспүүбүлүкэ таһыгар атын эмтиир тэрилтэлэргэ 24 мөл 300 тыһ. суумалаах 197 ЭКО оҥоһулунна.
Оттон «Белая роза» ХЭУо дьахталларга искэн үөскээһинин эрдэттэн быһаарыынан дьарыктанар.
– Ханнык тэрилтэлэргэ тииһи босхо эмтэтиэххэ сөбүй?
– 2017 с. тииһи эмтиир 22 клиникаҕа босхо өҥөнөн туһаныахха сөп. Онтон 19 – чааһынай тэрилтэ, 3 – судаарыстыбаннай (Дьокуускай к. улахан дьон, оҕолор поликлиникалара уонна ХИФУ стомполиклиниката).
– Биһиги эмтиир тэрилтэлэрбит үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнү эһиги полискытынан оҥороллор дуо?
– 2016 с. үрдүк технологиялаах көмөнү алта эмтиир тэрилтэ: Медицина национальнай киинэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай-клиническэй балыыһа, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа, Дьокуускай к. клиническэй балыыһата, тирии-венерологическай ыарыылар өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансердара, искэн өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансера оҥордулар.
Ааһан эрэр сыл уон ыйыгар кинилэргэ барыта 2206 ыарыһах 354 мөл. 733 тыһыынча суумалаах үрдүк технологиялаах көмөнү ылла.
2017 с. үрдүк технологиялаах көмө кээмэйэ улаатыаҕа.
– Булгуччулаах медицинскэй страховкаҕа тустаах сүбэни-аманы хайдах ылыахха сөбүй?
– 2016 с. бэс ыйын 1 күнүттэн БМС эйгэтигэр Контакт-Киин үлэлээбитэ. Ханнык баҕарар төлөпүөнтэн босхо 8-800-100-14-03 нүөмэргэ эрийиэххэ уонна медицинскэй өҥө оҥоһуллуутун эбэтэр страховкалаах киһи бырааба кэһиллиитин туһунан боппуруостарга эппиэти ылыахха сөп.
2017 с. өссө ханнык уларыйыылар күүтэллэрий?
– Бастатан туран, БМС эйгэтигэр «пациентоориентированнай» функцияны сайыннарыахпыт. Холобур, диспансеризацияҕа уонна ыарыыны сэрэтэр медицинскэй чинчийиилэргэ, медицинскэй көмөҕө наадыйбыт дьону биирдиилээн арыаллааһын. Онуоха быйыл от ыйыттан страховка бэрэстэбиитэллэрин института үлэтин саҕалаабыта. РФ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Вероника Скворцова бэлиэтээбитинэн, страховка медицинскэй тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ – «доруобуйа менеджердэрэ». Кинилэр үлэлэрин хайысхатыгар медицинскэй көмө бары түһүмэҕэр страховкалаах киһини информационнай-консультационнай, суһал уонна быраап өттүнэн өйөөһүн киирэллэр.
Иккиһинэн, 2017 с. эмчиттэр идэлэрин үрдэтии уонна эмтиир тэриллэри атыылаһыы, өрөмүөннээһин дьаһалларын үбүлээһиҥҥэ территориятааҕы фонда нуормаламмыт саппааһын оҥорууну салгыахпыт. Оҥоһуллубут саппаас үлэһиттэри үөрэтэргэ, медицинскэй тэриллэри саҥардарга уонна эмтиир тиэхиньикэлэри өрөмүөннүүргэ көмөлөһүө.
Барыгытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин. Саҥа дьылга кытаанах доруобуйаны, нус-хас олоҕу, ситиһиилэри, сырдык, былыта суох күннэри уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр сылаас сыһыаны, эйэни, үтүө санааны баҕарабын.
Надежда ЕГОРОВА, edersaas.ru