Дьол икки сор икки аргыстаһан сылдьаллар (КЭПСЭЭН)

01.01.2017
Бөлөххө киир:

Ааптар: Быралгы Баһылай

Дьокуускай куорат. Туймаада хочотун томтойор саалыгар “Махтал” эрэстэрээҥҥэ уруу дьоро киэһэтэ буола турар. Маҥнайгы остуол ортолоото эрэ бадахтаах. Маннык түгэҥҥэ, өрүү буоларыныы, алгыс тыл арыылааҕа этиллэр, ас киэнэ амтаннааҕа аһаныллар. Сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт, өрүкүйбүт дьон ортотугар, уоллаах кыыс олорор киин остуолларыгар аарыма кырдьаҕас кыырыктыйбыт баттаҕа ыраахтан туртайан көстөр. Бу – тоҕус уон үһүс хаарыгар үктэммит Сэмэн Толооноп оҕонньор.

Бачча үөрүүлээх киэһэҕэ ала-чуо кини тоҕо эрэ саппаҕырбыт, санааҕа баттаппыт көрүҥнээх. Сатахха, саҥарар тэриллэрэ тыаһа-ууһа улахана кырдьаҕаһы куу-хаа гынна. Аттыгар кинилиин тэҥҥэ кэпсэтэр киһи баара даҕаны буоллар, хаһыы даҕаны иһиллибэт дьүүлэ-дьаабыта. Кини үөлээннээхтэрэ, бэл, куоракка аҕыйаатылар. Эгэ, ыраах тыаҕа кэлиэхтэрэ баара дуо, бараннылар. Сымалыырдар бүтэһик бэтэрээнинэн кинини ааҕыналлар гынан баран, Сэмэн Сүөдэрэбис сиэн балтыта, ити бүгүн сыбаайбалыыр Сэмэнчик ийэтэ ынньалаҥатан, Дьокуускайга сэрии бэтэрээннэригэр анаан тутуллубут таас дьиэттэн биир хостоох кыбартыыра ылбыта уонча сыл буолан эрэр. Кыбартыыратын ити Сэмэнчигэр анаан баран сылдьар. Ол даҕаны иһин бүгүн далбар олоххо даххаһытан олортохторо.Сэмэн бэйэтэ силис-мутук тардыммакка, соҕотоҕун сорсуйда. Олоҕун үтүө саастарын холкуоска-сопхуоска сылгыһыттаан, булчуттаан, наар тыа-сыһыы ыырданан бараабыта. Онон кыыс-дьахтар диэн иктэ суоҕа.

Ытык кырдьаҕас иһигэр тугу саныырын ким даҕаны билбэт. Кини букатын сүүрбэччэлээх сааһыгар эргиллэн, санаа-оноо баттыгар олорорун сэрэйбэттэр бөҕө буоллаҕа. Ити Сэмэнчик кэргэн ылан эрэр кыыһа Күннэй үүт-үкчү кини Маайыһын санатар, ууга түспүт күлүгүн курдук. Түбэһэр даҕаны буолар эбит: кыыс аймахтарын кытта кэпсэтэн, кийиит Күннэй Маайыһын удьуордара, Сиимэнэптэр, сиэн кыыстара буоларын билэн, өйө-санаата өрүкүйдэ. Оҕолор, баҕар, оскуола саҕаттан билсибиттэрэ-бодоруспуттара буолуо уонна устудьуоннуу сылдьан холбоһорго быһаарыннахтара.

* * *

Сиимэнэптэр – халыҥ аймах дьон. Сымалыыр нэһилиэгэр кэлтэйдии күөннээн-күөнэхтээн олорбуттара. Оҕо сылдьан абаҕата сэһэргиириттэн өйдөөн хаалбытынан, ини-бии Сиимэннэр аллараттан тахсан маҥнай Сымалыыры булалларыгар хаамаайы, кумалаан аҥаардаах үһүлэр. Онтон олохтоох, сэниэ ыаллар кыргыттарын ойох ылыталаан, төрөөн-ууһаан, биллэр-көстөр аҕа ууһа буола тэнийбиттэр. Өссө өрөбүлүүссүйэ буолуон эрэ иннинэ кинилэртэн кинээс киһи тахса сылдьыбыт. Ол гынан баран, сэбиэскэй былааһы, бастакы табаарыстыбалары эмиэ Сиимэнэп аймах төрүттэспититтэн тойонноотоххо, ханнык даҕаны күн-дьыл уутугар-уотугар ылларбат сытыы-хотуу, тобуллаҕас удьуордар эбит.

