ХАРАҤА ХОС: «Домобуойдаах» дьиэ

18.12.2018
Бөлөххө киир:

Хас да сыллааҕыта Дьокуускай куоракка тиэргэннээх мас дьиэни куортамнаан олоро сылдьыбыттааҕым. Аадырыһын билиҥҥэ диэри өйдүүбүн да, сүрэ бэрт, суруйбаппын. Аны, дьон куттаныа.

Бу дьиэни мин иннибинэ билэр ыалым, биир дойдулаахтарым, куортамнаан олорбуттара. Биир дойдулааҕым уол саҥа дьиэ туттан киирэригэр, «по блату» диэбиккэ дылы, билэрдии, хас да сыл куортамнаан олорбут дьиэтин үргүлдьү миэхэ хаалларбыта. Ол биэриэн иннигэр «хас биирдии дьиэ бэйэтэ кыра сэкириэттээх буолар…» эҥин диэн ымаҥныы-ымаҥныы тугу эрэ үгэ-хоһоон курдук кэпсээбитэ. Ону аахайбатаҕым.

Дьиэ куорат кииниттэн ыраах турара, 14-с оптуобуһунан куорат киинигэр 20-чэ мүнүүтэ айаннаан тиийиллэрэ. Онон сыаната да бэрт чэпчэки этэ. Харчыбын абаансанан биир ый урутаан, дьиэ хаһаайыннарын уолугар, эдэр киһиэхэ, төлөөбүтүм. Кэргэним оҕотун кытта тыаттан сайылаан кэлэ иликтэр этэ. Инньэ гынан, күһүн халлаан хараҥарар буолбутун кэннэ, балаҕан ыйын саҕана, ол дьиэбэр уонча дьааһык малбын-салбын, остуолбун-устуулбун тиэйэн түҥкүнэтэн аҕалбытым. Былаан быһыытынан, дьонум кэлиэхтэригэр диэри дьиэни-уоту өрө тардан, сааһылаан, дьиэ дьиэ курдук оҥоруохтаахпын.

Дьиэ син сэнэх этэ. Били «абааһылаах кэпсээннэргэ» ахтыллар эргэ, самнайбыт дьиэлэргэ майгыннаабата. Чуолкайын өйдөөбөппүн, дьиэбэр саҥа киирэн баран сиэр быһыытынан арыгынан айах тутан аһаттаҕым эҥин буолуо. Оннук сиэри баҕас уруккуттан тутуһабын. Онон ким да «дьиэҕин аһаппатаҕыҥ буолуо, ол иһин…» эҥин диэн балыйар кыаҕа суох. Киирдэҕим иккис дуу, үһүс дуу киэһэтигэр, тыаттан дьонум кэлиэхтэрин иннинэ өрүсүһэн, урут бииргэ устудьуоннаабыт уолаттарбын ыҥыран бырааһынньыктаары оҥоһуннубут…

Дьонум кэлиэхтэрин иннинэ маҕаһыынтан ас-үөл бөҕө атыылаһан кылыгыратан-халыгыратан киирэн, хабыс хараҥаҕа балайданан, илиибинэн уоту уматтааппын кытта, түннүккэ ыйанан турбут остуора сибилигин ким эрэ таарыйбытын курдук өрө тэлибирии түстэ. Быһата, подоконникка олорбут куоска дуу, туох дуу уот умайбытыттан соһуйан остуора курдат сиргэ ыстаммытын курдук дьаабы буолла. Соһуйан «һук!» дии түстүм. Тута сүүрэн тиийэн түннүк иннин-кэннин, үрдүн-аннын көрүтэлээтим да – туох да суох! Түннүгүнэн тыал үрүөн иһин, кыһыҥҥылыы лип сабыллан, оҥоһуллан турар түннүк этэ. Бастакы «сигнал» ол курдук ааспыта.

