Аныгы сайдыылаах кэмҥэ уол оҕону эрэллээх, ханнык баҕарар түгэҥҥэ дурда-хахха буолар эр киһи гына иитэн таһаарыы олус уустугурда.
Маныаха олох түргэн тэтимэ, интэриниэт сайдыыта, оҕо кыра сааһыттан көмпүүтэргэ хатанан олоруута улахан төрүөтүнэн буолла. Уол оҕону иитиигэ өссө устудьуоннуу сылдьыаҕыттан ылсыбыт эдэр киһи үлэтин мин кэтээбитим өр буолла. “Хаһан эрэ кини туһунан кэмэ кэллэҕинэ суруйуом” диэн санаалааҕым. Дьэ, ол кэм тосхойдо.
Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим – Дорхоон Дохсун.
“Дорҕоон” тоҕо “Дорхоонуй”?
— Дорхоон Дохсун, мин эйиигин Петр Ворогушинынан билэбин. Ааккын сахалыы уларыппыккын истибитим эрээри, тоҕо “ДорҔоон” оннугар “ДорХоон” диэний? Айар куттаах киһи “Дорҕоон” диэн ааттаныах курдуккун дии?
— Сахалыы ааттанар киһиэхэ саахса тэрилтэтигэр ааккын суруттарыыга тустаах мэһэйдэр бааллар эбит. Сахалыы иһиллэринэн аатым Дорҕоон эрээри, пааспарга сурулларыгар нуучча тылыгар “ҕ” буукуба туттуллубат буолан, “х”-нан суруллубута. Онон иһиллиитэ “Дорҕоон”, суруллуута – “Дорхоон”.
Сахалыы тыыннаах дьоннуун көрсүһүү
— Эн, устудьуон киһи, туох санааттан уол оҕону иитиигэ туспа суолу-ииһи көрдөөбүккүнүй?
— Университекка саха факультетыгар 3-с кууруска үөрэнэ сылдьан, дипломнай үлэбин суруйан саҕалаабытым. Ылсыбыт тиэмэм «Уол оҕону төрүт үгэһинэн иитии суоллара уонна ньымалара» диэн. Билиҥҥи саҥа үйэ, глобализация кирбиитигэр саха тыла үгэһэ сүппэтин, симэлийбэтин туһуттан ыллыктаах санааҕа олорсон, бырайыак толкуйдаабытым. Үөрүөм иннигэр, эмиэ итинник ис хоһоонноох үлэни Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Төлкө» эр дьон уопсастыбаннай түмсүүтэ тэрийэ сылдьарын билбитим. Кинилэргэ таба тайанан, кэскиллээх үлэбитин олоххо киллэрэн саҕалаабыппыт. Айылҕаттан иитээччигэ ананан төрөөбүт Иван Румянцевы уонна Анна Холмогорованы кытта маҥнайгы үөрэх дьарыктарын сахалыы тыыннаах гына былааннаан, 2011 сыллаахха “Төлкө” үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырын Аллараа Бэстээххэ уонна Мэҥэ Хаҥалас Дьаҥхаады нэһилиэгэр үлэлэппиппит.
«Сарыал хамнаныыта» – бастакы олук
— Бу бырайыаккар туох ньыманы туттаҕыный?
— Ньыма быһыытынан Лазарь Афанасьев-Тэрис 90-с сылларга суруйбут «Сарыал хамнаныыта» диэн эти-хааны сайыннарыы, өйгө оҥорон көрөр дьоҕуру, тылы-өһү сайыннарыы тосхолун сааһылаан, тургутуу үөрэҕэр киллэрэбит.
Ол кэннэ «Тыл иччитин иҥэрии» диэн Хотугулуу-Илиҥҥи университет методика кафедратын доцена Евдокия Поликарпова ньыматын туһанан, оҕо тылын-өһүн уһугуннарабыт.
