Доруобуйаҕа туһалаах сүбэлэр

24.02.2022
Бөлөххө киир:
apple cider vinegar

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр” кинигэтиттэн түмүктүүр суруйууну бэчээттиибит.

Бүтүн бурдугу тылыннаран сиир доруобуйаҕа туһалаах. Кытайга б.э. 3000 сыл анараа өттүгэр туһаналлара, Арассыыйаҕа кэлиҥҥи 15-25 сылга туһанан эрэллэр. Дьиҥэр, туох баҕарар сиэмэтин тылыннарар туһалаах буолан баран, сэлиэһинэй бүтүн туорааҕын туһата улахан.

Сиэмэлэр төһө да кыраларын иһин, кэлэр көлүөнэҕэ биэрэр туох баар иҥэмтиэлээх эттиктэрин, эниэргийэлэрин тута сылдьаллар. Холобур, белоктар 40% элбииллэр, битэмииннэр – 4 төгүл. Бүтүн бурдугу араскылатан сиэһин эдэргэ түһэрэр.

Маннык тылыннарыахха сөп: нэлэккэй иһиккэ 2 см курдук халыҥ гына сиэмэни тэлгэтэн баран, сылаас ууну тимирбэтин курдук кутуллар, салфетканан сабан баран, 24 чаас устата хараҥа сиргэ ууруллар. Биир суукканан “кутуруктанан” тахсар. Сиэмэни кутуох иннинэ 1:1 оргуйа турар уунан сууйуллар. Мүөт, ынах арыыта эбиллэр, сойутуллар уонна сарсыарда аайы сиэниллэр.

Дьаабылыка уксууһа

Организм ыраастанарыгар кислоталар наадалар, шлагы тууска кубулуталлар уонна иигинэн таһаараллар. Дьаабылыка ханнык баҕарар суорда барар.

5 л ууга 5 кг дьаабылыканы түөркэлээн кутуллар, 100 г доруоһа, 1 кг саахар, 200 г суухара эбиллэр. Хаппахтанар эмээл иһиккэ кутан, суулаан, сылаас сиргэ ууруллар. Күҥҥэ 2-3-тэ ытыйан биэриллэр. 10 хонук кэннэ сиидэлэнэр. Онно 100 г мүөтү уонна саахары дьаабылака хас биирдии киилэтигэр суоттаан кутуллар. Холобур, 5 киилэ дьаабылыка + 500 г саахар + 500 мүөт. Сиидэлээн, өстүөкүлэ иһиккэ кутан, маарыланан сабан, 6-7 нэдиэлэ туруоруллар. Бу бириэмэҕэ көөнньөрө тохтуур, түгэҕэр сөҥөр. Онтон бытыылкаларга кутаттаан, кытаанахтык хаппахтаан, сөрүүн сиргэ хаһааныллар.

Бу уксуус олус элбэх калийдаах буолан, сүрэх ыарыһахтарга үчүгэй. Сүһүөх, ис-үөс ыарыыларыгар, ангинаҕа, туус олоруутугар күҥҥэ үстэ аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ 200 г ууга 2 ч.нь. уксууһу уонна 2 ч.нь. мүөтү эбэн иһиллэр. Үөс таастарын, тымыр оппуохатын (атеросклероз) суурайар.

Редька суогун бэлэмнээһин

Билиҥҥи үйэҕэ ас-үөл элбээн, арааһы барытын сиибит. Ол эрэн, дьиҥнээх сахалыы аспыт сылтан сыл аҕыйаан иһэр, урукку курдук тар, биэ кымыһа, быыһыгар сыалаах эт (мраморное мясо) билигин суохтар. Дьэ, ол иһин ис-үөс ыарыылара, тааһырыы арааһа элбиир.

Хара редька диэн норуокка киэҥник биллэр, туустары суурайан таһаарар үүнээйи баар. Үөскэ, үөс быатыгар, хабахха, бүөргэ таас үөскүүрэ элбэх уонна бу көстүү эдэримсийэн иһэр. Бэл, оҕолор тааһыраллар.