Сэмэн буутун этэ буһуута, холун этэ хойдуута эт саастыы Маайыс кыыһы сөбүлүү көрөн, кэргэн кэпсэтээри гыммытын аҕата Сүөдэр: «Мин тыыннаахпар Сиимэн хаана биһиги балаҕаммытыгар үктэниэ суоҕа», – диэн быһа баргыытаан кэбиспитэ. Сэмэн ол төрдүн-төрүөтүн хантан билиэ баарай. Кини үрүҥ-кыһыл кыргыһар, былаас былдьаһар сахха төрөөтөҕө эрэ. Ийэлээх аҕата сэниэ ыал ахсааныгар сылдьыбыттар. Онтон сэбиэскэй былаас тыына тиийэн, сир үллэһигэр өлбүгэ сирдэрин былдьаан ылбыттарыттан абараннар аҕата уонна икки убайа ити Сиимэннэр уһук туттар киһилэрин ревком Баһылайы өлөрүүгэ кыттыбыттарын кэлин кырдьаҕастар кистии-саба кэпсэтэллэриттэн истибитэ.

Аҕалаах убайдарын холкуос тэриллэригэр кулаактаабыттара. Суут бириигэбэринэн Сүөдэр оҕонньору аҕыс сылга хаайыыга уураахтабыттара гынан баран, сааһырбытын, ыарытыйарын аахсаннар, хаалларбыттара. Оттон убайдара хаайыыга барбыттарын айыыта онон. Толоон аймаҕы Сиимэннэр өс ситиһэн, ити курдук ыал аатыттан аһарбыттара. Онтон тута сөрөөн сут, сэрии дьыллара кэлбиттэрэ…

Дьиктитэ баар, киһи кырыйдаҕын ахсын бүгүн туох буолбутун тутуһан туран умнар, ол оннугар былыргытын дьэҥкэтик өйдүүр буолар эбит. Сэмэн Толооноп 1942 сыл сайыныгар сэриигэ ыҥырыллан барбытын күн бэҕэһээ курдук өйдүүр. Кыракый Сымалыыртан 30-ча этилэр. Ити саамай улахан хомуур буоларын кэлин, дойдутун буорун сыккырыыр тыына эрэ булан баран, билбитэ. Оройуон киинигэр киирэр айан аартыгыттан чугас сытар Илин Көлүйэ куулатын саҕатынааҕы сыыр көнө кырдалыгар сэриигэ барааччылары атаара нэһилиэк дьоно-сэргэтэ оҕолуун-уруулуун, кыанардыын-кыамматтыын бары мустубуттара. Дьуохар бөҕө, ол быыһыгар ытаһыы-соҥоһуу, бырастыылаһыы. Дьон быыһыгар Маайыһын хара харахтара сайыспыттыы көрөн туралларын элэгэс көрөн аһарбыта. Хантан билиэ буоллаҕай, ити Маайыстыын тиһэх көрсүһүүлэрэ буоларын. Кини «сотору сэрии бүттэҕинэ, тыыннаах эргиллэн кэлэн Маайыспынаан ыал буолуохпут» диэн киччим санаалааҕа. Дойдуларыгар ити сайын курааннаан, өссө ыарахан дьыл сатыылаан, элбэх ыал буруота сабыллыбыт этэ. Бука, аньыыта-харата таайдаҕа, Маайыс аҕатыгар, холкуос бэрэссэдээтэлэ киһиэхэ, сымыйа тыллабыр киирэн, хаайыыга ыыппыттарын кэннэ ийэтэ ыалдьан өлбүт, 1943 сыл сайыныгар холкуос аайыттан 2-лии киһини бэдэрээккэ үлэҕэ хомуйбуттарыгар хоһуун үлэһит кыыс тылланан барбыт уонна айан суолун оҥоһуутугар үлэлээн баран, үргүлдьү Алдан оройуонугар Томмокко ыал буолан олохсуйа хаалбыт сураҕын кэлин дьонтон истибитэ…

