«Мин бэйэм дьылҕабар махтанабын. Уол оҕо буолан, кэргэн ылан, оҕо төрөтөн, үлэни-хамнаһы кыайа тутан, бу орто дойдуга олох олорон кэллим” – диэн РФ кинематографиятын бочуоттаах үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ үтүөлээх артыыһа, искусствоведческай наука кандидата, Арассыыйа Суруналыыстарын, театральнай деятеллэрин, Норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар түмсүүлэрин сойуустарын чилиэнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Доллу нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Степан Сивцев-Доллу кэпсээнин саҕалыыр.
edersaas.ru
Чахчыта да, уларыта тутуу кэмэ кэллэ диэн, ардыгар баары да суох оҥорон, саҥаны киллэрии ухханыгар үгүс дьон олоҕо тосту уларыйбыта, дьылҕата атыннык салаллыбыта. Самаан сайын сатыылаан турар кэмигэр, сарсын 70 сааһын туолар Степан Сивцев-Доллу үгүс кинигэтин, ахтыыларын аахтахха уонна бэйэтин кытары ирэ-хоро кэпсэттэххэ, кини эмиэ “биир күн ат уорҕатыгар, биир күн өрөҕөтүгэр” буолбут кэмнэрэ аҕыйаҕа суох этилэр.
Саха тыйаатырыгар
– 1974 сыллаах шепкинецтэр – саха театральнай ускуустубатыгар эрэ буолбакка, бүттүүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын сайдыытыгар биллэр суолу-ииһи хаалларбыт уонна хааллара сылдьар устуудьуйа.
Билигин бары түспэтийэ сааһырдыбыт, ол эрэн сырдык оҕо саас өйдөбүллэрэ сааһыран истэх ахсын өссө ордук күндүтүйэн, ахтыһан-сэһэргэһэн, көрдөөх-көрүдьүөс түгэннэри өйдөөн ааһар түбэлтэҕэр уйадыйыыта суох буолбат. “Киһи кырыйдаҕына, оҕотугар түһэн иһэр” дииллэр.
Щепкиҥҥэ туттарсарбытыгар 200-тэн тахса оҕо этибит. Дьэ, онно улахан сүүмэрдээһини ааһан, артыыс буолар дьылҕаламмытым. Щепкиҥҥэ үөрэнэр кэммитигэр учууталларбыт барахсаттар олус да амарахтара, кыһамньылаахтара, үрдүк култууралаахтара. Нууччалыы үчүгэйдик билбэт, саҥарбат дьоҥҥо артыыс маастарыстыбатын, билиини-көрүүнү биэрэ сатаан муҥнаналлара, тугу аһыырбытыгар тиийэ кыһаллаллара.
Ленинград, Москва тыйаатырдара, мусуойдара, дьоно-сэргэтэ, тулалыыр эйгэлэрэ биллибэтинэн-көстүбэтинэн дьон тэҥинэн култууралаах, билиилээх-көрүүлээх артыыстар буолан тахсарбытыгар улаханнык сабыдыаллаабыттара. Тыа сирин молохочуспут-мэлэкэчиспит уолаттара, сири-буору кымыстаабыт кыбыстанньаҥ кыргыттара Москваҕа биир сыл буолаат, өйдүүн-санаалыын уларыйан, сайдан, таҥастыын-саптыын тупсан, билиибит-көрүүбүт кэҥээн, адьас атын дьон буола түспүппүт.
Үөрэхпин кыһыл дипломунан бүтэрэн, Ньурба көһө сылдьар тыйаатырыгар анаммытым. Онно режиссерум Спартак Слепцов тиийээппин кытта Шагжин “Абааһылаах сундуугар” сүрүн оруолу биэрбитэ. Испэктээкил олус ситиһиилээхтик турбута. Үчүгэйдик үлэлии сылдьан, дойдум ахтылҕана баһыйан, куорат диэки сыҕарыйбытым.
Биһирэбиллээх дьоруойдары оонньуур ыарахан дииллэр буолан баран, мин Максим Аммосов, Дьуур курдук дьоруойдары итэҕэйэн, тартаран оонньообутум. Ити хайдах эрэ олус идеальнай дьон: тыллара-өстөрө, олохторо “халыыптан” тахсыбат. Биирдэ литература кириитигэ Эрчимэн: “Ок-сиэ, алдьархай да төтөлө суох киһигин”, – диэн бэрт дьикти сыанабылы биэрэн турар. Артыыс оонньуохтаах уобараһыгар көстөр дьүһүнүнэн, майгытынан, тутта-хапта сылдьарынан хайа эрэ өртүнэн бэйэтэ эмиэ майгынныахтаах.
Саха тыйаатырыгар үлэлии сылдьан, атын үлэҕэ барбытым кэннэ элбэх көрөөччү: “Хаарыан артыыспыт баран хаалбытыҥ”, – диэн күн бүгүҥҥэ диэри этэрин, оруолларбын умнубатын иһин махтана саныыбын.
Цииркэбит бастакы хардыыларыгар
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев Ыйааҕынан Саха сирин судаарыстыбаннай цииркэтэ тэриллибитэ. Үгүс киһи «Бу үлүгэр олохпут ыараан, үп харчы көстүбэт кэмигэр ол эмиэ туохпут эгэлгэтэй?» – диэн соһуйа, дьиктиргии, эрэммэтэхтии истибитэ. Оччоттон баччаҕа диэри бары үпкэ-харчыга кэлэн, “ыы” муннубутунан анньылла турабыт, муннубут анныттан арыый ырааҕы, кэскиллээҕи көрөрбүтүттэн куотуна сатыыр сылдьар курдукпут. Арай, өрөспүүбүлүкэбит салайааччылара итинник түбэлтэҕэ атын көрүүлээхтэрэ киһини үөрдүбүтэ.
