Лаана бүгүн сарсыарда эрдэ уһуктубута, доруобуйата арыый буолбут, бэттэх кэлбит курдугуттан санаата көтөҕүлүннэ. Икки хонуктааҕыта дэриэбинэттэн куоракка киирбитэ.
Таһырдьа наһаа тымныы тыаллаах этэ. Онно арааһа үрдэрдэ дуу, хайдах дуу, киэһэ дьүөгэтин дьиэтин нэһиилэ булбута. Кыраадыһа наһаа тахсан, этэ-сиинэ умайан, уҥуохтара барыта ааҕа кыйаннар, төбөтө хайа бараары, ыалдьан эрэйдэннэ аҕай. Икки күнү быһа бэйэтэ «Макаардыы» эмтиэкэлэнэн, лигиччи оронҥо сытта. Кыра, уонун ааспыт уолун илдьэ кэлбитэ. Оҕо-оҕо курдук куоракка кэлбиччэ ону маны интэриэһиргиирэ кэмнээх буолуо дуо, барыан-кэлиэн, онно-манна сылдьыан баҕарар. Соҕотох ханна бараахтыай? Ыыппат да буоллахтара дии. Инньэ гынан Лаана арыый буолбучча бүгүн ханна сылдьыахтааҕын былааннана сытта. Бачча киин сиргэ кэлэн уолун араас интэриэһинэй сирдэргэ сырытыннарар, ону маны көрдөрөр баҕалаах. Бэйэтэ да аралдьыйыан, сэргэхсийиэн саныыр.
Бэйи эрэ, били таһынааҕы ыалын ийэлэрэ Балбаара эмээхсин кини куораттыыр сураҕын истээт, тыын быһаҕаһынан тыынан, ыксал бөҕөнөн киирэн, кыыһыгар бакыат ыытта этэ дуу. Дьиэттэн тахсыан икки ардыгар хаста да тоһоҕолоон, «олус наадалаах докумуон, суһаллык тиксэриэххэ наада», – диэн сэрэппитэ. Дьэ, кинилэр, обургулар истэллэрэ, билэллэрэ түргэнэ сүрдээх. Сорох саҥа куораттаабыт киһи диэн санаан, былааннаан эрдэххинэ, бу баар буола түһэллэр. Туох да диэбит иһин, этэрбэс араадьыйата дэриэбинэҕэ олус түргэнник, тохтобула суох үлэлиир. Хайаан да ону тиксэрэ охсуохха наада эбит. Ол кыыһа улахан тэрилтэ хотуна үһү. Балбаара кыыһыгар биллэрбит буолуохтаах. Тыллаах, ыксаллаах эмээхсин баччааҥҥа дылы биэрбэккэ сылдьар диэн төһө долгуйан, мөҕүттэн эрэрэ биллибэт. «Бастаан наадалаах бакыаты дьаһайдахха табыллыыһы»,- диэн Лаана күнүн туохтан саҕалыырын тобулан, үөрэн чэпчээбиттии өрө тыынна.
