Сэгэлдьийэ Чээлэй сэргэх кэпсээнин ааҕыҥ.
Маайа күөх окко икки илиитинэн хардары-таары иҺин түгэҕин имэринэ сытта. ҮөҺэ күн олус да чаҕылыччы күлэ үөрэр. Киниэхэ эрэ анаан мичээрдиир курдук. Аттыгар, аарыма хатыҥ мас күлүгэр Маайа ата иччитэ хаҺан сынньанан турарын кэтэҺээхтиир… Эмискэ иҺин кып-кыра атах сыысчаана «пул» гына тэптэ, үөҺэнэн, арааһа, тилэҕэ быҺыылаах, омунугар чоройорго дылы гынна. Маайа күн сирин көрө илик оҕотун туох баар билэр-билбэт минньигэс тылларынан таптаан ымманыйа сытта. Онтон күн сырала өссө күүҺүрдэ, сардаҥа уота ала-чуо Маайа хараҕар түҺэн симириктэппитигэр уһукта биэрдэ. Сыттыгар өссө да оҕо минньигэс сыта баар эбээт!
Маайа төһө да 13 төгүл дьахтар орто дойдуга Айыыһыт уоттаах кымньыытынан арыалланан талыы киэнэ кытаанаҕын билбит эмиэ да дьоллоох, Иэйэхсит иэтэн-туотан күн сырдыгын көрдөрбүт сырдык аанньалларын бэйэтигэр төттөрү ылбытынан эмиэ да сордоох. БыҺата, дьахтар уонна ийэ буолар аҺыытын-ньулуунун, үөрүүтүн-хомолтотун толору амсайбыт диэҕи, хоойго хоонньоҺо сытар холоонноох тойонун сыдьаанын хаан тардыҺыннарар аҕа ууҺун салгыыр уол оҕону төрөтө, эр бэрдин бэлэхтии илик. Ол гынан баран бу олус баһыылаах этии буолла. Маайа син хаста даҕаны уол оҕо сытын ылбыта эбээт. Ол эрэйдээхтэр саҥа сыцаhалыыр буолан истэхтэрин аайы сир ийэ бэйэтин хоонньугар кистиирэ. Туох эрэ биллибэт күүс ыларын курдук. Онтон бу, уон үсүҺэ… хомойуох иhин, өлбүт уол оҕо буолаахтаата. Маайа төһө да ытаатар, барытын тосту уларыппатын биллэр даҕаны, тоҕо эрэ холку, санаата бөҕөх. Бу олус кыра уҥуохтаах, лыскыйбыт дьахтар барыны кыайар күүҺүн, санаата баламатын бары сөҕөллөр. Ааттыын да «Чабычах Маайа» диэн. Туох баар санаатын барытын бэйэтин иҺигэр тутар, ытаабат-соҥообот. Дьоҥҥо күлэ-үөрэ, көмө-ньыма буола сылдьар. Сэрии саҕаламмытын иккис сылыгар кистээн, дьон удаҕан диэн чугаҺаабат, көрбүөччү диэн куттанар Уйулҕаана эмээхсини дьиэтигэр хонноро сытан утум салҕаныытын кэпсэппитэ. Бу удаҕан этиитинэн, Маайа кэргэнин хаана тэнийиэҕин саха абааҺыта буулаан моҺуоктуур эбит. «Үрүҥ баттахтаах тосту-туора омук ууҺун, атын төрүөҕү дьиэҕитигэр киллэрдэххитинэ эрэ, эриҥ кунэ-ыйа тахсыыҺы, Туймаада хочотугар ууҺуур-тэнийэр кэскиллэнииҺи», — диэн булгуччуулаахтык этээт, сытыы хараҕынан көмүлүөк уотун одуулаҺан олоро түҺээт, тугу эрэ ботугураан киҥинэйбитэ, устунан энэлийэн ыллаан барбыта.
Маайа бүгүн киэһэ балыыҺаттан тахсыахтаах. Сэрии бүтэрэ чугаҺаата дииллэр да, тоҕо эрэ хара суруктар кэлэ тураллар. Кырыыстаах сэрии! Маайа оҕонньорунаан сэрии да кэмигэр оҕолорун тутахсыппатахтара. Кинилэр төҺө да сааҺырдаллар эдэрдии дохсун санаалаахтара. Маайа сүөҺүттэн саҕалаан киһиэхэ тиийэ эмтиир дьарыгын кичэйэн кистиирэ. Отунан-маҺынан
тумалаабыт аҺа ханнык да астааҕар тотоойу буолара. Бу оҕотугар олус эрэнэ санаабыта да, дьылҕа ыйааҕын, олох оҥоҺуутун утары барар кыах суох. Маайа нухарыйыах курдук гынан иҺэн, бастаан кыатана сатаан сыҥырҕааҺыны иҺиттэ, онтон сыыйа маккыраччы ытааҺынтан уута айманна. Төбөтүн өндөттө. Түннүк аннынааҕы мас ороҥҥо Судаарыскай Бүөтүр кыыҺа ытыы олороохтуур… Кини үчүгэйкээн бэйэлээх кыыҺы төрөппүтэ эбээт. Маайа аргыый аҕай хааман тиийэн сылаас ытыҺынан Натаа төбөтүн имэрийдэ.