Эмп маннык оҥоһуллар: 10 киилэ хара редьканы хахтаабакка, кичэйэн хас да ууга сууйуллар уонна суогун ыгыллар (блендергэ). 3 лиитирэ суок кэлэр, мээккэлэммит ото (жмых) элбэх. Суогун сөрүүн сиргэ хаһааныллар, 1 киилэ от мээккэтигэр 400 г мүөт, эбэтэр саахар кутан баран, түүнүгүрбэтин диэн бааҥкаларга чиҥэтэ-чиҥэтэ угуллар. Бу суок үөһү үчүгэйдик таһаарар. Аһаан баран 1 ч.нь. күҥҥэ үстэ иһиллэр. 6-7 хонон баран, быар ыалдьарын биллэрбэт буоллаҕына, 2 ост.нь. күҥҥэ үстэ иһиллэр. Сууккаҕа ыстакаан аҥаарынан истэххэ, бастакы күннэргэ туустар тахсаллара биллэн ааһар, ыарытар, аалар курдук буолар. Дьиҥэр, бу кэмҥэ туустар ууллан, суураллан сүтэллэр. Оҥорбут суок бүттэҕинэ, мээккэлэммит отун сиэнэр. 2-3 ост.нь. аһылык аайы, аһыы олорон сиэнэр. Редька суога сүрэх-тымыр, тыҥа ыарыыларын эмтиир, ону сэргэ, үөстэн, бүөртэн тааһы уулларан таһаарар.

Подсолнух силиһэ

Бу силистэн чэй өрүнэллэр, кини солохтоох (щелочнай) туустары таһаарар. Силиһи кичэйэн ыраастаан, кыра силистэриттэн босхолоон, сууйан куурдаллар. Туттуох иннинэ кыра гына үлтүрүтүллэр уонна эмээл иһиккэ оргутуллар: 3 л ууга 1 ыстакаан мээккэлэммит силиһи кутуллар уонна 3-5 мүнүүтэ устата оргутуллар. Бу чэйи үс күҥҥэ иһэн бүтэриллэр.

Иккис оргуталларыгар 3 лиитэрэ ууну кутан, 10 мүнүүтэ буһараллар, 3 күн устата иһэн бүтэрэллэр. Үһүстээн 15 мүнүүтэ оргуталлар, 3 күн иһэллэр. Ол курдук ый устата иһиллэр. Ииги кэтээн көрдөххө, ырааһырбыт буолар. Ый устата ииктээн 2-3 киилэ тууһу таһаарыахха сөп. Бу кэмҥэ олус туустааҕы уонна аһыыны сиэниллибэт.

Эмчиттэр сүбэлэрэ

Ким-Пон-Ок сүбэтэ:

— Кутургуйаны сояттан пластырынан тартар. Сахалар былыр куобах тириитин сыһыаран аһардаллара.

— Күөмэй ириҥэтин сылаас ыт сыатынан сотоллоро.

— Хабах ыарыыларыгар арбуз хаҕын хатаран, оргутан иһэллэр.

— Дьахтар ыарыыларыгар хортуоппуй сибэккитин настойдаан иһэллэр, соҕуоттан (зоб) эмиэ көмөлөөх.

— Куртах ыарыыларыгар лүөн сиэмэтин оргутан иһэллэр.

— Гайморикка харыйа сымалатын 200 г оргутан, 1 эриэппэ луугу кырбаан, 15 г алтан купороһун эбэн, 50 г олива арыылаан, мурун иһин чараастык сотоллор. Бу маас сылытар, ол иһин араас эчэйиилэргэ, уҥуох тостуутугар туһаналлар.

В.Востоков сис-тоноҕос, сүһүөх ыарыыларыгар сүбэлэрэ:

— моонньоҕон сэбирдэҕин уонна үнүгэстэрин кырбаан, 500-600 г ууга кутан, эмээл иһиккэ 1,5-2 чаас устата оргутуллар. 39 кыраадыстаах уунан бааннаны толорон баран, моонньоҕон сэбирдэҕин уутун сиидэлээн кутуллар. Толору бааннаҕа 200-300 г хаппыт сэбирдэх сөп буолар. Ыарыһах 10-12 мүнүүтэ олорор-сытар. Үрдүк хаан баттааһыннаах киһи 8 мүнүүтэттэн уһуннук олоруо суохтаах. Күн көтө-көтө оҥоһуллар, барыта 10 бааннаны ылыахтаах. 2-3 нэдиэлэ сынньанан баран, хос оҥостор.

Саха дьонугар сүһүөх, тоноҕос дьарҕалара элбэх буолар, ол эрээри тыа киһитэ бэйэтин көрүммэт-бэриммэт идэлээх. Онон кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэрин бэрийсэн, эмтэниэхтэрин, көрдөрүнүөхтэрин наада.

