Эр киһи ис айылгыта — кини доруобуйатыгар

Ааптар: 
25.02.2020
Бөлөххө киир:

Быйыл тохсунньу ортотун саҕана социальнай ситимнэринэн сарсыарда эрдэ эмчит Николай ГригорьевМаганскай атах сыгынньах тиэргэнигэр тахсан, хаарынан «дууштана» сылдьара интэриниэти соҕотохто “тоҕо тэппитэ”.

edersaas.ru

Сарсыарда аайы сүүрэр, дьарыктанар эмчит блогер быһыытынан социальнай ситимнэргэ эрчиллиигэ, чөл олоҕу тутуһууга, доруобуйаны харыстаныыга сүбэлэрин, санаа атастаһарын үгүс киһи бэркэ интэриэһиргээн ааҕар.

Уролог, эндокринолог, андролог быраас Николай Григорьевы-Маганскайы кытта эр дьон доруобуйатыгар туохха болҕомтону ууруохха сөбүн туһунан кэпсэтэбит.

ИЙЭ ИҺИТТЭН САҔАЛААН

— Уол оҕо доруобуйатыгар ордук туохха болҕомтону ууруохха нааданый?

— Ийэ, оҕо үөскээтин кытта, иһигэр сылдьар оҕото сайдыытыгар болҕомтолоох буолуохтаах. Эр киһи буолан улаатара, оҕо ийэ иһигэр сылдьар кэмиттэн быраас көрүүтүгэр-истиитигэр барыахтаах. Төрөөтүн кытта, неонатолог быраас көрөр-истэр. Туох эмэ ыарыы баар буоллаҕына, ону суох оҥорорго сөптөөх үлэ ыытыллар. Онтон салгыы оҕо учаастактааҕы пед  иатр илиитигэр киирэр. Онно сылга биирдэ, оҕо сайдыытын көрөр толкуйтан, уол оҕону урологка хайаан да көрдөрүөхтээхтэр. Дьиҥэр, уол оҕоҕо олох кыра эрдэҕиттэн урологическай ыарыы үгүс буолар. Ордук кырачаан киһини фимоз, крипторхизм диэн ыарыы буулуур. Фимоз — уол оҕо ууһуур уорганын төбөтүн сабар сарыы тириитэ арыллыбат буолуутун этэллэр. Бу 7-9 сааһыгар диэри ыарыыга киирсибэт эрээри, бырааска салгыы көрдөрбөккө, уһатан, эпэрээсийэҕэ тиэрдиэххэ сөп. Сатаан арыллыбат сарыы тирии анныгар кир мунньуллар, ыарытар. Онон уол оҕо доруобуйатыгар  улахан болҕомтону ууруохха наада. Крипторхизм сахалыыта “буоттук ыарыы” дэнэр. Сымыыт аллараа түспэккэ, үөһэ ханаалга хаалан хаалар. Уол оҕо бу ыарыытын кэмигэр булбакка, аармыйаҕа барыытын саҕана көрүү кэмигэр булан, соһуйуу бөҕө буолаллар.  “Буоттук ыарыы” (крипторхизм) ыарыы эр киһи доруобуйатыгар олус улахан охсуулаах.

ДЬАХТАР КУРДУК ЭР КИҺИ ТОҔО ЭЛБЭЭТЭ?

— Николай Николаевич, кэлиҥҥи кэмҥэ дьахтардыҥы эр киһи олус элбээбитэ бэлиэтэнэр. Ол төрүөтэ тугуй?

— Уол организмын оҕо буоһатар эттиги оҥорон таһаарыытын уоргана мөлтөхтүк сайдарын ааһан, “тестостерон” диэн эр киһи буолар гормонун оҥорон таһаарыы эргиирэ атыннык барар. Дьахтар хат сырыттаҕына, маатката оҕотун хам тутарыгар анаан “прогестерон” диэн эми иһэрдэллэр. Ол эмп уол оҕо тестостеронун баттыыр. Ол түмүгэр уол оҕо организмыгар дьахтар гормона элбэхтик үөскүүр. Ол эбэтэр уол оҕо организма, өйө-санаата дьахтар киэнин курдук буолар.  Гомосексуализм үөскүүр биир сүрүн төрүөтэ манна сытар. Эр киһи айылгытын сүтэриитэ гормонтан тутулуктаах. Онон уол оҕо организмыгар улахан уларыйыы тахсар кэмигэр кини доруобуйатын чинчийбэккэ хаалыыга төрөппүт буруйдаах.

Аны оҕону көрөр быраас үксэ — дьахтар. Этэ-хаана саҥа сайдан эрэр обургу уол ис иһиттэн кыбыстанньаҥ айылгылаах. Онон дьахтар эмчиккэ организмыгар туох эмэ мэһэйдэтэрдээх уол оҕо, ыалдьар да буоллаҕына, кыбыстан, кэмчиэрийэн кэпсээбэт, көрдөрбөт. Өссө бу оҕо соҕотох ийэ оҕото буоллаҕына, ол уол оҕо сайдыыта бэйэтин дьаалатынан устар.