— Ыы, ыы-ы. Оҕонньорум Уйбаан суорума суолламмыт. Хара сурук… Ыы-ыы. Барбыта да сотору буолла. Хайдах икки оҕону иитэбин? – диэн Натаа муҥатыйан барда.
Эмискэ Маайа кулгааҕар Уйулҕаана тыллара сытыы кымньыы тыаҺыныы сытыытык, чаҕылҕан дьикти уотунуу сырдыы иҺилиннэ. Түүлүгэр көстүбүт күн эмиэ үөрэ көстөн кэллэ!
— Натаа, арай кыыскын мин ыллахпына? Эйиигин оҕоҥ санаатыттан кыйдыахпыт суоҕа. БиҺиги оҕолору иитэр үгэспитин билэҕин.
Натаа үөрүөн дуу, хомойун дуу билбэккэ, илиитин Маайа диэки ууммутунан олордо. КиэҺэ Маайа оҕонньоро ОхонооҺой эмээхсинин ыла кэлбитигэр: «Доҕоор, Уйулҕаана удаҕан этиитин өйдүүр инигин? Кини эппитэ кэллэ. Натаа огдообо хаалла. Икки оҕону иитэр кыаҕа суох, сөбүлэнэр. Мин бу хардыыга эйиигин таптыырым, ытыктыырым бэрт буолан үктэнэбин. Итиэннэ бу нуучча холоонноох кыыҺы ииппэтэхпитинэ кини да эрэйи көрүө, улаатара, киҺи-хара буолара биллибэт. Хайа, итиэннэ, эн төрдүҥ-ууҺун тэнийэр, кэскилиҥ кэҥиир суолун төрдө буолуо этэ».
ОхонооҺой саҥата суох биир сири көрөн олордо, көхсүн этиттэ:
— ОҥоҺуубут оннук буоллаҕа. Мин дьиэҕэ хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт буоллаҕым. Үлэттэн ордон оҕо көрсөн маанылаабытым суох. Билигин да барыта эн санныгар сүктэриллэрин өйдөөн-санаан, тургутан, сылыктаан баран бэйэҥ эрэ быҺаараргар тиийэҕин.
Маайалаах ити курдук сып-сырдык баттахтаах, мрамортан чочуллан оҥоҺуллубут курдук ыраас эттээх-сииннээх Нюта диэн кыыстанан хааллылар. Кыыс сылтан сыл, муннугар тумуу да киирбэккэ, улаатан истэ. Киниэхэ дьоно уонна эдьиийдэрэ икки ийэлээҕин туҺунан мэлдьи кэпсииллэрэ, Нютаны тула өттүттэн маанылаан, тугунан да тутахсыппакка хаан оҕо, балыс оҥостубуттара. Онно-манна бардахтарына дьон-сэргэ Нюта баттаҕын сырдыгын муодарҕаан саҥа аллайалларын эдьиийэ Зоя, төрдүс кылааска үөрэнэр кыыс, олус уйуһуйа истэрэ. Балтын Нютаны атын дэтиэн туох да иҺин баҕарбата. Биирдэ маҕаҺыыҥҥа киирбиттэрэ, арай, уочарат бөҕө. Зоя көрдөҕүнэ дьон: «Кырааска, кырааска», — дэҺэ-дэҺэ атыы-тутуу бөҕө. Киниэхэ, хата, Нюта баттаҕын кырааскалыыр санаа киирдэ. Кини биҺигиттэн туох да уратыта суох буолуо, биир буолуохпут дии санаата да, дьиэтигэр тиийээт кырааскалаабытынан барда. КыыҺын баттаҕын таҥаһынан баайан баран, улахан үлэни бүтэрбит киһилии, билэр-билбэт ырыатын ыллыы-ыллыы өрө тэбэн үҥкүүлүү, мэниктии сырытта. Арай ким эрэ соһуйбут саҥатыттан өрө хонос гына түстэ! Кини иннигэр ийэтэ Маайа Нютаны сиэппит, кинилэр иннилэригэр-кэннилэригэр балтылара кэчигирэспиттэр. Зоя Нютаны өйдөөн көрөөт, эмискэ тылыттан матта. Бу ынырыгын! Кини иннигэр хара да буолбатах күрүҥ дьүҺүннээх баттахтаах кыыс күп-күөҕүнэн чоҕулуччу көрөн турар! Сирэйэ муус-маҥан. «Оо, сүөргүтүөн! Бу кини тугу-тугу оҥорбутуй? Оннооҕор оҺох кэннинээҕи абааҺы маннык буолбатаҕа буолуо…» Зоя аны күн аайы кыыҺын баттаҕын сууйартан ордубата. Хата, таҥас кырааската буолан абыраата.