В.Востоков бааннанан эмтэниигэ эмтэрин уларыта сылдьан ылар ордук диир. Холобур, моонньоҕон сэбирдэҕин туһанан баран, 2-3 нэдиэлэ сынньанар, онтон атын састааптаах бааннаны оҥостор: 2 ост.нь. суода, 1 ост.нь. хартыыһа, 1 ост.нь. муора тууһа, 1 ост.нь. мутукча экстрага (хвойный экстракт). Бааннаҕа толору 39 кыраадыстаах ууну кутан, 8-10 мүнүүтэ олорор. Күн көтө-көтө оҥостор, 30 күн эмтэнэр.

Ыалдьар сүһүөх, тоноҕос букатын хамсаппат, эргилиннэрбэт, олорпот-туруорбат буолан хаалар. Дьэ, ол иһин ыалдьар сүһүөҕү дьаныһан туран хамсатар хайаан да наадалаах. Билиҥҥи үйэҕэ интэриниэттэн бэйэҕэ сөптөөх хамсаныылары булунан, тиһигин быспакка дьарыктаныы үтүө түмүктээх буолар.

Саас элбээн истэҕин аайы, уҥуохпут төрдүттэн уларыйан иһэр. Кырдьаҕас киһи оҕунна да, уҥуоҕар эчэйии ылар, тостор. Аны оһон быстыбат. Уҥуох тостуутугар мумие олус туһалаах буолар этэ. 0,15-0,2 г мумиены ууга суурайан, сарсыарда аччык искэ иһиллэр. 10 хонук эмтэнэн баран, 5 күҥҥэ тохтотуллар. 10-нуу күннээх үс куурус оҥоһуллар. Мумие аптекаҕа атыыланар.

Кремний минераллаах ууну иһии (Кульдур, Аксу, Джермук, Талая куруортарга) түргэнник оһорор. Бу дойдулар уулара мочевой кислотаны суурайар, тостубуту силимниир, баттаҕы үүннэрэр, иҥэмтиэлээх эттиктэр атастаһыыларын сөпкө наардыыр бэрт үчүгэй дьайыылаах.

Харыйа сымалата – 20 г + 1 устуука түөркэлэммит луук + 50 г олива арыыта. Кичэйэн булкуйуллар, уокка ууран уулларыллар эрээри, оргуппаттар. Маас буолан тахсар. Тостубут сири сэрэнэн сотуллар. Бу маас олус аһытар, сымалалаах буолан, силимниир аналлаах.

Хатыыс куутун оргутан, онно сиэл эбэн килиэйдээтэххэ, түргэнник оһор буолаллара, ыарыыта да сүтэрэ. Бэйэ оҥорор маастарыгар, ону сэргэ от эмтэргэ тыл этии, көрдөһүү эмп күүһүн улаатыннарар. Онон алгыыр хайаан да наада.

Тэттик сүбэлэр

Уһун үйэлэнэри “бобор” аһылыктар: үрүҥ бурдуктан килиэп, буулка, туус, саахар, сыа, арыы, арыыга ыһаарыламмыт астар, кофе, чэй уонна тотон баран, эбинэ олоруу.

Мускат эриэхэтэ эр киһи күүһэ-уоҕа эстэригэр, иик тутуллубат буоларыгар уонна сыптарыҥҥа көмөлөһөр, сүрэх-мэйии үлэтин күүһүрдэр, үчүгэйдик утутар.

Итии ууга, уокка бустахха, ряженканан саба баанан хонуллар. Уокка буспуту уотунан эмтэнэр. Буһараат, уот сыралҕаныгар туттахха, олус аһытар, ыарытыннарар, ол эрэн, хабыллыбакка оһон хаалар, оспут сирэ хаҕыланан түһэр дииллэр.

Сыалыһар тууһа суох миинин ый устата истэххэ, соҕуо (зоб) ыарыыта сүтэр, намтыыр.

Дьахтар ыарыыларыгар ыам ыйыгар хатыҥ туоһун оргутан иһэр көмөлөөх.

Быар ыарыыларыгар моонньоҕон саҥа тахсан эрэр умнастарын (молодые побеги) оргутан иһиллэр. Уопут да көрдөрөрүнэн, моонньоҕон бүөр-быар ыарыыларыгар биллэ көмөлөһөр этэ.

 Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: zdorove.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0