УОЛ ОҔОНУ ХАЙДАХ ИИТИЭХХЭ?

Уол оҕоҕо эр киһитин айылгытын сүтэрбэтин наадатыгар манныкка болҕомтону у уруохха:

• Уол оҕо уойумуон наада. Уойуу хайаан да тестостерон кыччааһыныгар тиэрдэр. 12-13 саастаах уол оҕо уойара кини организма тестостерону оҥоруутун намтатар.

• Уолу кыратыттан хамсана үөрэтиэххэ. Эрчиллэ, дьарыктана, хамсана сылдьар эр киһи организма гормональнай уларыйыыга бэриммэт.

• Тымныйыыттан харыстаныы. Тымныы, бастатан туран, төрүүрууһуур уорганнарга охсор. Киһи атаҕа тоҥноҕуна, төрүүр-ууһуур уорганнарга охсор. Хаан эргиирэ мөлтөөтөҕүнэ, уорган утарсар күүһэ (иммунитета) мөлтөөн, бактериялар өрө тураллар. Олохсуйбут ыарыыттан сылтаан, салгыы эр киһи төрөтөр-ууһатар уоргана мөлтүүр.

“БАЛЫК АРЫЫТЫН” ТУҺАТА

— Эн саха тустууктарыгар сыһыаннаах дьикти көрүүлээххин…

— Билигин тустар уолаттарбыт отуттарыгар тиийэ илик, 90-с сылларга төрөөбүт уолан дьон. Оччолорго олох айгырааһына саҕаланан, эгэ, оҕону битэмиининэн хааччый ыы диэн баар буолуо дуо? Өйдүүргүт буолуо, сэбиэскэй кэм оҕолоро бука бары оҕо саадтарыгар “балык сыатын” (рыбий жир) иһэн улааппыттара. Бу килиэккэ энергетическэй кыаҕын сайыннарар эттиги элбэтэр эмп кэриэтэ этэ. Билигин “балык арыыта” аптекаларга баар да, ону ким да аахайбат. Тоҕо? Бу оҕону битэмииннээх эбии аһылыгынан доруобуйатын бөҕөргөтүү култуурата сүтэн хаалбытын бэлиэтэ. “Д” битэмиин эмиэ сүттэ. Оҕо организма сайдыытыгар олус туһалаах битэмииннэри испэккэ улааппыт 90-с сыллардааҕы сыалай көлүөнэ үүнэн таҕ  ыста. Килиэккэлэрэ энергети ческэй кыаҕа итэҕэс дьону туһуннаран, үгүһү ситиспэтиҥ чахчы. Ол иһин тустууктарбытыгар ситиһиилээх түмүк суох. Кэһиллии тахсыбыт төрүөтүн тохтотуохха, уол оҕону кыра эрдэҕиттэн эр киһи буола улаатар кыаҕын са- йыннарыахха наада.

ТУГУ ОҤОРУОХХА?

— Эр киһи доруобуйатын бөҕөргөтөр култууратын хайдах сайыннарыахха сөбүй?

— Бастатан туран, өйдөтүү үлэтин ыытыахха. Билигин социальнай ситим олус сайынна. Дьон эмчиккэ көрдөрүнэн баран, ыарыыларын төрүөтүн интэриниэттэн көрдүүр, сүбэлэтэр буоллулар. Онно барыта сөп буолар быһаарыы аҕый  ах. Ол иһин идэтийбит исписэлиистэр, эмчиттэр, быраастар блогер буолан, өйдөтүү, быһаарыы үлэтин ыыталлара – кэм ирдэбилэ. Дьон оннук быһаарыыга олус наадыйар буолла. Мин санаабар, Саха сирин уустук усулуобуйатыгар олорор, ол киһи организмыгар дьайыытын билэр эмчиттэр социальнай ситимнэргэ, хаһыаттарга, араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ хото тахсыахпытын наада.

… Эмчит Николай ГригорьевыМаганскайы интэриниэт ситимигэр “doctor_nikolaii” диэн аатынан көрдөөн, инстаграмтан уонна фейсбуктан булуохха сөп. Маны тэҥэ, андролог быраас сотору кэминэн “Саха” НКИХ ханаалыгар бэйэтэ биэрии оҥорорго, киин хаһыаттарга эр дьон доруобуйатын бөҕөргөтөргө аналлаах “муннук” аһарга бы- лаанныыр. Онон мантан инньэ интэриэһиргиир дьон андролог быраас сүбэлэрин үгүстүк ааҕар, истэр буолуохтара.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, ededrsaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0