Аны биир сарсыарда иһит сууйа сылдьан, ыскаап үөҺээҥҥи долбууругар араҕас эми көрдө. Бу эми Зоя аҕата «титириир эмэ» диэн үөҺэ уурарын көрбүтэ. Зоя өр толкуйдуу барбата. Эмиэ Нютабыт баттаҕа алыс сырдык дии санаата да, эми кып-кыра ууга суурайбытынан барда. Ити кэнниттэн оҕолор тула өттүттэн көмөлөөн Нюта баттаҕын эмиэ кырааскалаан кэбистилэр. Ол кэнниттэн, дьэ, эмиэ ээр-сэмээр кэтэҺии буолла. Дьонноро үлэлэриттэн кэлиэхтэрэ ыраах. Онон кинилэр бу сырыыга бэйэлэрэ эрэ эрдэ көрөн сыана быҺыахтара. Сатамматаҕына туох буолуой, сууйуллуо. Арай хараҕар эрэ киллэримиэххэ наада диэн санаалаах Зоя кыыҺын баттаҕын сүөрдэ уонна… Аны үөрүүтүттэн тылыттан матта. КыыҺын баттаҕа ромашка сибэкки чопчутун курдук саҺархай дьүҺүннэммит. Кыыстарын бары эргитэ сылдьан көрдүлэр. Дьэ уонна оонньуу ыстаннылар! Эчи үчүгэйин! Нюта баттаҕа саҺархай өҥтөн сыыйа сырдаан тахсара үүт-үкчү ромашка сибэкки!
КиэҺэ бааҺына кытыытынан Маайа дьиэлээн истэҕинэ кэннигэр Зоя саҥата чугдаарар:
— Ийээ, көр, ийээ, көр!
Маайа кыыҺа ыйбыт сирин диэки көрбүтэ, бааҺына ортотунан, бурдук быыһынан оҕолоро бу бытарыҺан иҺэллэр.
— Ийээ, ийээ, Нюта ромашка сибэкки курдук дии! – диэн Зоя үөрэн-көтөн мичилийбит хараҕын көрөн Маайа кыыҺыгар тугу да хардарбата. Арай, кырдьык, бурдук быыҺыгар көрдөххө, ромашка сибэкки сүүрэкэлиир курдук. Кылгас сырдык былааччыйа элэстэнэн кэлэн Маайаны кууҺа түстэ, сырдык саҺархай төбө өрө көрбүтэ, Нюта дэлби мэниктии, тэбэнэттээхтик көрбүт харахтара бу көстүүнү өссө тупсаран биэрдэ. Маайа кыыҺын өрө көтөҕөн таптаан манньыйа-манньыйа сыллаабытынан барда.
Оҕолор бу курдук бэйэлэрэ-бэйэлэригэр букунаҺан, улаатар кэмнэригэр кинилэр дьиэлэрин үөрүүтүн томточчу үрдэтэр, дьоллорун толорор, аймах-хаан утаҕын ситимин салгыыр уол оҕо күн сиригэр кэлбитэ. Ол күн Охонооһой,
Уйулҕаана удаҕан аатын ааттаан туран, аал уотун амтаннаах алаадьынан, арыылаах саламаатынан айах тутан күндүлээбитэ.
Оттон бостуугунан үлэлиэҕиттэн ыла Чабычах Маайа, олоҕун устата ымыы оҥостубут ыра санаата туолан, күнэ-ыйа Кыра ОхонооҺойтон эрэ тахсар буолла. Чабычах Маайа, хайа күн талыыта киириэҕиттэн, сааһын тухары бостуук үлэтигэр мииммит атын олохтоох сэбиэт дьиэтин иннигэр баайыаҕыттан, ол үлэҕэ төннүбэтэҕэ.
Сэгэлдьийэ Чээлэй