Бу ыйытыыга хоруйу биһиэхэ бүгүн “Сахамедиа” өрөспүүбүлүкэтээҕи иһитиннэрэр-бэчээттиир холбоһук каадыры кытары үлэҕэ исписэлииһэ Мария Барабанова биэрэр.
Үлэ уратыта
Каадыры кытары үлэ эппиэтинэһэ улахан, идэтийиини уонна үлэ туһунан сокуоннары эҥкилэ суох билиини эрэйэр. Каадыр үлэһитэ, сүрүннээн, докумуону кытары үлэлиир. Онуоха билиэхтээх:
1. Үлэ кодексатын уонна кини кэлиҥҥи уларыйыыларын, эбии киллэриллиилэрин.
2. Үлэһиттэр үлэлэрин киниискэтин таба толорууну, харайыыны.
3. «1C: хамнас уонна персоналы салайыы» бырагырааматын (судаарыстыбаннай тэрилтэлэр «1C: хамнас уонна каадырдар» платформанан үлэлииллэр).
Дьэ итилэргэ тирэҕирэн, биһиги тэрилтэ хас биирдии үлэһитигэр тус дьыала оҥоробут, үлэҕэ ылар, уоппускаҕа ыытар, дуоһунастан дуоһунаска көһөрөр, үлэттэн ууратар о.д.а. тустарынан бирикээстэри таһаарабыт (даҕатан эттэхэ, онно олоҕуран хамнас ааҕыллар), үлэ туһунан сокуоҥҥа олоҕуран Үлэ киниискэлэрин толоробут итиэннэ уура сылдьабыт, үлэһиттэр уоппускаҕа барыыларын графигынан аттарабыт, күннээҕи үлэ таабылын, ыалдьыбыт дьоҥҥо больничнай илиистэри, биэнсийэҕэ тахсыыга ирдэнэр докумуоннары бэрийэбит о.д.а. Маны таһынан, күннэтэ тахса турар араас иирбэ-таарба үлэ элбэх эрээри, мин уопсай тылынан саамай сүрүнүн эрэ быһаарабын. Ити барыта балакыыта курдук эрээри, тустаах дьон үлэлэрин-хамнастарын, олохторун илгэтин, дьылҕаларын быһаарар улахан суолталаах үлэ.
Тус дьыала тоҕо толорулларый?
Үлэһит тус дьыалата тустаах киһи сөбүлэҥинэн оҥоһуллар, манна кини үлэҕэ киирэр сайабылыанньата, аҥкыатата, докумуоннарын итиэннэ үлэтин дуогабарын куоппуйалара барыта түмүллэр.
Араас биэдэмистибэлэртэн сүрдээх элбэх ыйытык кэлэр. Холобур, “Хас киһи үрдүк үөрэхтээҕий?” эбэтэр “Хас киһи аармыйаҕа сылдьыбытый?” — дииллэр. Онуоха дааннайдары бу докумуонтан ылан ыытабыт. Наҕараадаҕа түһэрэргэ чахчыны эмиэ мантан булабыт. Судаарыстыбаннай наҕараадалар квотанан бэриллэллэр, инньэ гынан, бастыҥ үлэһиттэри наҕараадаҕа түһэрэр хадатаайыстыба ылыннарар гына ыпсарыллан оҥоһуллуохтаах.
Тэрилтэҕэ үлэһиттэри төрөөбүт күннэринэн эҕэрдэлиир үгэс баар. Мин тус бэйэм ким хаһан төрөөбүтүн өйдүү сылдьыбатым чахчы, бу аҥкыаталарынан көрөбүн.
Уурайан барбыт үлэһит тус дьыалата архыыпка 75 сыл устата харайыллар. Холобур, биһиги архыыппытыгар урукку сылларга “Саха сирэ”, “Якутия” хаһыаттарга, “ЯСИА”-ҕа үлэлээбит дьон тус дьыалалара ууруллан турар.
Үлэ киниискэтэ — үлэһит сүрүн докумуона
Манна кини үлэтин, наҕараадаларын туһунан сибидиэнньэ түмүллэр, кырдьар сааһыгар хайдах биэнсийэҕэ тахсара тутулуктанар. Ити иһин Үлэ киниискэтин суруга сыыһата-халтыта суох, сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн толоруллар, хас биирдии сурук эппиэттээх киһинэн илии баттанар уонна бэчээтинэн бигэргэнэр. Туспа сирэйгэ судаарыстыбаннай наҕараадалар тустарынан суруйуллар.
Тугу учуоттуур нааданый?
Түгэнинэн туһанан, маннык сүбэлиэхпин баҕарабын.
1. Үлэ көрдүүр эдэр киһиэхэ:
— Үөрэххин бүтэрэн үлэ көрдүүргэр резюмеҕын чуолкайдык оҥор, идэҕин, квалификацияҕын чопчу суруй, хас омук тылын билэргин, ханнык компьютернай бырагырааманы сатыыргын ый. Быһата, тэрилтэ салайааччытыгар “бу киһини үлэҕэ ылыахха наада” диэн өйдөбүлү үөскэт. Собеседованиеҕа төрүт долгуйума.
2. Үлэлии сылдьар киһиэхэ:
— Үлэҥ киниискэтэ төһө сөпкө толорулларын көрө сырыт.
Элбэх үлэһиттээх бөдөҥ тэрилтэргэ каадыры кытары үлэҕэ анал исписэлиистэр баар буоланнар, докумуон сөпкө оҥоһулларыгар эрэниэххэ сөп. Оттон аҕыйах киһилээх дьоҕус тэрилтэҕэ Үлэ киниискэтин, үгэс курдук, тэрилтэ салайааччыта эбэтэр кинини солбуйааччы толорор буоланнар, сыыһа-халты суруйуу тахсыан сөп.
— Наҕараадаларгын Үлэҥ киниискэтигэр бэлиэтэтэргин умнума.
3. Биэнсийэҕэ тахсара чугаһаабыт киһиэхэ:
— Үлэ киниискэтигэр сыыһа-халты суруйуу дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар. Ол иһин биэнсийэҕэ тахсыаҥ хас эмит ый инниттэн каадыр салаатыгар сылдьан, Үлэҥ киниискэтин көр уонна исписэлиис хайдах сүбэлээбитинэн, ыспыраапката хомуй. Үөһэ эппитим курдук, үлэһит тус дьыалата урут үлэлээбит тэрилтэтин архыыбыгар баар буолуохтаах, оттон сопхуостар дьыалалара 1990-с сылларга улуустар архыыптарыгар түмүллүбүтэ.