Кэнники кэмҥэ дьон доруобуйатын көрүнэр, ыарыы, чөл буолуу төрүөтүн иҥэн-тоҥон билэ сатыыр буолла. Биир оннук киһинэн Ирина Гаврильева буолар.
Туохтан саҕаламмытай?
Киһи ыарыыны кытары биир-бииргэ хааллаҕына, эбэтэр, өлөр өлүүнү кытары алтыстаҕына, улахан толкуйга түһэр, олоҕор бу улахан сэрэтии буоларын өйдүүр. Сөпкө олоробун дуо? Тугу сыыһа гынабыный? Доруобуйабын хайдах көрүнэбин?
Ирина ийэтэ баара-суоҕа 43 саастааҕар быар ыарыытыттан суох буолбута. Тута кэриэтэ чугас эдьиийдэрэ “барбыттарыттан” кыыс улахан охсууну ылбыта, толкуйга түспүтэ. Удьуордааһын баар диэн, сүүрбэччэлээх эрэ кыыс бэйэтин доруобуйатын көрүнэр буолбута. Киһи доруобуйата тугу аһыырыттан тутулуктаах диэн өйдөөбүтэ. Игирэ кыргыттара кыраларыгар элбэхтик ыалдьаллара, о ну отунан-маһынан, норуот мэдиссиинэтин көмөтүнэн эмтиир этэ.
Тоҕо эрэ, ис-иһиттэн эмтээх оту хомуйарга, иһэргэ интэриэстээҕэ. Кэлин билбитэ, эбэтэ эмиэ эмтээх оту хомуйан, дьоҥҥо бэрсэр, эмтэнэр идэлээх эбит. Эбэтэ кини төрүөн иннинэ өлбүт буолан, билбэт этэ. Ол да буоллар, эдэригэр “эмээхсин курдук оту-маһы хомуйар” диэхтэрэ диэн, дьүөгэлэригэр да кэпсиирин кыбыстан, кистиирэ.
Бу кэм устата кини бэйэтин, кэргэнин, оҕолорун ыарыыларын отунан-маһынан уонна сөпкө аһаан эмтээбитэ, үтүөрдүбүтэ. Холобур, кэргэнин куртаҕын бааһын, оҕотун сирэйэ хатаалланан бааһырарын, бэйэтигэр анемия, үөс, ноор, соҕуо ыарыыларын эмтээбитэ, эпэрээссийэ, ковид кэннэ доруобуйатын чөлгө түһэрбитэ.
“Билии-көрүү аана аһаҕас”
“Куһаҕан да үчүгэйдээх” дииллэринии, пандемия саҕаламмытыгар бэйэтин уопутун, билбитин-көрбүтүн “Инстаграм” сирэйигэр кэпсээн саҕалаабыта. Дьон тута интэриэһиргээбитэ, элбэх ыйытыы киирэрэ. Онтон сиэттэрэн, дьоҥҥо көмөлөһөр сыалтан, доруобуйаны тупсарарга босхо марафоннары ыытар буолбута. Билигин сүрүн үлэтиттэн соло булан, сылга 4-5-тэ кыра төлөбүрдээх марафону ыытар.
— Мин бэйэбэр боруобалаан эрэ баран, туһалааҕын биллэхпинэ, дьоҥҥо кэпсиибин. Кими да эмтээбэппин, киһи бэйэтэ эппиэтинэс ылынан, организма, сүрүн уорганнара хайдах үлэлииллэрин, онуоха хайдах көмөлөһүөххэ сөбүн билиэхтээх дии саныыбын.
Үксүгэр дьон ыарыйдахтарына эрэ эмтэнэллэр, табылыакка иһэн, түргэнник үтүөрэ охсуохтарын баҕараллар. Бу сыыһа өйдөбүл, ыарыы төрүөтүн быһаарбатахха, атын уоргаҥҥа көһүөн сөп. Доруобай буолар туһуттан ыарыыны эрдэттэн сэрэтэн, олох укулаатын уларытан, сөпкө аһаан, утуйан, хамсанан, ыалдьыбат буоларга кыһаллыахха наада. Дьиҥэ, бу уустуга суох, атын киһи сатыырын киһи сатыахтаах, ол иһин бэйэм холобурбунан көрдөрөбүн, күннээҕи олохпун кэпсиибин, арыйабын. Туһалаах сүбэлэри, ырыссыаптары үллэстэбин.