ССРС норуодунай артыыһа Юрий Никулин: “Бэрэсдьиэҥҥит ыччатын инники кэскилин үчүгэйдик ыйдаҥардан көрөр эбит. Олох ыараан, үп-харчы тиийбэтинэн классическай ускуустуба көрүҥнэригэр сыһыан уларыйда. Ол иһигэр, цииркэҕэ. Ыччаты түргэн, өрө күүрүүлээх шоуларынан, рок-группаларынан ханньары тартылар. Оттон цииркэ ускуустубата киһи аймах төрүөҕүттэн үөскээбит классическай ускуустуба буолар. Ол иһин, мин эҕэрдэбин Бэрэсидьиэн Николаевка хайаан да тиэрдээриҥ. Ну, чем я вам помогу, ребята? Только советами, мы же раньше жили в стране советов”, – диэн баран илиилэрин нэлэс гыннарбыта…
Цииркэни 4 сыл иһигэр дириэктэр быһыытынан атаҕар туруорбутум, Кытай курдук улуу норуоту кытта Саха сирин сибээстээбитим, саха киинэтин самныбат саргытын салайбытым. Ол сылдьан хайҕаммытым даҕаны, үөҕүллүбүтүм даҕаны. Аттыбарр өйөбүл, тирэх буолар чулуу дьон баар буолан, баччаҕа диэри кэллим дии саныыбын.
“Сахафильмҥэ”
– “Сахафильм” олохтоноругар уһун айар суолу ааспыта. Ол курдук, кини сайдыытын устуоруйатыттан кэрчиктээн көрдөххө, төрдө 1920-30-с сыллартан силистэнэр. Ол саҕана саха ырыата, култуурата, саха киһитэ нуучча киинэлэригэр элемент быһыытынан киирбиттэрэ. Онтон 1960-70-с сылларга Николай Сантаев Саха сирин туһунан киинэлэри оҥорбута. Кэлин саха артыыстара нууччалыы тыллаах киинэлэргэ уһуллубуттара. Оттон билигин саха киинэтэ саха норуотугар ускуустуба саҥа көрүҥүн быһыытынан үөскээн эрэр уонна сайдар чинчилээх диир кыахтанныбыт. Өйдүүргүт буолуо, саха киһитин туһунан, кини өйүн-санаатын, омук быһыытынан туспа айылгылааҕын көрдөрөр сахалыы тыллаах-өстөөх Никита Аржаков “Хара мааска” диэн толору метражтаах уус-уран бастакы киинэтин. “Ильмен үрдүнэн туруйалар” диэн киинэ “Сахафильм” биир бастакы улахан үлэтинэн уонна ситиһиитинэн буолар. “Бэйэ дьоно”, “Ол сайын”, “Олоҥхо дойдутун сулустара”, “Аанчык”, “Куоратчыт”, “Снайпер” уо.д.а. киинлэр дьон-сэргэ биһирэбилин ылан, көрөөччүгэ кэтэһиилээх киинэлэргэ кубулуйбуттара. Саха киһитигэр ордук чугас, сахалыы тахсар киинэлэри устубуппутунан киэн туттабын. Оҕолорго анаан, бэйэм идеябынан “Ералаш” курдук “Мэник” диэн кылгас киинэлэр хомуурунньуктарын устубутум.
Киһи дьоло – дьиэ кэргэнэ
Киһиэхэ саамай дьоло – дьиэ кэргэнэ. Мин дьолум – дьиэ кэргэним. Олоҕум аргыһа Прасковья Васильевна Сивцева ХИФУ-га үлэлиир, профессор, филология наукатын дуоктара.
Өйбүнэн-санаабынан, сүрэхпинэн-быарбынан киһи киһини абааһы көрөрүн өйдөөбөппүн. Бииргэ сылдьан, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһө сырыттахха табыллар, сахалар онто да суох аҕыйахпыт. Наар таҥнары хайыылана сылдьар адьас сыыһа. Оттон дьон киһиэхэ үтүөнү оҥорор, үчүгэйи саныыр буоллахтарына, мин кинилэргэ таҥара кулута да буолартан кыбыстыбаппын.
Күөллэрикибитин ахтабыт
Бу күннэргэ Доллу нэһилиэгэр, урукку Күөллэрики бөһүөлэк олоҕор Максим Горькай киин уһаайбатыгар Степан Николаевич сүбэтинэн уонна бырайыагынан, нэһилиэк баһылыга Прокопий Николаевич Сивцев туруулаһан өйдөбүнньүк пааматынньык турда. Пааматынньыкка Күөллэрикигэ олорон, үлэлээн ааспыт дьон ааттара сурулунна. Степан Николаевич биир дойдулаахтара Сомоҕолоһуу сылыгар түмсэн, баҕа санаатын олоххо киллэрбитинэн бэйэтин дьоллооҕунан ааҕынар.
“Күөллэрикибитин ахтабыт
Күүстээх үлэһит дьоннорун,
Кэриэстээн кэлэн турабыт
Көмүс күннэрбитин саныыбыт”. (Доллу)
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru