Дьон тохтообот сылаас тохтобула

Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куорат Автодорожнай уокурук Воинскай уулуссатыгар саҥа сылаас тохтобул туруорулунна.

Ол эрээри, дьон-сэргэ манна тохтообот, иттэ киирбэт. Тохтобул оптуобустар сырыыларын түмүктүүр сирдэригэр турбут. «Конечка» чааһынай сектор таһыгар көһүөҕүттэн, бу «конечка» иннинээҕи тохтобул буолбут. Олохтоохтор тохтобул сыыһа турбутуттан хомойоллор. Тоҕо диэтэр, тохтобул куорат диэки айанныыр туһаайыыга турбута буоллар, дьоҥҥо чахчы туһалаах буолуо эбит. Онуоха сылаас тохтобул дьиэтэ утары, суол нөҥүө турар.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0