Дьокуускай килбэйэр киинигэр турар “Доруобуйа дьиэтигэр” чэгиэн-чэбдик буоларга көмөлөһөр үс тэрилтэ биир ситимнээхтик үлэлиир.
21 сыллаах эҥкилэ суох үлэ
“Эмп” — Саха сиригэр бигэ туруктаахтык үлэлиир аптекалартан биир “кырдьаҕастара”. 1997 сылтан саҕалаан, Дьокуускай, Ньурба, Мирнэй куораттарга филиалларын арыйан, нэһилиэнньэни эминэн-томунан хааччыйа олорор. Тэрилтэлэри кытары дуогабар түһэрсэн эмиэ үлэлииллэр.
Атыылыыр ассортименнара киэҥ, элбэх. Эмтэри таһынан, араас медицинскэй тэриллэр, оптика, кыра оҕо аһа, косметика, доруобуйаны тупсарар БАД-тар, диетаны тутуһар, сөпкө аһыыр дьоҥҥо анаммыт астар, эмтээх оттор, о.д.а. бааллар. Этэргэ дылы, киһи киирэн баран, илии тутуура суох тахсыбат.
Ыарыы обургу хам ыллаҕына, үрүҥ халааттаах аанньаллар уонна кинилэр анаабыт эмтэрэ-томторо эрэ абырыыр буоллаҕа. Олоххо араас буолар. Өскөтүн ханнык эрэ сэдэх эмп куоракка суох буоллаҕына, бу аптекаҕа кэлэн сакаастыаххытын сөп – оччоҕо уһаабыта нэдиэлэ, ортотунан 1-2 күн иһинэн аҕалан биэриэхтэрэ.
Аптека үлэһиттэрэ кэм ирдэбилинэн, тэҥҥэ сайдан иһэллэр – дьиэҕититтэн тахсыбакка да олорон, apteka.ru уонна zdrav.city саайтарынан удамыр сыанаҕа эмтэри сакаастаан баран, “Эмп” аптекаттан кэлэн ылыаххытын сөп. Ол эбэтэр, Москваттан сакаас быһа кэлэр.
Биир дьиэҕэ олорор буоланнар, “Эмп” аптекаҕа “Кристалл” клиника килийиэннэрэ уонна бары биэнсийэлээхтэр ырысыабынан ылар эмтэргэ 10% чэпчэтиилээхтэр.
Манна фармация эйгэтигэр өр сыл үлэлээбит, уопуттаах, орто, үрдүк үөрэхтээх специалистар бааллар. Үгүс үлэһиттэр аптека аһыллыаҕыттан үлэлииллэр. Онон дьоҥҥо сүбэлээн-амалаан биэрэллэр. Өссө да Саха сирин дьоно-сэргэтэ доруобай, чэгиэн-чэбдик буолалларын туһугар бары күүһү, кыаҕы, өйү-санааны түмэн, таһаарыылаахтык үлэлииргэ бэлэмнэр.
Кинилэр эһигини маннык аадырыстарга үөрэ-көтө көрсүөхтэрэ:
— П.Алексеев уул., 79; Ленин пр., 7; Кузьмин уул., 34, Дзержинскэй уул., 20 №-гэр. Төл.: 32-46-59.
Лицензия: ЛО-14-02-000890 19.06.18 с.
“Денталика” – үрдүк хаачыстыба мэктиэтэ
“Денталика” стоматологическай клиника 8 сыллааҕыта аан бастаан кабинет быһыытынан аһыллан, үлэтин саҕалаабыта. Билигин Дьокуускайга үс туспа клиникалаах, 10 сылтан кырата суох ыстаастаах, үрдүк квалификациялаах стоматологтар араас хайысханан арахсан, идэтийэн үлэлииллэр. Ол курдук, клиника салалтата күүстээх хамаанданы түмэргэ интэриэстээх. Быраастар Москваҕа баран, квалификацияларын үрдэтэр куурустарга куруук үөрэнэллэр.