Сэмэннээх оройуон киинигэр холкуостара тэрийбит ыҥыырдаах аттарынан киирбиттэрэ. Онтон Дьокуускайга диэри борохуотунан айаннаабыттара. Куораттан “Молотов” борохуокка олордон, Уус Кукка аҕалбыттара. Ити курдук массыынанан, тимир суолунан айаннаабыттарын кэннэ “Молотов уобалаһыгар” кэллигит диэбиттэрэ. Манна сахалары барыларын кэриэтэ 19-с хайыһар биригээдэтигэр киллэрбиттэрэ уонна сыл аҥаарын эрэ кыайбат кэм устатыгар байыаннай үөрэххэ дьарыктаан баран, Ленинград куорат көмүскэлигэр барыахтаах этэрээти сүүмэрдээбиттэрэ. Сэмэн иһигэр хайа муҥун “иккиттэн биирин быһаарсан кэбиһэр” баҕа санаалаах буолан, сэриилэһэр этэрээккэ түбэспититтэн сүрдээҕин үөрбүтэ. Саҥа синиэл уонна хаатыҥка биэрбиттэрэ.

Дьэ, онтон ый аҥаара айаннаан, били билигин кэпсэлгэ сылдьар иэдээннээх Иилимэн күөл чугаһыгар тиийбиттэрэ. Бөҕө, халыҥ таһаалаах эдэр уолга, Сэмэҥҥэ, илии пулеметун сүктэрэн кэбиспиттэрэ. Кини баар 2-с батальона сүрүннээн автоматчиктартан турара. Көс кэриҥэ сири айаннаан, күөл кытылын булбуттара. Сарсыарда халлаан суһуктуйуон иннинэ аҕай атаакаҕа туруорбуттара. Күөл мууһунан сыыллан, Павлово диэн дэриэбинэҕэ чугаһааттарын кытта өстөөхтөр күүтэн сыппыттыы, күүстээх уот ардаҕынан саба тибиирбиттэрэ. Снаряд түһэриттэн муус тостон өрүтэ түллэҥниир тыаһа, өлөн эрэр дьон хаһыыта, ама даҕаны ааспытын иһин, киһи өйө көтөр дьулаан көстүүтэ этэ. Киниттэн эрэ аҕыйахтыы сыл аҕа биир түөлбэлээхтэрэ Ньыкыс Ньукулай уонна Кыһыл Уйбаан улахан уола Бүөтүр өстөөх буулдьатыгар табыллан охтубуттарын хараҕын кырыытынан эрэ көрөн хаалбыта: хара байҕал тымныы уутугар тимис гынаахтаабыттара…

Сэмэн биирдэ өйдөммүтэ – атаҕа күөл уҥуоргу кытылын тоҥ буоругар үктэнэн турара. Киэһэлик артиллерия уота сэллээбитигэр тыыннаах ордубуттары дэриэбинэни сэриилээн ылыҥ диэн бирикээстээбиттэрэ. Этэрээттэн тыыннаах хаалбыт бэйэлэрэ даҕаны сүүрбэччэлэр эрэ этэ. Хараҥанан сирэйдэнэн, өмүтүннэрэн, дэриэбинэни бэрт кэбэҕэстик, сүтүгэ суох ылбыттара. Дэлби сылайаннар, аһаат даҕаны, биир бүтүн соҕус дьиэ турарыгар киирэн утуйан хаалбыттара. Арай, сарсыарданан ньиэмэс сөмөлүөттэрэ буомбалыыр тыастарыттан соһуйан уһуктубуттара. Таһырдьа ойон тахсан, дьиэттэн чугас турар кэбиһиилээх окко хорҕойбуттара. Онтон буомбалааһын тохтообутугар траншея устун күөлгэ киирэн баран, атын сиринэн төннөннөр, көс кэриҥин айаннаан, 3-с батальон тобоҕун көрсөн холбоспуттара.

