Дьон батсаапка араас күрэһи тэрийэр

Ааптар: 
26.04.2020
Бөлөххө киир:

Сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр дьиэҕэ олорон, үгүс киһи социальнай ситимнэри хото туһанан, араас куонкурустары ыытар.

edersaas.ru

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыылын олохтооҕо Клавдия Ефимова дьиэҕэ олоруу эрэсиимин тутуһан олорор биир интэриэстээх дьонугар – кэлэксийэньиэрдэргэ анал куонкурус ыытта. Бу туһунан тэрийээччи маннык кэпсиир:

Дьабыылга инбэлииттэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин 20 сыл салайдым. Бэйэм 2-c группалаах инбэлииппин. Үлэм түбүктээх эрээри, үгүс ситиһиилээх. Уопсастыбаннай дьыаланан дьарыктана сылдьар киһи дьиэҕэ олороро сылаалаах. Онон мин кыралыын-улаханныын дьиэҕэ олорор кэммитин туһанан, соторутааҕыта  В.И. Ленин үбүлүөйдээх 150 сылын туолбутунан сибээстээн,  бэйэм тэрийбит кэлэксийэньиэрдэр бөлөхпүтүгэр куонкурус ыыттым. 

Куонкуруска 8 араас улуус кэллэксийэньиэрэ көхтөөхтүк кытынна.

Кыайыылааҕынан  Уус Алдан Бороҕонун кэллэксийэньиэрэ Анна Федорова буолла. 

Бу күөн күрэскэ үгүс дьон сэбиэскэй кэминээҕи мунньубут эспэнээттэрин дьон дьүүлүгэр көрдөрө ыыттылар.

Онно көрдөххө, дойдубут устуоруйата барыта тахсан кэлэр.

Тэрээһиммэр оҕолорум дьүүллүүр сүбэнэн буолан, бэйэлэрэ спонсордаан бириистэри уйуннулар. 

Клавдия Ефимова кэпсииринэн, кини кэлэксийэньиэрдэри кытта алтыспыта 10 сыл буолбут.

Түөрт  сыллааҕыта Дьабыыл нэһилиэгэр кэлэксийэньиэрдэр өрөспүүбүлүкэтээҕи  быыстапкаларын тэрийбит. Онно 70  кэлэксийэньиэр кэлэн кыттыбыт.

Ити курдук, дьиэҕэ олоруу эрэсиимин тутуһар дьон бэртээхэй тэрээһиннэри ыытан, дьон санаатын көтөҕөллөр, бөҕөргөтөллөр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas. ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0