Билигин манна тииһи чөлүгэр түһэрэргэ уустук эпэрээссийэлэр, имплантация, протеһы оҥоруу, пародонтиты эмтээһин, о.д.а. ыытыллаллар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы уонна, билиҥҥитэ соҕотох, цифровой зуботехническэй лаборатория аһыллан, тиис протеһын кылгас кэмҥэ уонна удамыр сыанаҕа оҥороллор.
“Денталика” киэн туттуута – CAD/CAM көмпүүтэр технологиятынан цирконий диоксидыттан үрдүк хаачыстыбалаах протезтары оҥоруу. Ол түмүгэр нэһилиэнньэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсыбакка эрэ, миэстэтигэр бастыҥ медицинскэй технологияларынан тииһи эмтэтиэн, оҥорторуон сөп.
Оттон “Денталика-Кидс” педиатр-стоматологтара кырачааннары кытта биир тылы булан, аралдьытан, харах уута суох эмтиири сатыыллар. Оннооҕор тииһи хайдах суунары көрдөрөн, сүбэлээн биэрэллэр – бу судургу дьайыыттан оҕо тииһэ чөл буолара тутулуктаах. Стоматологтар төрөппүттэргэ биири этэллэр – оҕо тииһэ алдьанарын кэтэспэккэ, эрдэттэн сэрэтэр ордук (үрүҥ көмүһүнэн, фторунан бүрүйүү, о.д.а.). Оччоҕо оҕо тииһэ инникитин да доруобай буолуо, ыалдьар, алдьанар диэни билиэ суоҕа.
“Денталика” бастайааннай килийиэннэригэр 10 %-наах чэпчэтии көрүллэр. Ону тэҥэ сайтка, “инстаграмҥа” араас акциялар, чэпчэтиилэр куруук ыытыллаллар. Үчүгэйэ диэн, “Инстаграмҥа” киирэн ыйыталастаххына, быраастар тута хоруйдууллар, онон тута сүбэ-ама ылыахха сөп. Оттон клиникаҕа консультация уонна бастакы көрүү — босхо. Төлөпүөнүнэн суруйтаран баран, ол күҥҥэ тиийэн эмтэтиэххэ сөп.
“Денталика” стоматологическай клиника аадырыһа:
Дьокуускай к., Ленин пр., 7, Дзержинскэй уул., 20. Төл.: 34-30-30, 8924-861-39-19.
Сайт: dentalika14.ru, “Инстаграм”: @dentalika_14.
Лицензия: ЛО-14-01-002332 от 22.03.18г.
Сүһүөх ыарыылаахтарга көмөлөһөр клиника
Ыам ыйыгар “Кристалл” клиника туһунан суруйан турабыт. Чуолаан, бу клиника быраастара сүһүөх ыарыыларыгар болҕомтолорун ууран, кыһаллан эмтииллэрин туһунан суруллубута. Ол кэнниттэн интэриэһиргээбит дьон элбэх этэ.
Дьэ, сыл аҥаара кэриҥэ ааспытын кэннэ, “Кристаллга” туох уларыйыы таҕыста, туох түмүктэр баар буоллулар?
Клиникаҕа ревматолог кабинета, хирургическай аччыгый саала бу сыл кулун тутар ыйыттан арыллан үлэлээн эрэр. 1 категориялаах ревматолог-быраас, киин куораттааҕы доруобуйа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ Христина Эверстова уонна УЗИ бырааһа, доруобуйа харыстабылын туйгуна Надежда Филиппова биир ситимнээхтик үлэлииллэр. Манна анаалыстартан саҕалаан, араас манипуляцияларга (сүһүөх иһинээҕи укуоллар), кэнники чөлүгэр түһэриигэ (массаас, физиопроцедура) тиийэ, кэлимник эмтииллэр.
- Кулун тутартан саҕалаан, барыта 210 киһиэхэ араас процедура оҥоһуллубут, ол иһигэр: плазмолифтинг – 64 киһи, гиалуроновай кислоталаах укуол – 41 киһи, сүһүөхтэн ууну оборторуу (пункция) – 81 киһи, атын процедуралар – 24 киһи.
Бу дьон бары үтүөрбүттэр. Холобур, плазмолифтинг диэн бу бэйэ хаанын ылан, центрифугаҕа эрийтэрэн, плазматын арааран баран, сүһүөх иһигэр киллэрии буолар. Испитэ тута тардан, өҥүргэһэ чөлүгэр түһэн барар.