Дьэ, ол кэннэ «Ойуу-бичик үөрэҕэ» диэн Борис Неустроев-Мандар Уус хомуйбут ойууларын туһанан, оҕо уруһуйдуур, ойуулуур дьоҕурун сайыннарабыт.
Бастатан туран, ханнык баҕар үөрэххэ дьиссипилиинэ ирдэнэр. Сыллааҕы үөрэх эргиирин түһүмэхтэрин нөҥүө көппөккүн. Онон үөрэххэ сылдьыбатах оҕону салгыы эппиэтинэскэ ылбаппын. Холобур, хоһоонун кэмигэр нойосуус үөрэппэтэх уол үрдүгү дабайыыга тахсыбат.
— Бөлөххө сылдьар уолаттар ахсааннара хас буолааччыный?
— Уол оҕону «Барҕа» үөрэҕэр 7 сааһыттан 15-16-гар диэри иитиэххэ сөп. Кылаабынайа, оҕо аһаҕас “быһыт” кэмин (9-13 саас) туһанан үлэлиибит. Миэхэ сүрүннээн Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Дьокуускай оҕолоро дьарыктаналлар. Бэйэбин кытта уустук усулуобуйаҕа 10-12 уолу эрэ ылабын. Ол эбэтэр сүрүн ирдэбили, сиидэлэнэн, итиччэ оҕо толорор.
Быһыт кэми куоттарымыахха
— Бу бырайыакка кинигэ суруйар былааннааххын дуо?
— Билигин ХИФУ Методика кафедратыгар аспирантураҕа үөрэнэ сылдьабын. Онно уол оҕону сахалыы тыыннаах иитиигэ научнай диссертация суруйабын. Ол кэннэ дьон-норуот туһанарыгар анаан үөрэх кинигэтин таһаарыахпыт диэн эрэнэбин.
— Эн кэтээн көрүүгэр, эйиэхэ кэлбит уолаттар иитиилэригэр туох итэҕэс баарый? Төрөппүттэргэ туох сүбэни биэриэҥ этэй?
— Билиҥҥи кэмҥэ оҕону сайыннарыыга төрөппүттэр сыһыаннара сүрдээҕин тупсан турар. Ол эрээри аныгы үйэ дьибилгэтэ элбэҕэ кэпсэл буолбатах. Ону оҕо аһаҕас эрдэҕинэ, быһыт кэмин куоттарбакка, өбүгэ сүрүн билиитин тымтык курдук толкуйдаан, туһанарга үөрэтэн кэбиһэр сүүйүүлээх, уонна инникигэ көдьүүстээх.
- САНАА СИТИМЭ
Биллэн турар, Дорхоон Дохсуну кытта кэпсэтэн баран, уолу иитиигэ туһуламмыт сахалыы тыыннаах үөрэҕи олоххо киллэрбит уонна бу үөрэҕи олоххо туһана сылдьар дьон санаатын холобурдуур буоллахпыт.
Анна ХОЛМОГОРОВА, этнопедагог:
— Мин Дорхоон Дохсуннуун аан бастаан Аллараа Бэстээххэ “Төлкө” эр дьон түмсүүтэ былыргы үгэһи тутуһан, Ыһыах ыһаары бэлэмнэнэ сылдьан билсибитим. Эдэр киһи төрүт култуура ис тутулун олоххо киллэриигэ оргуйа сылдьар баҕа санаалааҕын көрөн олус үөрбүтүм. Ол сайын уол оҕону төрүт үгэһинэн иитэр саҥа тэрийбит “Төлкө” уһуйааммытыгар иитээччинэн ыҥырбыппыт. Онно Дорхоон Дохсун обургу уолаттары бэйэтигэр тардарын бэлиэтии көрбүтүм. Кини дириҥ билиитэ, эт сиин өттүнэн кыанара, гитараҕа оонньуура, ыллыыра, хоһоон суруйара, уруһуйдуура – улаатан эрэр оҕоҕо ураты холобур этэ. Иитээччибит уол оҕону кытта өйдөһөр бэйэтэ туспа ньымалааҕа. Кылгас кэм иһигэр кыра уолаттар эр киһилии бодолоно түһэллэрин көрөн, олус сөхпүтүм. Билигин уопутуран, Дорхоон өбүгэ билиитин, ньыматын таба дьүөрэлээн, олоххо киллэрэ сылдьар. Кини бырайыагар үөрүүнэн көмөлөһөбүн, бииргэ үлэлиибит. Үгэс эргииринэн үлэлиир бырайыактардаахпыт: «Тыл Хоһууна», «Боотур омооно», «Хатарыллыы», «Ат Айааһына», «Үрдүгү дабайыы», «Хотуур хоһууна», «Кудай Бахсы».