Аныгы үйэ үчүгэйэ диэн, элбэх информация, билии-көрүү аһаҕас буолла. Киһи төһө баҕарар үөрэниэн сөп. Мин соҕурууҥҥу быраастарга, нутрициологтарга кэмиттэн кэмигэр үөрэнэбин. Нутрициолог идэтэ наадалаах диэн, билигин кууруска үөрэнэ сылдьабын. Сылы-сылынан, иҥэн-тоҥон, хаачыстыбалаахтык үөрэнэрбин сөбүлүүбүн. “Травничество” кууруска эмиэ үөрэнэн эрэбин. Бэйэм интэриэһиргиир буоламмын, үөрэнэрбэр чэпчэки, — диэн Ирина кэпсиир.
Кини бастакы идэтэ – ас-үөл технолога. Остолобуойдарга, эрэстэрээннэргэ үлэлээбитэ. Онон ас састаабын, калькуляция диэни үчүгэйдик билэр. Бу идэтэ билиҥҥи үөрэҕэр эмиэ туһалыыр.
Айылҕа сокуонунан олоруохха
— Саха сирин олохтоохторугар сүрүннээн С, В, Д битэмииннэр тиийбэттэр. Айылҕа сокуонунан, киһи сылаас сиргэ, муора кытылыгар олордун диэн айыллыбыт, хоту, тыйыс усулуобуйаҕа баран олоруо диэн көрүллүбэтэх. Онон ханнык эрэ битэмииннэр тиийбэт буоллахтарына, ону тастан толорунуохтаах. Биһиэхэ үүнэр от-мас барыта битэмииннээх. Былыргы киһи оту-маһы сиэн тыыннаах ортоҕо дии. Киһи күөх оту, хлорофиллы сиэхтээх. Дэлэҕэ, хааҥҥа гемоглобин молекулата хлорофилл молекулатыгар маарынныа дуо?
Оту иһэртэн куттанымаҥ диэхпин баҕарабын. Туох састааптааҕа, хайдах дьайара биллибэт арбидолу, антибиотигы куттаммакка иһэбит дии. Боростуой соҕус оттортон – отонноох үүнээйилэр (моонньоҕон, дьэдьэн, биэ эмиийэ) сэбирдэхтэриттэн саҕалыахха сөп. Хатыҥ сэбирдэҕэ, харыйа, бэс иннэтэ, тиит хатырыга эмиэ олус туһалаахтар, ону чэй курдук иһиҥ.
Киһи этигэр-сиинигэр Менделеев таблицатын элэмиэннэрэ бары кэриэтэ бааллар, хас хамсаныы барыта биохимиичэскэй дьайыылаах. Аныгы киһи битэмиини төһө да истэр, этэ-сиинэ ону ылыммат буолуон сөп. Куртаҕа, үөһэ, оһоҕоһо үчүгэйдик үлэлээбэт буоллахтарына, төһөнү да ис, туһата кыра. Кэнники кэмҥэ киһи-аймах хамсаммат-имсэммэт эрээри, наһаа элбэх углеводтаах, саахардаах, транс-сыалаах, консерваннаах, хос-хос оҥоһуллубут аска-үөлгэ оҕунна. Бу барыта организмҥа куһаҕан дьайыылаах.
Айылҕа оҥорон таһаарбыт бородууктатын бэйэтинэн сиэниллиэхтээх. Холобур, бурдук ас айылҕа оҥорон таһаарбыт бородууктата буолбатах. Төһөнөн судургу да, соччонон үчүгэй. Биһиги өбүгэлэрбит хайдах аһаан олорбуттарын саныаҕыҥ. Эти, үрүҥ аһы, бурдук аһы арааран сииллэрэ, барытын бииргэ симиммэттэрэ, ферменнэммит (тар, сыма, о.д.а.) астары, оту-маһы хото туһаналлара.
Удьуордааһын диэн эмиэ баар – сорох дьон арыгылыыллар, табахтыыллар, үйэлэрин тухары буортулаах аһы аһыыллар да, кимнээҕэр доруобай, уһун үйэлээх буолуохтарын сөп. Бу геннэриттэн тутулуктаах. Оттон ас буһарар, таһаарар систиэмэлэрэ мөлтөхтүк үлэлиир киһи тугу аһыырын, битэмииннэрин хайдах толорунарын толкуйдуохтаах.
Саахар буортутун туһунан
— Оһоҕоско үчүгэй да, куһаҕан да бактыарыйалар бааллар. Куһаҕан бактыарыйалар саахарынан аһылыктаналлар, кинилэр элбээтэхтэринэ, үчүгэй бактыарыйалары аҕыйаталлар. Билэрбит курдук, иммунитет 80%—на оһоҕоско баар. Үчүгэй бактыарыйалар аҕыйаатахтарына, иммунитет мөлтүүр. Онон олус элбэх минньигэһи сиир туох да үчүгэйи аҕалбат.
