Доруобуйаҕа туһалаах “Сэргэх” бородууксуйаны оҥороллор  

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Аҕыйах кэмтэн бэттэх “Горнай Ас” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай оҥорон таһаарар кэпэрэтиибэ (бэрэссэдээтэл Николай Николаевич Ефремов) үүттэн оҥоһуллар “Сэргэх” бородууксуйаны атыыга таһааран эрэр. Номнуо дьон биһирэбилин ылла. Туох туһалааҕый?

edersaas.ru

АГАТУ-га айыллыбыт

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет иһинэн араас бородууксуйа технологиятын билим көрүүтүнэн таһаарыыга көхтөөхтүк үлэлэһэллэр. “Сэргэх” оҥоһук технологиятын тустаах үөрэх кыһата бэлэмнээбит. АГАТУ аһылык индустриятын ас-үөл оҥоруутун технологиятын кафедрата үрүҥ аһы үрүлүтэн таһаарар тэрилтэлэри кытта ыкса үлэлэһэн, үүттэн, эттэн оҥоһук көдьүүһүн үрдэтэр инниттэн, билим өттүнэн олоҕурбут технологиялары бэлэмниир. Дассыан Туяна Занданова иһитиннэрбитинэн, “Сэргэхтэн” ураты өссө атын араас нормативнай докумуону бэлэмнииллэр эбит. Холобура, иэдьэгэй уута (творожная сыворотка), үүттэн кыбаас, сымнаҕас сыыр көрүҥэ, аһытыы (закваска) уо.д.а.

Сонун бородууксуйа

Кистэл буолбатах, билигин тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэрэ бары тэҥ бородууксуйаны оҥоруунан дьарыктаналлар. Бары суорат, кефир, йогурт о.д.а. үрүҥ аһы атыыга таһаараллар. Ол эрээри, ханнык баҕарар тэрилтэ ырыынак усулуобуйатыгар атыттартан хаалсымаары, туох эрэ сонун суолу көрдүүр. Аны сыата суох үүтү туһаҕа таһаарыы соруга турар. Ол иһин биһиги маҥнай Ньурба улууһун тэрилтэтигэр технологияны (нормативнай докумуон) оҥорон биэриигэ дуогабардаспыппыт. Ол эрээри, биһиги университеппытыгар бэлэмнэнэр нормативнай докумуон университет интеллектуальнай бас билиитинэн буолар. Ол эбэтэр, тустаах бородууксуйаны атыттарга эмиэ тарҕатыахпытын сөп. “Сэргэҕи” горнайдар боруобалаан көрөн баран биһирээбиттэрэ, — диэн салгыы кэпсиир. Оттон ньурбалар итини таһынан өссө дьуоттаах үүт технологиятын усулуобуйатын ылбыттар. Онон сыыйа ылсар былааннаахтар быһыылаах диэн этэр.

“Сэргэх” утах

Биһиги Саха сиригэр оҥорон таһаарыы бырамыысыланнаһын кыһалҕатын быһаарар соруктаах билим үлэтинэн дьарыктанабыт. “Сэргэх” кисломолочнай бородууксуйаны бэлэмнииргэ пропионовокислай бактыарыйалар туһаныллаллар. Бу бактыарыйалар киһи этигэр-хааныгар иҥэн иммунитеты, киһи доруобуйатын бөҕөргөтөллөр. Пропионовокислай бактыарыйалар В12 битэмиини күүскэ оҥороллорунан биллэллэр, – диэн Туяна Нимбуевна быһаарар.

Доруобуйаҕа туһалаах

“Оччотугар коронавирустан харыстыыр кыахтаах дуо?” – диэн ыйытыыбар: “В12 битэмиин гемоглобин бэссэстибэлэрин атастаһыытыгар кыттар. Киһи коронавируһунан ыарыйдаҕына, гемоглобина түһэр, тыынара кэһиллэр, уоспайынан, бэссэстибэлэр атастаһыыларын дьайыыта кэһиллэр. Онон, быһаччы да буолбатар, хайа эрэ өттүнэн көмөлөһөр кыахтаах”, — диэн этэр.

Ханнык баҕарар кисломолочнай бородуукта курдук аһыытыҥы амтаннаах, хойуу, маҥан өҥнөөх. Киһи күн аайы истэҕинэ, чахчы доруобуйатыгар туһалаах диэн этэллэр. Аны экзополисахарида токсиннары ситимнээн, эттэн-хаантан таһаарар кыахтаах эбит.

Күҥҥэ 150-ча лиитирэ

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын университетын кытта саас дуогабардаспыппыт уонна балаҕан ыйыттан саҕалаан оҥорон эрэбит. Дассыан Туяна Нимбуевна Занданова кэлэн үөрэтэн барбыта. Билиҥҥитэ сайаапканан бэлэмниибит. Күҥҥэ 150-ча лиитирэни оҥорон таһаарабыт. “Сэргэх” 7-8 чаас устата ситэр. Онон сарсыныгар атыыга ыытабыт. Күн бүгүн сыата суох үүттэн оҥоробут. Сыаната – 50 солкуобай.

Атын маныаха ханыылыы үрүҥ астан оҥоһуллар утахтартан уратыта диэн, аһытыыта атын уонна пропионовокислай бактыарыйалартан турар, – диэн “Горнай Ас” кэпэрэтиип кылаабынай технолога Данил Сидоров кэпсиир.

“Горнай Ас” кэпэрэтиип 2017 сылтан үлэтин саҕалаабыт. “Сэргэхтэн” ураты олохтоохтор биһирэбиллэрин ылбыт кефир, суорат, йогурт, бифилайф, иэдьэгэй, быырпах, үүт, убаҕас, хойуу сүөгэйдэри, чохоон, ыраас уу, о.д.а. бородууксуйаны атыыга таһаарар. Аны сайыҥҥыттан сыыр оҥорор былааннаахтар.

Дьокуускайга хантан булабыт?

“Горнай Ас” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ бэйэтэ туспа маҕаһыыннаах. Горнайдар туһалаах, битэмииннээх “Сэргэх” утаҕы үрдүттэн ылаллар. Оттон Дьокуускай куорат олохтоохторо “Бааһынай” ырыынак иккис мэндиэмэниттэн эбэтэр биирдиилээн олохтоох бородууксуйа атыытынан дьарыктанар лааппылартан булуохтарын сөп.

“Дьон биһирээтэ”

Кэпэрэтиип үлэһиттэрэ этэллэринэн, дьон бэйэ-бэйэлэриттэн дьэ истиһэн эрэллэр эбит. “Кэлин олох дьон төлөпүөннүү-төлөпүөннүү бары “Сэргэҕи” ыйыталаһаллар. Иһэн көрбүт дьон биһирээтилэр”, – диэн оҥорон таһаарар дьон быһыытынан үөрүүлэрин ­үллэстэллэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0