Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы ананна

17.01.2019
Бөлөххө киир:

CӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кэлэктиибигэр доруобуйа харыстабылын миниистирин саҥа солбуйааччытын билиһиннэрдилэр. Миниистир Елена Борисова солбуйааччытынан Марина Максимова СӨ баһылыга Айсен Николаев бу сыл тохсунньу 10 күнүнээҕи Ыйааҕынан ананна.

edersaas.ru


Марина Степановна доруобуйа харыстабылын салаатыгар 15 сылтан ордук үлэлиир:
1996 с. Дьокуускайдааҕы үп-экэниэмикэ кэллиэһин бүтэрбитэ;
1999 с. потребительскай кооперация Сибиирдээҕи университетыгар “буҕаалтыр учуота уонна аудит” идэтигэр үөрэммитэ;
1992-93 сс. Покровскай куоракка Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун салаатыгар үлэлээбитэ;
1993-94 сс. – Хаҥаластааҕы райпотребсойуус бухгалтериятыгар үлэлээбитэ;
1994-1996 сс. И.И.Фадеев аатынан Дьокуускайдааҕы үп-экэниэмикэ кэллиэһин устудьуона;
1996-2000 сс. – Дьокуускайга “А.Н.Васильев” тэрилтэҕэ нотариустаабыта;
2000-2003 с. – СӨ булгуччулаах медицинскэй страховка территориятааҕы пуондатын былаан-экэниэмикэ отделын кылаабынай исписэлииһэ;
2003-2009 сс. – СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин былаан-экэниэмикэ отделын кылаабынай исписэлииһэ;
2009-2019 сс. – былаан-экэниэмикэ отделын кылаабынай исписэлииһэ, булгуччулаах медицинскэй страховка территориятааҕы пуондатын мониториҥҥа отделын начаалынньыгын солбуйааччы, булгуччулаах медицинскэй страховка территориятааҕы пуондатын былаан-бүддьүөт отделын начаалынньыга;
2019 . — СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0