Саахар кэнсиэрбэлэргэ, кетчупка, майонезка, утахтарга эмиэ баар. Онтон саахары солбуйар бороһуоктар (сахарозаменители) икки көрүҥҥэ арахсаллар: синтетическэй уонна айылҕа үүнээйититтэн ылыллыбыт. Мантан үүнээйиттэн оҥоһуллубут солбугу (стевия) туһанар ордук.
Арааран аһааһын
— Аһы барытын булкуйа сиир эмиэ куһаҕан. Холобур, углеводу сиэтэххэ, ону буһарар фермент үөскүүр. Тута эт сиибит, куртахха ону буһарар фермент кэлэр. Арыыны эмиэ атын фермент буһарар. Бу курдук ферменнэр булкуһаллара куһаҕан. Аһыыба (кислота) элбээн, куртаҕы сиир. Куртах ситэ буһарбат буолан барар, буспатах ас оһоҕоско баран, сытыйар, мантан араас ыарыылар үөскүөхтэрин сөп.
Ол иһин арааран аһааҥ дииллэр (раздельное питание). Биирдэ эмит, күүскэ баҕардахха, булкуйан сиэххэ сөп (холобур, бэрэскини).
Онон ырар туһуттан буолбакка, доруобай буолаары аһы-үөлү көрүнүөххэ наада. Уойуу – организм үлэтин кэһиллиитин бэлиэтэ, кыайан таһаарбатыттан, эбэтэр ис-үөс, эттиктэр атастаһыылара мөлтөхтүк үлэлиириттэн.
Хатаалы хайдах эмтиэххэ?
— 6-с кылааска үөрэнэр кыыһым сирэйэ хатаалланар, бүтүннүү бааһырар буолбута. Туохтан буолбутун билбэт этим. Быраас кириэм, тоник, сыата суох диетаны анаабыта, ол көмөлөспөтөҕө. Аны илиитэ, атаҕа кыһыйар буолбута. Анаалыс кэннэ блациста уонна лямблия диэн паразиттар бааллара биллибитэ. Бу үөннэр киһиэхэ барыларыгар кэриэтэ бааллар, элбээтэхтэринэ, токсины таһаараллар. Тирии ол токсиннары таһаараары, хатаалланар. Поликлиникаҕа бу үөннэри күүстээх антибиотиктарынан эмтээбиттэрэ, өссө куртаҕар хеликобактер баарын булбуттара. Ый курдук эмтэнэн баран, иккистээн анаалыс туттарбыппыт – үтүөрбэтэх этэ!
Санаабыт түспүтэ, өссө хайдах эмтэниэххэ сөбүй? Оҕом да олус эрэйдэммитэ. Бу кэмҥэ нутрициологияны үөрэтэн барбытым, куурустарга үөрэммитим. УЗИ кэннэ үөһэ мөлтөхтүк үлэлиирэ, токуруйуулааҕа көстүбүтэ. Паразиттарын эмтээн саҕалаабытым, ол сыыһа эбит этэ. Аан бастаан таһаарар, ыраастыыр уорганнар үлэлэрин чөлүгэр түһэрэн эрэ баран, оннук гыныллыахтааҕын кэлин билбитим. Тирии ыарыыларыгар КОК гормоннарын иһэргэ сүбэлииллэр эбит. Мин оҕобор, инникитин ийэ буолуохтаах кыыспар гормоннарын баттыыр эми биэриэхпин баҕарбатаҕым! Тоҕо биһиги үөс мөлтөхтүк үлэлииригэр болҕомтобутун уурбаппыт?
Үөс – организм баар-суох күндү убаҕаһа, сыаны араарарга, үөннэри өлөрөргө, оһоҕоһу хамсатарга наадалаах. Кыыһым токуруйбут үөһэ сыаны кыайан араарбат буолбута – бу баар эбит төрүөтэ. Ситэ арахсыбатах сыа хаан эргииригэр булкулла сылдьар, организм кинини тирии нөҥүө таһаара сатыыр.
Онон үөһүн эмтээбиппит, аһын уларыппыппыт кэннэ, тириитэ ыраастаммыта. Саахара суох отоннор, аһыы оттор, луук, чеснок, оливковай, ГХИ, ынах арыылара, сыалаах балык, убаһа этэ – үөс хамсыырыгар туһалаахтар. Эбии үөһү хамсатар оттору биэрбитим, тиийбэт битэмииннэрин толорбуппут. Глютен, казеин, лактоза, саахар, транс-сыа, түргэн углевод курдук оһоҕоско буортулаах астары тохтоппуппут. Бу барыта көмөлөспүтэ. Бу курдук төрүөтүн булан, ону суох гыннахха, ыарыыны кыайыахха сөп.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.