Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол сабылларынан сибээстээн, «Полярные авиалинии» АХ Ми-8 бөртөлүөтүнэн пассажирдары таһыаҕа.
edersaas.ru
Авиахампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Маҕан — Манньыаттаах (Аллараа Бэстээх) — Маҕан туһаайыытынан таһаҕаһы уонна дьону таһаллар. Ол курдук, бу күннэргэ хампаанньа оробуочай бөлөҕө Манньыаттаах былаһааккатын көрдүлэр уонна федеральнай ирдэбилгэ эппиэттиирин быһаардылар.
Билиэттэри хампаанньа официальнай саайтыттан итиэннэ Маҕаҥҥа уонна Аллараа Бэстээххэ (Ленин уул., 36, төлөпүөн:8 (41143) 47-4-45) баар хаассалартан атыылаһыахха сөп.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1