Хас да хонон баран, бу дьиэҕэ миигиттэн атын ханнык эрэ «дьон» бааллара ырылыччы биллэн барбыта. Ол курдук, оҕолорум дьааһыктан хостоммут эрэһиинэ кус оонньуурдара, ким эрэ баттыалыырын курдук, түүнү быһа чыыбыгырыы хонор, тэлэбиисэрим, ардыгар ноутбугум, түүн үөһэ холбонон кэлэр. Иһит-хомуос халыгырыыра, лыҥкыныы хоноро улахан сонун да буолбатах. Дьиктитэ диэн, ол барыта киһи кутун ыстаннарар курдук соһуччутук, кутталлаахтык буолбакка, аа-дьуо киһи «этин үөрэтэ-үөрэтэ» кыралаан ыбылы ылан, күн-түүн эбиллэн, баарын биллэрэн иһэр этэ. Биирдэ түүн ортотугар диэри ноутбукка үлэбин оҥорон баран, хараҥа куукунаҕа кофе кутта киирэн истэхпинэ, субу атаҕым анныттан туох эрэ өрө тилигирэйэн, тыастаах баҕайытык талахачыйа түспүтүгэр, дьэ, улаханнык куттаммытым. Үүт-үкчү дьиэ иһигэр ыт эккэлээн халтарыйа-халтарыйа кулахачыйа сылдьарын курдук тыас этэ. Уоту умаппытым, биллэн турар, ким да суоҕа.

Бу дьиэҕэ нэдиэлэ курдук соҕотоҕун олорбутум тухары, хата, харахпар туох да көстүбэтэҕэ. «Куһаҕан» дьиэҕэ түбэспиппин өйдөөн, эрэй эрдэтинэ, били дьиэлээхтэрбиттэн харчыбын ылан төттөрү көһөн тахсыбытым. Ол дьонум бэйэлэрэ да дьиэлэрэ хайдаҕын бэркэ билэр быһыылаахтара, туох да мачайа суох харчыларын төттөрү ааҕан биэрбиттэрэ. Көһөн тахсан баран, мин иннибинэ бу дьиэҕэ өр олорбут биир дойдулаахпар төлөпүөннээн «туох абааһы дьиэтин ыйан биэрэн сордоотуҥ?» диэбиппэр, киһим күлэн өлө сыспыта. «Ээ, киһиэхэ туох да куһаҕаны оҥорбот домобуой эрэ баар. Кыра оҕо курдук. Киһини куттааччыта да, соһутааччыта да суох. Арай, бэйэтин күннээҕи араспысаанньатын кэһэри, дьону мунньан айдаарары, түүн хойукка диэри утуйбаты эрэ сөбүлээбэт… Оччоҕуна эрэ кыратык баарын биллэрээччи. Ити дьиэттэн көһөн баран, кинини суохтаан иэдэйдим. Куттас эбиккин дуу…» – диэн күлэн эрэ кэбиспитэ.

Дьиҥинэн, мин ону улахан дьыала дии санаабатаҕым, абааһыга да холооботоҕум. Кырдьыга, тугу да көрбөтөх да буоллаҕым дии. Ол тыас диэхтээн, ханна баҕарар элбэх…

Ол эрээри былырыын батсаапка кимнээх эрэ «абааһы уурталаабыт маллара» диэн ыыппыт хаартыскалара күүлэйдии сылдьарын көрөн соһуйбутум. Үүт-үкчү били мин хас да сыллааҕыта олоро сылдьыбыт дьиэм иһин түһэрбиттэр этэ. Хаартыскаҕа били мин «билэр» домобуойум (сахалыы туох дэнэрэ эбитэ буолла?) муостаҕа ньуоскалары-биилкэлэри биир көнө сурааһын гына тэлгэтэн сытыарар этэ. Били биир дойдулааҕым этэригэр дылы, «кыра оҕо курдук» оонньоотоҕо буолуо.

Ол хаартыскаттан сылыктаатахха, мин кэннибиттэн ол дьиэҕэ өссө да элбэх киһи олорон, куттанан ааспыт быһыылаах. Ол дьон маны түбэһэн аахтахтарына, суруйуохтара дии саныыбын.

«Иччилээх балаҕан» батсаап бөлөхтөн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0