Дорҕоон саха оҕолорун тэҥэ аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар оҕолорун, дьоннорун кытта биир тылы дөбөҥнүк буолар. Силистээхтик, дириҥник, киэҥник көрөн үлэлиир. Ол иһин үлэбит киэҥ ыырданан иһэр. Ити үөһээ ааттаммыт бырайыак үлэлэрбитин барытын холбоон, «Барҕа» үөрэх буолан таҕыста.
Былыр өбүгэлэрбит итинник үөрэхтээх эбиттэр. Онон аныгы үйэ киһитэ диэх курдук, сырдык ыра санаалаах эдэр киһи былыргыны, билиҥҥини, кэлэри ситимнээн, таба көрөн, олус айымньылаахтык айа-тута үлэлиир. Дорхоон Дохсун бэйэтин бырайыагын Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын өйөбүлүнэн олоххо киллэрэр.
Аны быйыл сайын Алтайдааҕы “Онгудайскай оройуонун нэһилиэстибэтэ” научнай-үөрэтэр киин ыҥырыытынан Алтай, Хакасия, Саха сирин оҕолорун (12 уол оҕо) этнокултуура, экология хайысхатынан үлэлэтэн кэллибит. Онон ыырбыт кэҥээн, аны норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах түүр омуктары ситимниир үлэҕэ ылсан эрэбит.
Ангелина ГОВОРОВА, төрөппүт:
— Мин үс уолбуттан кырабын Дьулуһу Дорхоон Дохсун уһуйааныгар 6-с кылааһы бүтэрбит сайыныгар биэрбитим. Доруобуйатыгар кэһиллии тахсан, оҕом олус уойан хаалбыта. Ол онтон наһаа санаарҕыыра. Иитээччитэ элбэх уолтан таба көрөн, оҕобун дьарыкка угуйан, санаатын көтөхпүтэ. Лааҕыр сабыллыытыгар «Ураты сахалыы толкуйдаах» диэн анал аакка тиксии — биһиэхэ кыһыл көмүс мэтээлгэ тэҥнээҕэ. Оҕом сөбүлээн, «Төлкө» лааҕырга үс сыл сылдьыбыта. “Саҥарар дьоҕурдаах, сылык санаалаах ураты оҕо” диэн бэлиэтээн, Дорхоон уолбун “кэскиллээх ыччат тахсыаҕа” диэн эппитэ. Дьулуһум, кырдьык, орто анал үөрэҕи бүтэрэн, билигин бэйэтин хаһаайыстыбатын тэринэн, тыа сиригэр олохсуйан, олохтоох бородууксуйаны сайыннарарга үлэлэһэн эрэр. Онон уолум иитээччитин кытта сибээһин быспакка, билигин бииргэ үлэлиир сонун бырайыактары торумнуур соруктаахтар. Онон Дорхоон Дохсун саха оҕотун эр киһилии үөрэтэн-такайан, пиэрмэргэ тиийэ үүннэрдэ.
Саха оҕотун олох кыра сааһыттан үлэһит буолуор диэри иитэр үөрэҕи төрүттээччи, аныгы үйэ учутала атыттарга – бастыҥ холобур.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.