Бүгүн таһырдьа дьэ, сырылатан үчүгэй да күн буолбут. Сарсыардааҥҥыттан наһаа итии салгын илгийэр. Эбиэт саҕана ыйыталаһан, ыйдаран наадалаах сирдэрин син буллулар. Аны онно мээнэ дьону киллэрбэттэр эбит. Лаана бааспарын көрдөөн, сурунан баран соҕотох эрэ киирэрин көҥүллээтилэр. Хаһан да хайыай, уолугар: «Эн манна хаалаҕын, сөп. Бэйэҥ көрдүҥ дии, эйиигин киллэрбэттэр. Ханна да мантан тэйимэ, атын сиргэ барыма. Мин бу Балбаара ыыппыт наадалаах докумуонун киллэрэн биэрээт, төттөрү тахсыам», – диэт оҕотун төбөтүттэн сыллаан ылла уонна киирэр аан таһыгар хааллараат, үрдүк хобулугун тыаһа тоһугураан, бара турда. Уп-уһун көрүдүөр, хараҥа баҕайы, хайдах эрэ киһи кута-сүрэ тохтообот дойдута буолан биэрдэ. Санаатыгар ыксыыр аҕай. Түргэн соҕустук бакыатын биэрэн баран мантан куота охсуон баҕарда. Кэбиниэт ааныгар кэлэн, саараан тура түстэ. Тоҕо эбитэ буолла? Иһирдьэ атыллаан киириэҕин туох эрэ тутар курдук. Хайа муҥун тэпсэҥнии туруоҕай, күүһүн мунньунан, муннунан салгыны тыастаахтык эҕирийэн, күүскэ тыынан, уоскуйа түһэн баран, ааны тоҥсуйан тобугуратта. Кэбиниэккэ киирбитэ сүрдээх ис киирбэх, саастаах дьахтар эйэҕэстик мичээрдии көрүстэ. Ону көрөн Лаана арыый чэпчээбит, холкутаабыт курдук буолла. Наадалаах хотуна суох эбит, сэкэритээр кинини күүппүт киһи курдук, түргэнник сып-сап туттан, олоппостон ойон тураат:
– Сотору кэлиэ, баһаалыста киирэн манна олоро түс. Мин аҕыйах мүнүүтэнэн кэлиэм, сөп, – диэт эппиэти күүппэккэ тахсан барда. Лаана сөбүлээбэтэр да, остуол таһыгар турар намыһах дьыбааҥҥа тиийэн, олордо. Күүттэххэ бу бириэмэ ааспатын, кэтэстэххэ кырдьыктыы даҕаны кэтэх көһүйэр эбит. Билигин кэлиэх буолбут «хотуна» ыксаабыт санаатыгар олус да өр буолла.
Арай, ол олордоҕуна эмискэ баҕайы аан тэлэйэ баттанна да, биир билбэт киһитэ тэлэмээттэнэн киирээт, кэбиниэт ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Көрдөххө саас ортолоох, уҥуоҕунан ортоттон эрэ үрдүк быһыылаах. Ынах салаабытын курдук ньалҕаархай, хара, кылгас баттахтаах, быччаччы көрбүт хараҕа сүүрэлии сылдьар, быһыыта-таһаата киппэ, молохочуйбут киһи. Олох буруһууна курук өрө тэйиэккэлиир, кулахачыйар. Лаананы киһи баар диэн өйдөөн да көрбөтө. Киирээт да төттөрү-таары хаамыталаа да хаамыталаа буолла. Ол тухары уҥа сутуругун бобута тута-тута хаҥас ытыһыгар охсор. «Дьэ, билигин чыыбырҕаан көр эрэ, кэһэтиэм, тыыҥҥын иһиллиэм», диэбиттии туттар-хаптар. Лаана барахсан кутталыттан кыра бэйэтэ өссө кыччаабыт курдук буолла. Бу тэйиэккэлээһини көрүмээри харахтарын быһа симэн, суумкатын тобугар ууран, ыга тутан, миигин таба көрбөтөр ханнык диэбиттии, мэктиэтигэр тыыммакка да олордо. Чуумпу буолбутугар аргыыйдык хараҕын аһан көрбүтэ, доҕоор, киһитэ бу иннигэр атахтарын ахчаччы тэбинэн баран үөһээттэн таҥнары кинини көрөн турар эбит. Лаана барахсан соһуйан сүрэҕэ хайдан, тохтуу сыста.
Харахтара утарыта көрсө түстүлэр. Били «дууһа» хараҕа уһулу ойон тахсан, омуннаан эттэххэ, Лаана төбөтүн үрдүгэр түһүөхчэ курдук буолла. Сүрдээхтик дьоһумсуйан туран, дорообото да, дыраастыйа да суох :
– Бу эн сахаҕын дуо? –диэн улаханнык көбүөтээн, бардьыгынаата.
– Сахабын, – диэн кутталыттан сап-салыбырас буолан, титирэстээбит куолаһынан нэһиилэ эппиэттээтэ.
Били киһитэ «Һы» дии-дии, сутуругун имэринэ, охсуна, көхсүн этитэ-этитэ, Лаана диэки сөбүлээбэтэх харахтарынан кынчарыйан көрө-көрө, төттөрү таары хаамыталаата. Онтон эмиэ төннөн кэлэн, тииһин быыһынан сыыйан:
– Эйиигин оҕолоруҥ маама дииллэр дуу, ийэ дииллэр дуу? – диэн олуона баҕайытык ыйытта.
