Долган дьэрэкээн таҥаһа дьүкээбиллиин дьүөрэлэһэр

24.05.2018
Бөлөххө киир:

Анаабыр улууһугар Үрүҥ Хайа долган дьахталларын тикпит таҥастара ураты оҥоһуулааҕын, ала-чуо көстүүлээҕин уруккуттан истэр-билэр этим. Быйыл саас Үрүҥ Хайаҕа командировкаҕа тиийэ сылдьан, анаан-минээн көрдүм. 

Ньургустаана Туприна. Кини ийэтиттэн үөрэнэн, оҕо эрдэҕиттэн иистэнэр буолбут. “Урут аҕыйах этибит. Интэриниэт, батсаап үөдүйүөҕүттэн ыла дьахтар үксэ иистэнэр буолла”, — диир Ньургустаана Дмитриевна.

Кини биэс оҕолоох ыал ийэтэ, кыра уола 2,5 саастаах. Улахан уолаттартан биирдэрэ устудьуоннуур, иккис уол дьиэҕэ олорор. Аҕалара Аркадий Афанасьевич Туприн табаһыттыы сылдьан баран, ыарыһахтаан тохтообут. Ньургустаана эмиэ ыстаадаҕа чуум үлэһитинэн сылдьыбыт. Билигин оскуолаҕа техүлэһиттиир. Элбэх иитимньилээх ыал ийэтин быһыытынан иистэнэн харчылаһар. Ынтыкаа бэргэһэттэн саҕалаан этэрбэскэ тиийэ барытын тигэр эбит.

“Үлэҕэ кэтиллэр таҥас судургу оҥоһуулаах. Таба тириитин кыһыахтаан баран, таба быарын эрийэн, биһиллэр. Илиттэххэ, таҥас курдук сымныыр”, — диэн быһаарар. Оҕуруотун куоракка сакаастаан ылларар. Этэрбэс билэтигэр оҕуруо анньарга X кылааска үөрэнэр соҕотох кыыһын көмөлөһүннэрэр.

Эбэҥкилэр таҥастара үрүҥ (хаар), күөх (халлаан), хара (сир, тыа) дьүһүннэринэн муҥурданар буоллаҕына, долган таҥаһа өҥө элбэҕинэн таһыччы уратылаһар: кустук-дьүкээбил дьүһүнэ барыта баар. Этэрбэс буоллун, бэргэһэ буоллун – кыыска, дьахтарга анаммыт таҥас барыта дьэрэкээн. Эр киһи этэрбэһин эмиэ сиэдэрэй көстүүлээх гына билэлииллэр эбит. Оҕуруо билэлээҕи эр дьон кэтэ сылдьалларын көрөн дьиктиргээбитим. Ньургустаанаҕа оннук оҥоһуулаах суох буолан биэрдэ. Биллэн турар, сакаастааччы баҕатын учуоттаан тигэллэр. Дьокуускайга тиийэ улахан быыстапкаларга кыттар маастар, үгэс сүрүннээн тутуһуллар эрээри, аныгы кыргыттар уларытыы, тупсарыы киллэрэн биэрэллэрин этэр.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0