Долоон калмыыктара үчүгэйдик кыстаатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр “Долоон” кэпэрэтиипкэ 2014 сыл күһүнүгэр Калмыкияттан кугас дьүһүннээх, эт боруода сүөһү аҕалыллыбыта.

edersaas.ru

Кэпэрэтиип бөһүөлэктэн тэйиччи турар Долоон учаастагар хотон туттан, база оҥостубута. Биллэн турар, бастакы сылларга сымнаҕас килиимэттээх дойдуттан аҕалыллыбыт ураты көрүүлээх сүөһүлэри Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар үөрэниилэрэ уустук соҕус буолбута. Ол эрээри, хаһаайыстыба слайааччытын Андрей Колмогоров уонна үлэһиттэр кыһамньыларынан сүөһү ахсаана аччатыллыбатаҕа. Сүөһүлэр кыһынын ангар хотоҥҥо баайыыта суох, таһырдьа көҥүл киирэ-тахса сылдьаллар, сайын алааска мэччийэллэр.


Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэтэринээрдэрэ “Долооҥҥо” тахсаннар, былааннаах сааскы эмтиир-сэрэтэр дьаһаллары ыыттылар, анаалыска хаан ыллылар итиэннэ битэмиин укуолларын оҥордулар. Сүөһүлэр туруктарын куһаҕана суоҕунан сыаналаатылар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0