— Саха киһитин сүһүөҕэ үксүгэр күүстээх үлэттэн, тоҥорууттан, ыарахан ыйааһынтан ыалдьар. 50 саас кэннэ гормоннар уларыйаннар, уҥуохтан кальций суураллара элбиир, эчэйии да баар буолар. Оттон эдэр дьон хамсамматтарыттан, туһата суох, канцерогеннаах аһы аһыылларыттан ыалдьаллар. Киһи өҥүргэһин эдэриттэн харыстыахтаах. Күн аайы сүһүөхтэри хамсатар гимнастика, сибиэһэй ас (эт, быар, халадьыас, үрүҥ ас), сылаас таҥас наада, оччоҕо сүһүөх ыарыытын билимиэххэ сөп, — диэн ревматолог-быраас Христина Николаевна сүбэлиир.
Бу клиникаҕа эмтэнии уратыта – сүһүөх иһинээҕи процедуралары УЗИ-нан курдары көрөн олорон оҥороллор. Ол эбэтэр, манна алҕас туттуу суох буолар. Эмтэнии кэнниттэн чөлүгэр түһэриигэ “Кристаллга” олус үчүгэйдик массаастыыллар, физиопроцедуралары оҥороллор.
Биир саҥаны киллэрии – плантограф аппараатынан тилэх хаптайыытын (плоскостопие) бэрэбиэркэлээн, эмтииргэ олук уураллар.
Элбэх хайысхалаах медицина киинэ
“Кристалл” клиника (“Доруобуйа дьиэтэ” медицина киинэ ХЭУо) 2013 сылтан аһыллан үлэлиир. Манна функциональнай диагностика (СМАД, ХОЛТЕР, ЭКГ, маммография, о.д.а.), УЗИ, физиотерапевтическай отделениелар, клиническэй-диагностическай лаборатория, рефлексотерапия, массааһынан эмтээһин, күнүскү стационар, амбулаторнай хирургия бааллар. Терапия, эндокринология, акушерство, гинекология, неврология, гастроэнтерология, кардиология, пульмонология хайысхаларынан эмтэниэххэ сөп.
“Кристалл” клиника аадырыһа: Дьокуускай к., Дзержинскэй уул. 20.
Төлөпүөнэ: 732-255.
Сайт: www.crystal-clinic.ru Instagram: @crystal_clinic_ykt.
Facebook: https://www.facebook.com/Дом—Здоровья.
Лицензия №: 14-01 002306-от 13.02.2018 г.
Имеются противопоказания. Требуется консультация специалиста.
Дьон санаата
“Болҕомтолоох быраастарга махтанабыт”
Саргылаана Прохорова, биэнсийэлээх:
—Мин ревматологка учуокка турбутум хас да сыл буолла. Плазмолифтинг процедуратын оҥорбуттарыгар, биир укуол кэнниттэн тута ыарыым мүлүрүйэн, чэпчээн хаалбытым. Быраастар Х.Н. Эверстоваҕа уонна Н.В. Филипповаҕа эйэҕэс сыһыаннарын, клиника салалтатыгар сүһүөҕү эмтииргэ саҥа ньымалары киллэрэн иһэллэрин иһин махтанабын.
Ольга Попова, 78 саастаах:
—Тобукпар гиалуроновай кислоталаах укуолу нэдиэлэ аайы ый кэриҥэ ылбытым. Ол көмөлөстө. Быраастар олус болҕомтолоохтор, эйэҕэстэр. Сүһүөххэ укуоллааһын эпэрээссийэ курдук барар, онно УЗИ нөҥүө бэйэҥ барытын көрө олороруҥ быдан эрэллээх. Уочарата суох, бэйэлэрэ эрийэн ыҥыраллар, ыраас, сырдык клиникаҕа киһи үөрэ-көтө барар. Оптуобус тохтобулуттан чугас, ол атаҕа ыалдьар киһиэхэ эмиэ суолталаах. Өҥө төлөбүрдээх эрээри, үрдүк хаачыстыбалаах.