ДЬОКУУСКАЙГА БЫҺЫЫНЫ БИЭРЭР ПУУННАР ААДЫРЫСТАРА
Коронавирус дьаҥын бохсор суһал ыстаап Дьокуускайга бүгүн, алтынньы 14 күнүгэр, быһыыны биэрэр пууннар аадырыстарын иһитиннэрэр. Быһыыны үлэ уонна өрөбүл күннэргэ балыыһаларга уонна эбии пууннарга ылыахха сөп. Пууннарга пааспардаах, полистаах, СНИЛС-таах тиийэҕит.
Быһыыны биэрэр пууннар аадырыстара:
Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиниката: (Киров уул. 19, 414-с №-дээх хос, 08:00-20:00; Семен Данилов уул. 30/1, 09:00-18:00)
Дьокуускай куорат мэдиссиинэҕэ киинэ: (Кальвица уул., 3; Севернай уул. 23, Тулагы, Порядин уул. 3; Кангаласс бөһ., Лесной уул. 7, 08:00-17:00)
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа: (Киров уул. 34, 08:30-20:00)
Дьокуускай куорат 2 №-дээх балыыһата: (Кузьмин уул. 3, 11-17 хостор, 08:00-17:00)
Эбии пууннар:
1. Маҕан, Алымов уул. 12/1, амбулатория, 09:00-13:00
2. Марха, Березовай уул. 11, 2-с хос, 08:00-17:00
Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата: (Лермонтов уул. 121; Хатас, Каландаришвили, 4/2; Табаҕа с., Строительнай уул. 31, 08:00 – 20:00)
«Аврора» мэдиссиинэ килииникэтэ: (Поярков уул. 20/1, 09:00-17:00).
Мария Васильева (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.