Дьон олоҕор кутталлаах мууһу-хаары ыраастааһын сокуонунан ирдэнэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саас аайы уулуссалартан, дьиэлэр үрдүлэриттэн, сатыы киһи сылдьар сирдэригэр хаары-мууһу ыраастааһын суолталаах боппуруос буолар. Ити үлэ кэмигэр ыытыллыбатаҕына, дьон олоҕор-доруобуйатыгар куттал үөскүөн сөптөөх.

edersaas.ru

РФ Олоххо-дьаһахха кодексатын 161-с ыстатыйатын 1.2 чааһынан уонна РФ Бырабыыталыстыбатын 2006 сыллааҕы 491 №-дээх уурааҕынан, салайар хампаанньа дьиэни хааччыйар үлэни барытын толоруохтаах.

Ону тэҥэ, РФ Бырабыыталыстыбатын 2014 сыллаахха бигэргэммит 290 №-дээх уурааҕын 7,25 пуунунан, салайар хампаанньа дьиэ үрдүн муустан, кыаһааннартан (муус дьаҥхаттан), дьиэ аттынааҕы сири муустан ыраастыыр эбээһинэстээх. Ити олорор дьиэлэргэ сыһыаннаах.

Оттон тэрилтэлэргэ (туспа дуогабара суох буоллахтарына) салайааччылара ити үлэлэри ыытарга эппиэтинэс сүгэллэр (оскуола, уһуйаан, биитэр атын да тэрилтэ буоллун).

Уулуссаларга, болуоссаттарга итинник үлэлэри нэһилиэктэр дьаһалталара ыытыахтаахтар.

Ити өттүгэр сокуон кэһиитэ тахсыбатын туһугар борокуратуура киэҥ хабааннаах үлэни ыытар, ол иһигэр, тэрилтэлэр салайааччыларын сэрэтэллэр.

Өскөтүн сокуону кэһии таҕыстаҕына, буруйдаах сололоох үлэһиттэр РФ Административнай кодексатын 6.3, 7.22, 12.34, 14.1.3 ыстатыйаларынан эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөп. Накаастабыла — ыстараап суумата хас да тыһыынча солкуобайга тиийиэн сөп.

Ону тэҥэ, ити үлэ ыытыллыбатаҕын түмүгэр, киһи улаханнык эчэйдэҕинэ биитэр өллөҕүнэ, буруйдаах киһи РФ Холуобунай кодексатын 293-с ыстатыйатынан, ол эбэтэр, дьалаҕай быһыы иһин холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыан сөп. Итинник холуобунай дьыалалар Киров уонна Ярославль куораттарга тэриллэн тураллар.

Өскөтүн туһааннаах сулууспалар ити үлэни ыыппат түгэннэригэр дьон борокуратуураҕа үҥсүөн сөп.

Эбиитин, өскөтүн ким эрэ итинтэн сылтаан эчэйии ыллаҕына, кини борокуратуура көмөтүнэн дуу биитэр ылбыт хоромньутун  бэйэтэ суут нөҥүө төлөттөрөр кыахтаах.

Иван Ядреев, Чурапчы улууһун борокуруора, юстиция сүбэһитэ.

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0