Лаана барахсан наһаа дьиибэргии санаата буолан баран, кутталыттан бэлэһэ кууран, силин ыйыстан:
– Маама, – диэн тылы аргыыйдык иһин түгэҕиттэн ыган таһаарда. Оо, онно көрүөххүт этэ, бу «тойон» хайдах курдук ньиэрбинэйдээбитин, кыыһырбытын. Силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы, мэктиэтигэр айаҕыттан күүгэн алла-алла:
– Ол аата эн саха үһүгүн дуо?! Дьокуут буоллаҕыҥ дии! – диэн күүһүн муҥунан сарылаан, баргыйан, утары олорооччуну өйүн олох да көтүттэ.
– Билэҕин дуо, дьокуут диэн кимин? – дии-дии дьүккэтинэн көрдө.
Уонна уҥа ыйар тарбаҕын чороҥното-чороҥното Лаана сүүһүн тоҥсуйуох курдук тутунна-хабынна, олох аттыгар ыга анньан кэллэ. Кыыһырбыт омунугар хаана барыта сирэйигэр ыгыллан тахсан кып-кыһыл, төгүрүк сирэйэ мэктиэтигэр өссө кэтирииргэ дылы буолла, эстэн хаалыахтыы дарбаҥнаата, тымырдара сибилигин быһыта барыах курдук күүрэн таҕыстылар.
– Дьокууттар диэн – эһиги дьон үһүгүт дуо?» – хас биирдии тылын тоһоҕолоон этэр курдук: – Дьокууттар диэн – эһиги элээмэлэргит, дьокууттар – өлүктэргит…, дьокууттар – т….
Бэйэтэ да нэһиилэ олорор киһини төрүт да «өлөрө», анараа дойдуга атаара сыста.
Лаана барахсан, аныгылыы эттэххэ, улахан «шок» ылла. Тыына хаайтарыах курдук дэлби ыгылыйда, сүрэҕэ мөхсөн, айаҕынан уһулу ойон тахсыах курдук буолан ыксатта. Бу киһи тылыттан сиргэнэн, сүрэҕэ өлөхсүйэн, хотуолуох санаата кэллэ. Хаанын баттааһына өрө сүүрэн тахсан, ханна тиийбитэ биллибэт, адьас ыраатта быһыылаах. Илиитэ-атаҕа сибиниэс курдук ыараан, хамсатар да кыаҕа суох турукка киирдэ. Саатар киһи күүттэҕинэ бу сэкирэтээрбит хайа «үөдэҥҥэ дьөлү түспүтэ» буолла. Кэлэр киһи кэлэр кэмэ буолла. Суо-оох, били киһибит тохтообот былааннаах, дьэ уутугар-хаарыгар киирэн, аны ол т…. диэн тугун, хайдаҕын быһааран киирэн барда… Лаана үйэтигэр манныкка түбэспэтэх буолан тугу гыныан билбэккэ, хайыыр да кыаҕа суох буолан, бу дууһа сидьиҥ тылларын истимээри икки илиитинэн кулгаахтарын саба туттан, бүөлэнэн, көрүмээри харахтарын ыга симэн, умса туттан, дьыбааныгар олордо. Онтон иһиттэҕинэ киһитэ:
– Мин элээмэлэр, өлүктэр, т……р оҕолорун сахатытаары, үөрэтэ сатыыбын. Мин буолабын дьиҥнээх саха. Эһиги курдук элээмэлэр, өлүктэр курдук буолуом дуо? – дии-дии сутуругунан түөһүн тоҥсуна аҕай турар эбит. Онтон эмискэ тохтуу түһэн ылла, тугу эрэ көрдүүрдүү, тулатын эргийэ сылдьан көрбөхтөөтө уонна өйдөммүт курдук:
– Бу эн, оҕоҥ ханна баарый? – диэн ыйытан соһутта.
– Таһырдьа, миигин күүтэн турар – Лаана ыксаабыт куолаһынан хардарда. Ыйытыытыгар эппиэттээбэккэ буолан көр эрэ, субу хабарҕаҕар түһэн хайа тардаары күүтэн турарга дылы.
