Сэҥээрэ
Саҥа дьылы сайдам дьоннуун
Санаа хоту арыйыаҕыҥ!
Үүнэр сылы үтүө дьоннуун
Үөрэ-көтө көрсүөҕүҥ!
Кэлэр сылга хайаан да
Төрөөбүт төрүт сиргэ
Утуйарга уйалаах буолуох!
Олорорго дьиэлээх буолуох!
Аһыырга астаах буолуох!
Таҥнарга таҥастаах буолуох!
Үлэлииргэ үптээх буолуох!
Атааннаһыыга аралдьыйбакка,
Атаҕастаныыга айгыраабакка,
Киэбириигэ кэхтибэккэ,
Иирсээҥҥэ иилистибэккэ,
Иэдээҥҥэ иэнигийбэккэ,
Туоратыыга тууһугурбакка,
Эйэни эрэ өрө тутан,
Эҕэрдэнэн эркиннэнэн,
Эйэҥкэлэһэн сылдьыаҕыҥ!
Кыраттан кыйыттыбакка
Кыҥкый-хаҥкый саҥарсыбакка,
Кыыһырсыыга киирбэккэ,
Кэтиэлэһэн испэккэ
Кэрээнэ суох барбакка
Көҥүлү күөйтэрбэккэ,
Буруйу буулаппакка
Хобу-сиби хомуйбакка,
Холуннарыыга холоммокко,
Хоһулааһыҥҥа холбоспокко,
Холку-киэҥ киэлилэниҥ!
Омугумсуйан уолуктаспакка,
Ордук-хоһу саҥарсыбакка,
Оруо маһы ортотунан
Ойхоот-мойхоот туойбакка,
Оройунан тыыммакка,
Уолугунан көрбөккө
Олус аһары түспэккэ,
Харыстанан олорбут
Ордуктаах буолуоҕа!
Ол онтон оҕолорбут
Олохторун оҥоруохпут,
Кэрэ санааҕа иитэн
Кэскиллэрин кэҥэтиэхпит,
Ыраас санааҕа ыксалаһыннаран
Ыырдарын ырааһырдыахпыт,
Бастыҥ санааны барҕардан
Билиилэрин байытыахпыт!
Сайаҕас санааны сааһылаан
Сайдыыларын саргылыахпыт!
Үтүөҕэ үөрдүһүннэрэн
Үөрүүлэрин үрдэтиэхпит!
Киһи буолан килбэйиэхпит!
Саха буолан сандаарыахпыт!
Дьоһун дьону иитиэхпит
Дьоллоох олоҕу түстүөхпүт!
Чэйиҥ эрэ ол туһугар
Саргыбыт салалыннын!
Саҥа Дьылбыт үүннүн!
Саҥа Сылбыт туругурдун!
Алгыс аана аһылыннын!
Сахалар, сахалар барахсаттар
Сайда сатаан бараммыт
Аны туран Аан дойдуга
Аан бастакы омукпут диэн
Аһаҕастык айааран
Айаатаан эрэбит…
Аһыыр аспытыгар,
Иһэр уубутугар,
Ийэ айылҕабытыгар
Көмүскэлэ суох олорон,
Сүдүтүк сананартан
Саатыах санаам
Сабардыах курдук!
Тоҕо да аһары баран
Улуутуйан эрэрбит буолла?
Кэнчээрилэрбитин кэҕиннэрээри
Кэбилэнэн эрэрбит буолла?
Бачча үчүгэйдик олорон
Бардамсыйан эрэрбит буолла?
Тыл-өс көрдөөн
Тииһэн эрэрбит буолла?
Туохпут итээн-көҕүрээн
Тордуохтаһан эрэрбит буолла?
Саталаахха саҥарбыт
Сабардама салыннарыа!
Дьыбардаахха ньаҥсыйбыт
Дьайыыта дьулааннырыа!
Солуута суохха силбиэтэнэн
Суус тылгыт сүлүһүнэ
Сүүйтэриитэ сүдү буолуон сөп…
Сэмэйдик саһан олорбут
Былыргы сахалар сиэрдэрин
Сиргэ-буорга тэпсэр
Сэттээх буолуоҕа…
Өркөн өйдөөх
Өбүгэ үөрэҕин
Өрө тутар үгэһи
Умнумуох да баара..
Хас-хас омуктан
Үтүрүллэн, кыйданан
Тоҕус ыйдаах тымныылаах
Томороон дойдуга
Тоҕо туохтан ордорон
Олохсуйарга тохтообуппут
Түөрэхпитин түһэрбиппит
Төлкөбүтүн түстээбиппит
Ис дьиҥэ биллибэт…
Быста сыһа-сыһа быыһанан,
Эстэ сыһа-сыһа силбэнэн
Тигинэс олоххо
Тиийэн тиксэн кэллэхпит.
Үгүс үйэлэр тухары
Өрүһүнэн кэлбит
Үтүөкэн дьылҕабытын
Харахпыт харатын курдук
Харыстыах да баара.
Дьиҥ искэ киирдэххэ
Төрөөн-ууһаан тэнийэн
Эбиллиибит эрбэх саҕа,
Кыаҕырбыппыт түөн саҕа.
Атааннаһар айдааннаахтар
Бэрдимсийэр бэдиктэр
Бэйэ ыырын буулаппакка
Кыһаннаргыт ханнык!
Онто да суох
Олорор олохпут
Омсолоро олустаата
Оломноон сылдьарга
Ортотун булларбат
Оргуйар үөскэ
Олорор курдукпут…
Ойоҕостон ойон кэлэн
Олоҕу огдолутар
Омнуолаах көстүүтэ
Урааҥхай аймаҕар
Олохсуйбатар ханнык!
Тыҥааһыннаах киирсиигэ
Түмүгэ түөрэккэй
Төттөрү бэйэҕэр эргийэн
Эрдиитэ суох тыыга
Эмискэ эриллэ түһүөҕүҥ!
Тирэнэр биэтэги булбакка
Булумахтанар түгэҥҥэр
Быыһаан ыларга баҕалаах
Бэрт аҕыйах буолуоҕа.
Киһи сиэрдээх сигилитин
Киэр анньан кээспэккэ,
Ыраас суобаһы өрө тутан,
Сүтэрбэккэ сылдьары
Сүбэлииллэрэ өбүгэлэр.
Үйэттэн үйэлэргэ
Тутуһуллан кэлбит
Суруллубатах сокуону
Сотон кэбиһэр содуллаах
Соломмут суолуҥ
Сонордоох буолуоҕа!..
Киһи-аймах сүмэ тылын
Тутуһуҥ дуу, бар дьонум!
Бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү
Бэртээхэй быһыытын
Бары бүттүүн биһирээҥ!
Сомоҕолоһуу сүдү күүһүн
Сириэдитэр абыралын
Сиэрдээхтик сэҥээриҥ,
Сүрэххитинэн ылыныҥ!
Киэҥ-холку көҕүстэниҥ!
Сырдык ыраас ыраланыҥ!
Уолбат чүөмпэ уйгуланыҥ!
Ураа муостааҕы ууһатыҥ!
Сыспай сиэллээҕи сириэдитиҥ!
Аймаҕы-хааны хаҥатыҥ!
Оҕону-урууну үксэтиҥ!
Уһунтан уһун үйэлэниҥ!
2019 с.