Ырыа күнүгэр күргүөмүнэн ыллаатыбыт (ХААРТЫСКА)

22.05.2017
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ Ырыа күнэ тэрээһиннээхтик ааста

Бэҕэһээ, ыам ыйын 21 күнүгэр – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа күнүгэр, эрдэттэн биллэриллибитин курдук,  Саха сирин улуустарыгар, куораттарыгар уонна Дьокуускай куораппыт Ленин аатынан болуоссатыгар күнүс 12 чаастан  күргүөмүнэн ырыа буолла.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Таһырдьа төһө даҕаны сөрүүн буоллар, бу күн болуоссакка элбэх киһи кэлбит. Мустубут  дьон  көрөөччү эрэ буолбата, дьон үксэ — кыттааччылар, ыллыан баҕалаахтар, ырыаны таптааччылар. Ол курдук, манна бааллар Дьокуускайтан  Арчы Дьиэтин хора, Бэтэрээннэр хордара уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэртэн – Тулагыттан, Хатастан, Маҕантан  Култуура  кииннэрин иһинэн үлэлиир хордар, ырыаһыттар, артыыстар, куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара.

Дьону-сэргэни бу бэлиэ күнүнэн Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева уонна култуура миниистирин солбуйааччы Николай Макаров эҕэрдэлээтилэр. Онтон дьэ, болуоссаттан, ыраахха диэри дуораһытан,  саха чулуу композитора Марк Жирков төрөөбүтэ 125 сылынан, кини муусукатыгар, А.Тимофеев тылларыгар “Төрөөбүт дойду туһунан ырыаны”, саха норуодунай бэйиэтэ  Семен Данилов төрөөбүтэ 100 сылынан, кини хоһоонугар, Захар Винокуров муусукатыгар “Эҕэрдэ ырыатын”,  тапталлаах Дьокуускай  куораппыт гииминин уонна “Ырыа күнүн” дьон бары күргүөмүнэн, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыллаата.

Бу күн биир уратытынан, “Ыллыыр омук кэскиллээх!” диэн бөлүһүөк К.Д.Уткин-Нүһүлгэн ырыа туһунан суруйууларын, анаарыыларын, кини ырыаларыттан таһаарыыны – саҥа кинигэни билиһиннэрии буолла.

—Халлаан төһө даҕаны саппаҕырдар, дьон санаата кэлэн, хото түмүстэ. Күргүөмүнэн ыллаан-туойан, үөрдэ-көттө, эрчим, күүс-уох иҥэриннэ, — диир “Дьүһүй”  сахалыы ырыа кулуубун салайааччыта, мелодист, ырыаһыт Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй.

Оттон Оҕо Дыбарыаһыгар Дьокуускайдааҕы  “Айыы кыһата” оскуола көҕүлээһининэн, Ырыа бырааһынньыга ыытылынна.

Биллэрин курдук, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаатата уонна Куораттааҕы  култуура, духуобунай сайдыы управлениета  кэнники сылларга Туймаада ыһыаҕын кэмигэр  маассабай кымыс иһиитигэр итиэннэ  саамай элбэх кыттааччылаах оһуохайга Гиннесс  рекордарын олохтооһуну тэрийбиттэрэ.  Оттон быйыл энтузиастар  Туймаада ыһыаҕар саамай элбэх ахсааннаах  национальнай  таҥастаах киһини түмэр былааннаахтар.

Дьэ, маннык  ураты рекорду олохтуурга бэлэмнэнии тэрээһиннэргэ  старт  чуолаан бу күн – Ырыа күнүгэр бэрилиннэ. Онон, күнүс 12 чаастан саҕалаан,  14-15 чааска диэри, онтон да салгыы  дьон сахалыы  национальнай таҥастаах  олус элбэх киһи мустубутун  үөрэ-сэргии көрдө.

Ырыа күнүн ыалдьыттарыгар өрөспүүбүлүкэ, куорат бастыҥ  вокальнай ансаамбыллара, кэлэктииптэрэ саамай сөбүлүүр ырыаларын, үҥкүүлэрин бэлэхтээтилэр, оттон Мелодистар түһүлгэлэрэ киэһээ 5 чаастан 7 аҥаарга диэри ырыа куттаах дьону-сэргэни умсугута түмтэ.

Саха намыын ырыата Туймаада үрдүнэн дьиэрэйдэ

Татьяна Маркова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0