– Мин сип-сибилигин таһырдьаттан киирдим, онно биир да оҕо баарын көрбөтүм, – диэбитигэр Лаана соһуйан хараҕа хараҥаран, сүрэҕэ тохтоон ыларга дылы гынна. Аҕыйах сөкүүндэҕэ араас санаа бөҕөтө төбөтүн иһигэр элэҥнээтэ.
– Хайдах? – диэн уларыйан хаалбыт куолаһынан ыйытта.
Лаана манна хайдах да салгыы олорор кыаҕа суоҕун өйдөөтө. Өссө кыратык олоро түһэрэ буоллар, бу киһи чахчы кинини сахатытаары уолугуттан өрө ыйаан таһааран дуу, саҕатыттан ылан дуу, адьас сахсыйарга бэлэм турар курдук. Бакыатын түөһүгэр ыга туппутунан, баар суох күүһүн мунньунан, ыараан хаалбыт атахтарын нэһиилэ соһон, киирэр ааҥҥа таласта. Ааны аһаат да уун-утары сэкирэтээргэ кэтиллэ түстэ. Саҥата кыайан айаҕыттан тахсыбата, түргэн үлүгэрдик бакыатын туттараат, абааһыттан куотан эрэр курдук, санаатыгар тахсар аан диэки сүүрэн муҥнанна.
Һуу, бу тугуй? Ханна, туохха киирэн таҕыста? Лаана бачча сааһыгар диэри уу чумпутук, эйэ дэмнээхтик олорбута ээ. Кимниин да этиһиэхтээҕэр буолуох улаханнык саҥарсыбыта да суоҕа. Эгэ кинини үөҕүөхтэрэ дуо? Уонна кэлэн манныкка түбэстэ. Наһаа кэлэйдэ, эҥин араас дьон баалларыттан салынна. Арааһа, атын киһи манныгы эрдэ киниэхэ кэпсээбитэ буоллар, олох итэҕэйиэ суоҕа этэ.
Таһырдьа тахсан сибиэһэй салгыны түөһүн муҥунан өрө тыынаат, санаатыгар көхсө кэҥээн, уоскуйбут курдук буолла, оҕотун көрөөт чэпчии түстэ. Уол барахсан ийэтин кэтэһэн бачча куйааска соҕотоҕун буһа-хата тураахтыыр эбит. Тириппит-хоруппут, утаппыт, ийэтин күүппүт аҕай. Лаана «күндү чыычааҕын», сүрэҕин чопчутун түөһүгэр ыга тардан ыбылы кууста, түбэһиэх харса суох сыллаата. Ол иһин да, барахсан, күндү көмүһэ хайаан ийэтин күүппэккэ баран хаалыай? Ити сахабын дэнээччи бачча бүтүн, улахан оҕону саатар киһи баар диэн өйдөөн көрбөтөҕө сүрэ бэрт. «Көмүһүн» илиититтэн сиэтээт, туох эрэ куһаҕантан куоттарар курдук, сүүрэр-хаамар икки ардынан түбэһиэх, иннилэрин хоту бара турдулар. Ийэ киһи буолан сүрэҕин чопчутун, күндүтүн, боростуой киһи өйүгэр-санаатыгар сатаан батан киирбэт, тосту-туора тыллаах-өстөөх киһиттэн тэйитээри, түргэнник мантан тэскилиир санаалаах.
Ама да кини саха буола сатаабытын иһин, наһаа итинник кэбилэммэт буоллаҕа дии. Туох, туох диэтэ ити дууһа, оҕолору үөрэтэбин диэтэ дуу? Оо, улаатан эрэр уолаттары, барахсаттары сахатытаары төһө эрэ сордоон-муҥнаан, ытатан-соҥотон эрэрин айбыт таҥара билэн эрдэҕэ…
Лаана хаһан да көрбөтөх, олох билбэт уолаттарын ис сүрэҕиттэн аһынан, көмүскэтин уута иэдэһин устун субурус гыммытын көрдөрүмээри, кистии-саба илиитин көхсүнэн сотунна. Айбыт айыылартан айыллан кэлбит, эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр оҕолоро, хата бу «саха» илиитин иһигэр киирэн үөрэммэтэхтэриттэн иһигэр сүрдээҕин үөрэ санаата, таҥараҕа махтанан, түргэн үлүгэрдик кириэс охсунан ылла.
Светлана Чачуа.