Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова мэдиссиинэ үлэһиттэрин эҕэрдэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үгэс быһыытынан, бэс ыйын үһүс өрөбүлүгэр,  биһиги, өрөспүүбүлүкэ 20 тыһыынчаттан тахса бырааһа, мэдиссиинэ эйгэтин бары үлэһиттэрэ, дойдуга баар бары кэллиэгэлэрбитин кытары идэтийбит бырааһынньыкпытын бэлиэтиибит. 

Аан дойдуга биир саамай уустук идэни талбыт биир идэлээхтэрбин ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Бу идэни уһун дьаныардаах үөрэҕинэн эрэ ылаҕын. Киһи олоҕун быыһыыр үлэҕин, үтүөрбүт дьон махталынан сыаналыыра дьол.  

Күндү кэллиэгэлэрим, эһиги күннээҕи үлэҕитинэн, үрдүк эппиэтинэскитинэн, амарах сүрэххитинэн доруобуйа харыстабылын үлэһитин үрдүк аатын сүгэҕит. Арассыыйа уонна Саха сирин салалтата ыытар бэлиитикэтин көмөтүнэн, өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэтэ элбэх ситиһиилэннэ. Ол курдук, мэдиссиинэ науката сайда турар, инновационнай технологиялар үлэҕэ киирэллэр, саҥа үөрэх кыһалара, мэдиссиинэ кииннэрэ тутуллаллар, балыыһалары, поликлиникалары хааччыйыы биллэрдик тубуста, нэһилиэнньэҕэ үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнү оҥоруу лаппа улаатта, тыа балыыһаларыгар, ол иһигэр, тэйиччи сытар улуустарга, эмтиир үлэ биллэрдик тупсан иһэр.

Медиктэр үлэлэрэ сүҥкэн суолталааҕа ааспыт үс ыйга дьэҥкэтик көһүннэ. Дьон-сэргэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа, чөл, чэгиэн буоларыгар  мэдиссиинэ сүдү оруоллааҕа бигэргэннэ. Билигин коронавирус дьаҥын утары охсуһуу салҕанар. Онно биһиги  Сахабыт сирин олохтоохторун доруобуйаларын араҥаччылыыр туһугар, өссө түмсүүлээх уонна дьаныардаах буолууга сыалбытын туһаайабыт. 

Эһиэхэ барыгытыгар сыралаах үлэҕит, идэҕитигэр бэриниилээх буолуугут иһин улахан махталбын тиэрдэбин. Барыгытыгар күүстээх санааны, дьолу, тапталы, ыстаал курдук кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын! Эһигини куруук чугас дьоҥҥут тапталлара арыаллаатын!

Елена Борисова, СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0