Биир хоноотторун кытта кимэн киириигэ бэлэмнэнэргэ бирикээс кэлбитэ уонна хас биирдии саллаакка 300-түү ботуруону эбии биэрбиттэрэ. Эмиэ били бэҕэһээ быраҕан куоппут дэриэбинэлэрин аттыгар ытыалаһаннар, киһи бөҕөлөрүн сүтэрдилэр. Күн оройун саҕана уонтан эрэ тахса буоланнар, дэриэбинэни босхолооннор, бэҕэһээ утуйбут дьиэлэрин булан сытан эрдэхтэринэ, эмискэ сир өрүтэ эккирээтэ. Эмиэ тыын харбаһан, кэбиһиилээх окко ыстаннылар. Ити икки ардыгар дэриэбинэ күөх таҥастаах ньиэмэс саллааттарынан туола оҕуста. Сэмэн дьэ итиннэ өстөөҕүн илэ көрбүтэ. Тутуһан туран хардарыта ытыалаһыыга икки өттүттэн хас даҕаны саллаат табыллан оҕунна. Сэмэн таһаҕас тиэйэр массыына турарыгар сөрүөстэн уот арыйда. Ол турдаҕына уҥа атаҕа ньир гына түстэ даҕаны, өй-мэй барда. Ньиэмэс саллааттара “куут-маат” буолан саба сырсан кэлэн эрэллэрин үдүк-бадык өйдүүр. Охторон түһэрэн тэбиэлээбиттэригэр букатын “сүтэн” хаалбыта.

Арай, өйдөнөн кэлбитэ – атын билбэт сиригэр сытара. Ити сэриигэ хас даҕаны батальонтан сүүһүнэн киһини билиэн ылбыттар этэ. Өлүктэри тиэйэр курдук, массыына кузовыгар үрүт-үрдүлэригэр быраҕаттаан, ханна эрэ ыраах илдьибиттэрэ. Ыараханнык бааһырбыт муҥнаахтар аара айаннаан иһэн, тыыннара быстыбыта. Сэмэн, баччаҕа тиийэн кэлиэх быата таайан, үөһээ дьапталҕаҕа түбэһэн тулуктаспыта. Нууччалартан ыйыталаһан, Белоруссия биир куоратыгар аҕалбыттарын билбитэ. Манна түөрт ый эмтээннэр, атаҕа төһө даҕаны көнтөс буоллар, хаамар оҥорбуттара. Онтон Минскэй куорат таһыгар үлэҕэ ыыппыттара. Ити курдук туора дойдуга эрэй-муҥ бөҕөнү көрөн-көрсөн, саллаат Сэмэн Толооноп дойдутугар 1946 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ.

* * *

Билиэҥҥэ сылдьыбыт саллаат дойдутугар кэлэн даҕаны үтүө хараҕын өрө көрбөтөҕө. Таҥнарыахсыт дьаралыктанан, Кыайыы биир да бырааһынньыгар ыҥырыллыбат этэ. Хата, кэлин бэтэрээн аҕыйаан дуу, маанылыыр буоллулар. Өссө нэһилиэгин, улууһун дьаһалталара өйөөннөр, кыбартыыра бэрдэрдилэр. Сэмэн сэбиэскэй былаас олохтоноругар аҕа ууһунан атааннаһыы түмүгэр ыал буолбатаҕын уонна өстөөх билиэнигэр сылдьыбытын санаатаҕына, «ыйааҕым оннук эбит буоллаҕа» диэн бэйэтин бэйэтэ алы гынар. Аны кэлэн төннөрбөккүн, көннөрбөккүн.

«Дьол икки сор икки аргыстаһан сылдьаллар» диэччилэр. Кини киһилии олорботох, быһаҕас олоҕун Сэмэнчигэ салгыа, ситэриэ. Эдэрдэр эрэ дьоллоох буоллуннар. Бүтэһик кырдьаҕас аҕа ууһунан атааннаһыы-өстөһүү кистэлэҥин сүрэҕэр-быарыгар уктан, буоругар бэйэтин кытта илдьэ барыа турдаҕа. Ол даҕаны иһин, уруу остуолугар аймахтар ааттарыттан ытык кырдьаҕас алгыс тылын аныырыгар: «Толоон уонна Сиимэн сыдьааннара үйэлэр тухары силигилии турдуннар!» – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла…

+1
8
+1
0
+1
2
+1
2
+1
0
+1
0
+1
3