Доллуга – дойдутун үрдүк наҕараадата

23.12.2020
Бөлөххө киир:

«Мин дьылҕабар махтанабын. Уол оҕо буолан, кэргэн ылан, оҕо төрөтөн, үлэни-хамнаһы кыайа тутан, бу орто дойдуга олох олорон кэллим”.

edersaas.ru

Маннык тыллары быйыл 70 сааһын туолбут РФ кинематографиятын бочуоттаах үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ үтүөлээх артыыһа, искусствоведческай наука кандидата, Арассыыйа Суруналыыстарын, театральнай диэйэтэллэрин, Норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар түмсүүлэрин сойуустарын чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Доллу нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Степан Сивцев-Доллу “Саха сирэ” хаһыакка биэрбит интервьютугар этэн турар.

Бу күннэргэ Степан Николаевич өссө биир үөрүүлээх сонунун үллэһиннэ.

Төрөөбүт-үөскээбит Мэҥэ Хаҥалаһын улууһа киниэхэ “Манчаары дойдута – мин дойдум” диэн бочуоттаах бэлиэни туттарда.

2013 сылтан туттарыллар улуус биир үрдүк наҕараадатынан бэлиэтэммит Степан Сивцев-Доллу: “Дойдуҥ дьонун билиниитэ – саамай үрдүк наҕараада”, – диэн бар дьонугар махталын биллэрэр.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0