«Якутия 24» ханаал «Правительство LIVE» бырайыагар бүгүн СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова ыалдьыттаата. Кини @live_yakutia инстаграм-аккауҥҥа киирбит уонна суруналыыс биэрэр ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Дьон-сэргэ ордук билигин тыҥаан турар ыйытыылары биэрдилэр. Ол курдук, сыллата тымныы кэмҥэ көбөр дьаҥ-дьаһах, кутталлаах гириип Саха сирин олохтоохторун ордук долгутара билиннэ. Кинилэр бу ыйытыыларыгар миниистир гириип бу сылга ханнык көрүҥэ кэлбитин лаборатория эрэ быһаарарын бэлиэтээн эттэ. Маны сэргэ, эмп-томп эйгэтин киһитэ, биллэн турар, ыалдьыбыт, кыраадыһа тахсыбыт киһи бэйэтэ эмтэнэринэн дьарыктаммакка, тута көрдөрөрүгэр сүбэлээтэ. Ордук оҕолору, кырдьаҕастары, сытар ыарыһахтары хайаан да көрдөрөллөрүгэр сүбэлээтэ.
Ыарыыны, дьаҥы-дьаһаҕы утары оҥоһуллар быһыы туһунан ыйытыыга, киһини харыстыыр, ыарыыны чэпчэкитик аһарарга көмөлөһөр диэтэ, итиэннэ интэриниэккэ суруллар бары иһитиннэриилэри чугастык ылыммат ордугун ыйда.
Биллэн турар, дьон-сэргэ балыыһаҕа көрдөрүү туһунан долгуйан ыйытыытыгар, миниистир саҥа үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир дьаһаллар кэмигэр ылыллан иһэллэрин, үлэ хаачыстыбатын тупсарар туһуттан саҥа бырайыактар оҥоһуллалларын бэлиэтээтэ. Маныаха бырааска көрдөрөргө уочаракка электроннай сурутуу ньымата олус табыгастааҕын, судургутун, онон уруккулуу миэстэтигэр тиийэн уочараттаабакка, болдьоммут чааска тиийэр ордугун эттэ. Маны сэргэ, медицина оҥорор көмөтүн хаачыстыбата тупсан, түргэтээн, сайдан иһэрин ыйда.
Медицина национальнай киинигэр баҕалаах киһи барыта кэлэн көрдөрөрө, кырдьык, кыаллыбат», — диэтэ Елена Борисова. Ити кыһалҕаны быһаарар туһуттан, миэстэтигэр медицинскэй көмөнү оҥорорго улахан болҕомто уурулларын, онно туһулаан улахан үлэ тиһиктээхтик ыытылларын эттэ. Ол туһуттан улуустарынан анал быраастар бөлөхтөрө сыһыарыллыбыттарын, сибээс тутуһулларын иһитиннэрдэ. Телемедицина өҥөтүнэн туһанан быһаччы сүбэлэр-амалар оҥоһуллалларын, бу практика улахан көмөлөөҕө уонна туһалааҕа биллибитин бэлиэтээтэ. Миниистир онлайн көмөтүнэн ыраахтан үлэлэһиини чорбоччу тутан тоһоҕолоото. «Облачная поликлиника» бырайыагынан үлэлэһиигэ Таатта уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын хайҕаата.
Искэн ыарыытын эрдэттэн бохсорго профилактическай көрүү эрэ көмөлөһөрүн бэлиэтээтэ. Итиннэ кини урут маннык көрүү түмүгүнэн 18% быһаарар эбит буоллахтарына, билигин 46 % быһаарар буолбуттарын, 19 улууска анал кабинеттар аһыллан үлэлииллэрин эттэ.
2019 сылга Мэҥэ Хаҥаласка, Бүлүүгэ, Алдаҥҥа, Уус Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Кэбээйигэ саҥа ФАПтар (фельдшерскэй-акушерскай пууннар) аһыллыахтара диэн эттэ. Миниистир доруобуйа харыстабылыгар үлэ аны биэс сылынан өссө үрдүк таһымҥа тахсарыгар, билиҥҥитинээҕэр күүһүрэригэр, хаачыстыбата тупсарыгар табыгастаах буолуоҕар эрэнэрин биллэрдэ. Блиц-ыйытыыларга хоруйдаата.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru