Дьоллоох дьоруойдардаах суруйааччы. Лина Сабарайкина-Алтааны прозатын туһунан

25.12.2019
Бөлөххө киир:

Саха билиҥҥи прозатыгар үлэлиир, айар-тутар дьон кэккэтигэр дьахтар-суруйааччылар ураты миэстэҕэ сылдьаллар. Кинилэр прозаҕа холонууларын уус-уран бэлиэтинэн дьиэ кэргэн иһинээҕи сыһыаны, дьахтар иэйиитин, уйулҕа таабырынын арыйыыны ааттыахха сөп.

edersaas.ru

Мааны Далбар Хотун

Аныгы дьалхааннаах, дохсун үйэҕэ киһи дууһатын кистэллэригэр болҕомто литература аан бастааҥҥы сүрүн соругун – киһи таабырынын таайыыны – өссө биирдэ бигэргэтэр, тоһоҕолуур. Онон дьахталлар уйаҕас, нарын куоластара, имигэс уобарастааһын, кыра ымпыкка болҕомто киһи уонна тулалыыр эйгэ уустук сыһыанын эридьиэстээһиҥҥэ уратытык, сонуннук көстөрө аныгы литература биир күүстээх өрүтэ буолар диэххэ сөп.

Аныгы кэмҥэ суруйар дьахтар-суруйааччылар ортолоругар университекка өр кэмҥэ үлэлээбит, омук тыла идэлээх, педагогическай наука кандидата, тылбаасчыт Л.М. Сабарайкина-Алтааны ураты уйаҕас куолаһа киһи болҕомтотун тардар. Кини саха прозатыгар хото суруйар, «Көрбүтүм – күн олорор этэ…» (2010), «Хаарыан күн хааллаҕа» (2014), «Чээ Кээчэ барахсан» (2019) кинигэлэригэр дьахтар дьылҕата, кини түбүгэ, ис эйгэтэ, таптала, анала, мунчаарыыта, эрэлэ истиҥник ойууланар.

Ол курдук прозаическай айымньыларга Кыыдаана Петровна («Күөх сирэм барахсан, суугунаа, суугунаа»), Чээ Кээчэ («Чээ Кээчэ барахсан»), Марина Даниловна («Көрбүтүм – күн олорор этэ»), Маарыйа Кырсаанабына («Эрэйдээх да дьахтар!») уобарастара киин миэстэлээх.

Айымньы уус-уран систиэмэ быһыытынан биир нарыламмыт тиһик буоларыгар тиэмэ, проблематика, сюжет, ойуулааһын, уобарастар, темпо-риитим барыта сааһыланан, аттарыллан оҥоһуллар, ситэрсэр эрэ түбэлтэлэригэр айымньы силигэ ситэр. Онуоха суруйааччы маастарыстыбата ити уус-уран элемени барытын бэ­­йэ-бэйэтин кытта дьүөрэлэһиннэри тутан суруйарыгар көстөн кэлэр.

Ырытааччы тута Лина Сабарайкина айымньылара ураты чуумпу эйгэлээхтэрин бэлиэтии көрөр. Бу уус-уран чуумпу эйгэ суруйааччы истиилин биир сүрүн бэлиэтэ буолар. Ол да иһин кини прозатыгар олох уустук хартыыната, мөккүөр, конфликт сиһилэммэт – прозаик  идиллическай эйгэни хоһуйарга дьулуһар. Маныаха ааптар араас уус-уран ньыманы аттаран табыгастаахтык туһанар. Бастатан туран, айымньыларга идиллическэй эйгэ хартыынатын оҥороругар Алтааны үгүс киһи ахта саныыр сэбиэскэй кэм уонна оҕо саас күннэрин ойуулааһыҥҥа болҕомто уурар. Салгыы маннык функцияны ааптар «үөрэх», «сайдыы», «үөрүү», «эдэр саас» өйдөбүлүн кытта ыкса ситимниир устудьуон кэмин хронотоба толорор. «Уу нуурал кэм» (идиллическэй кэм) өйдөбүлэ маны тэҥэ прозаик айымньыларыгар омук сиригэр, дачаҕа сынньалаҥ, биэнси­йэҕэ тахсыы, бэл кырдьаҕастар дьиэлэригэр күн-дьыл уобарастарынан итэҕэтиилээхтик бэриллэр.

Иккиһинэн, идилли­ческэй эйгэҕэ саха дьахтара киин ­миэстэлээх – бүтүн дьиэ кэргэни салайан олорор, тапталлаах ийэ, эбэ, сөбүлүүр идэтинэн дьарыктанар мааны Далбар Хотун. Кини уу нуһараҥ, чуумпу, дьоллоох олоҕо идиллия тиһигэр сүрүннүүр суолталаах. Дьахтар олоҕу биэрээччи, уйгуну-быйаҥы олохтооччу, төрөтөр-ууһатар анала былыргы саха төрүт өйдөбүлүттэн силис тардан, аныгы прозаик айымньытыгар киин суолталаммыта сөптөөх буоллаҕа.

Үсүһүнэн, Лина Сабарайкина-Алтааны туттар тыла-өһө, олох-дьаһах, дьон туһунан ааптарскай анаарыылара дьоһуннар, дириҥнэр, лоп-бааччылар уонна дьахтардыы киэҥнэр-холкулар, мындырдар. Уустуктартан иҥнэн-толлон турбат, олоххо үтүөтүн эрэ көрөр, дьоҥҥо сырдыгы эрэ бэлиэтиир бу дьоруойдары үрдүк култууралаах, интеллектуал дьон диэн быһаарыахпын баҕарабын.

Саха дьахтарын эйгэтэ

Олох-дьаһах усулуобуйатын, айылҕа уратытын хоһуйууну тэҥэ айымньыларга саха дьахтарын сэмэйэ, уйана, аһыныгаһа, наадалаах түгэҥҥэ кытаанах майгыта ойууланар. Бу саха ураты майгытын көрдөрөр ментальнай бэлиэлэр Алтааны сэһэннэригэр-кэпсээннэригэр оҕоҕо, кэргэҥҥэ, доҕорго сымнаҕас-сылаас сыһыаҥҥа, урукку олох туһунан чуумпу анаарыыларга, дьылҕа, анал, оҥоһуу туһунан дириҥ санааларга көстөр. Дьиҥ сахалыы майгы «хас биирдии киһи туспа ирээттээх, кэмнээх-кэрдиистээх» (“Чээ Кээчэ барахсан” сэһэн) диэн олоҕу хайдах баарынан ылыныыга эмиэ бэлиэтэнэр.

Суруйааччы айымньыларыгар уһулуччу күүстээх конфликт көстүбэт, сюжет да балысханнаахтык сайдыбат. Ол эрэн, наскылдьыйа, дыгыйа хаамар, унаарыччы көрөр, наҕыллык саҥарар ураты интеллигентнэй, үрдүк култууралаах дьахталлар эйгэлэрэ киһини сонурҕатар, сэҥээрдэр, абылыыр күүстээх. Кини персонажтара үксүлэрэ “барахсан”, “чээ” диэн быһаарыыларга бэккэ сөп түбэһэр дьон. Кыыдаана Петровна, Чээ Кээчэ, дьүөгэлии Мариналаах Саргы, о.д.а. – олохторун аналын толорбут, дьахтар буолан оҕо төрөтөр, ыал буолар дьолу билбит, үөрэҕи-үлэни баһылаабыт дьахталлар. Онон бу айымньылар дьоруойдарын толору киэҥ эйгэлээх, дьоллоох персонажтар диэхпитин сөп.

Киһи уруккуну-хойуккуну эрги­тэ санааһына (рефлексия) айым­ньыларга ураты бэлиэ, кэпсээн-сэһэн хронотобын уустугурдар киллэһик буолан, уус-уран эйгэни кэҥэтэр суолталаах. Ол курдук, Алтааны прозатыгар үгүстүк урукку кэми ахтан-санаан, кимиэхэ эрэ сэһэргээһин, толкуйдааһын ньымата туттуллар. Ааптар маныаха хас биирдии дьоруойун ис дууһатын толору арыйар сэһэргээһинэ, уобарастааһына дьиҥ сахалыы сэмэйдик, аргыый аҕай устар уу-нуурал бириэмэҕэ олоҕурар. Кэм-кэрдии Лина Сабарайкина прозатыгар уратытык устара ааспыт сэбиэскэй кэми сылаастык ахтыыга, оҕо-эдэр саас, доҕор-дьүөгэ, бастакы таптал туһунан аа-дьуо наллаан толкуйга, санааҕа да бэлиэтэнэр.

Аргыый аҕай устар темпо-­риитим саха киһитин сэмэй майгытын арыйарга дириҥ суолталаах. Тулалыыр эйгэни кытта ураты чараас нус-хас сыһыан эмиэ ити бытаан, аргыый аҕай устар чуумпу кэм бэлиэлээх.

Ол эрэн, прозаик икки араас эйгэни сырдатарыгар, эдэр саас сылларын уонна билиҥҥи кэми икки ураты көрүҥнээн ойуулууругар эйгэлэри чопчу араарар (“Эмискэ санаатын үрэйэн, ол­­буор таһыгар быыстала суох массыына сигналлаабытыгар…”, “күнү-дьылы былдьасыһа үлэни бүтэрэн кэбиһиэххэ баара, ол эрэн үлэтин этимэ биллэрдик бытааран, Саргы мөссүөнэ киниттэн арахпата”, “Кэтириис тыын ылардыы эмиэ тохтуу түһэр”, “өрө тыынаат, эмиэ кимиэхэ эрэ туһаайан, сэһэргэһэрдии саныы олордо Маарыйа Кырсаанабына” уо.д.а.). Маныаха ааптар дьоруой ис туругар ураты болҕомтону уурарын көрөбүт. Ол аата уруккуну ахтыы ньымата персонаһы уобарастаан көрдөрүүгэ араас хос көмө дэгэттэнэр – мунчаарыы, кэмсинии, сордонуу, айманыы буолбакка, төттөрүтүн уоску­йуу, ылыныы, бырастыы гыныы ­суолталанар.

Уоскулаҥ, дьол матыыба

Суруйааччы прозатыгар кырдьыы матыыба үгүстүк ахтыллар. Ол эрэн, Лина Сабарайкина уус-уран истиилигэр кырдьыы алдьаныы, эстии, умнуллуу өйдөбүлүн кытта хайдах да ситимнэспэт. Айымньыларга кырдьыы матыыба олох үөрүүтүн, мындыр буолууну кытта ситимнэнэн, салгыы уоскулаҥ, дьол матыыба иһиллэр. Кырдьаҕастар дьиэлэригэр олохсуйбута хас да сыл ­буолбут Чээ Кээчэ чугас дьоно өлөн, тулаа­йах хаалбыт да буоллаҕына, сэһэн финалыгар кини соҕотохсуйбатаҕын “Ээ, манна олорор эбиккин дуу? Эйиэхэ эмиэ кэллилэр ээ” диэн сиэстэрэ кыыс тылыттан сэрэйэбит. Алтааны дьахталлара ыраас санаалаах, сэмэй, сырдык дьон. Онон кинилэр чугас дьонноро, истиҥ доҕотторо, дьүөгэлэрэ баалларын тухары соҕотохсуйуу иэдээнин, таҥнарыыны билбэтэх дьоллоохтор.

Ураты чуумпу эйгэлээх кэп­сээннэргэ айылҕа көстүүтэ эмиэ сырдык фон буолар дьайыы­лаах. Ол курдук, Лина Сабарайкина дьоруойдара тыа сирин айылҕатыттан, Сэргэлээх даачатыттан ыраах үөрэххэ, улахан куораттарга да сылдьар буоллахтарына, сквергэ, аллеяҕа хаамар, күүлэйдиир, саадка сынньанар поэтичнай, романтичнай чараас айылгылаахтар. Ыраах куоракка сылдьар саха дьахтара төрөөбүт Сахатын сирин кытта ситимэ быстыбат – айылҕа кэрэ көстүүтэ, оннооҕор омук сиригэр үүнэн турар дууп мас киниэхэ олоҥхо Аал луук маһын санатан долгутар (“Эрэйдээх да дьахтар!” сэһэн).

Ити курдук суруйааччы прозата дьиҥ сырдык эйгэлээх, бигэ туруктаах дьоруойдарынан толору. Талааннаах прозаик, сырдык эйгэлээх, дьоллоох дьоруойдардаах айымньылары айар Лина Сабарайкина-Алтааны кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ саха билиҥҥи литературатыгар ураты миэстэни ылаллар, омук уратытын, киһи кэрэтин, киһи аналын туһунан дириҥ толкуйга аҕалар, үөрэтэр-иитэр, умсугутар дьикти күүстээхтэр.

Саргылаана НОЕВА, ф.н.к.,

Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар  кыһалҕаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0